23.11.2023 | 12:30

Оҕолору кымыһынан, хомуһунан чэбдигирдэр санаторий биһиэхэ эрэ баар

Төһө да 21-с үйэҕэ олохпут тупсубутун иһин, билигин да сэллиги кыайдыбыт диэн эрэллээхтик этэр кыахпыт суох. Аны аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт хоруона хамсыгын кэннэ сэллик өрө туруон сөп диэн аан дойду учуонайдарын сабаҕалааһыннара дьону-сэргэни ордук дьиксиннэрэр.
Оҕолору кымыһынан, хомуһунан чэбдигирдэр санаторий биһиэхэ  эрэ баар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Т.П. Дмитриева аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо сэллигин сэрэтэр санаторий Дьокуускай куорат Покровскайдыыр суолун 8 км, бэс чагда быыһыгар турар. Сирэ-уота киэҥ-куоҥ, тиэргэнэ сайын аайы чээлэй күөх көбүөрүнэн тэлгэнэр, сиэдэрэй сибэккинэн симэнэр.

Тэрилтэ Саха сиригэр оҕо аймаҕы уҥуох-сүһүөх сэллигиттэн быыһаабыт, норуот билиниитин, махталын, ытыктабылын ылбыт бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Ленин уордьанын, Үлэ Кыһыл знамятын кавалера Татьяна Парфеньевна Дмитриева аатын сүгэр. 1939 сыллаахха тэриллибит санаторий күн бүгүҥҥэ диэри инники кэскилбит, үүнэр көлүөнэбит чөл туруктаах, чэгиэн доруобуйалаах буоларын туһугар сылы эргиччи үлэлиир.

Нэһилиэнньэ билиҥҥэ диэри санаторий уонна балыыһа диэн тус-туспа буолалларын өйдөөбөт. Сорох-сорохтор аҥаардас «сэллик» диэн тылы истээт, дьик гына түһэллэр. Ол эрээри манна биир да сэлликтээх оҕо киирбэт диэн өйдүөх тустаахпыт. Билигин санаторийга сүрүн быраас – медицина билимин доктора, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Михаил Томскай салалтатынан ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр, чөлгө түһэрэр уонна чэбдигирдэр үлэ ыытыллар.

 

Сэллик ханна да сүтэ-симэлийэ илик...

Тыҥа 1-кы салаатын (1-е легочное отделение) сэбиэдиссэйэ Валентина Иннокентьевна Черёмкина тэрилтэ бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын, нэһилиэнньэҕэ санаторнай көмө хайдах оҥоһулларын сиһилии кэпсээтэ:

–  Коронавирус олохпутугар, үлэбитигэр үгүс уларыйыыны киллэрбитин билиниэх тустаахпыт. 2020 сылга диэри биһиги курдук хайысхалаах өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 10 санаторий (уопсайа холбоон 440 куойка-миэстэлээх) үлэлии турбута. Онтон доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр сарбыйыы ыытыллыбытын түмүгэр 8 санаторий сабыллыбыта. Бүгүҥҥү туругунан биһиги 150 куойка-миэстэлээх тэрилтэбит уонна Бүлүү куоратыгар 50 куойка-миэстэлээх санаторий эрэ хаалла.

Дьиэбит, дьиҥэр, икки куорпустаах. Ковид өрө туруон иннинэ анараа блокпутугар – оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор, оттон бу өттүгэр (Б куорпуска) оскуола оҕолоро тус-туспа сытар этилэр. Ол саҕана 200 куойка-миэстэлээх этибит. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 2020 сыл тохсунньу 2 күнүнээҕи бирикээһинэн А куорпуспут Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа корь ыарыһахтарыгар  бэриллибитэ. Онон Б блокпутугар олорон хаалбыппыт, ол сыл муус устар ыйга санаторийбыт сабыллан, ковидтаабыт оҕолор сытан эмтэнэр сирдэрэ буолбута. Сиэстэрэлэр, санитаркалар, о.д.а.  хаалбыттара, үс быраас (кэлин үгүстэр) ковиды утары биригээдэҕэ үлэлии барбыта. 2022 сыл бэс ыйын 7 күнүгэр министиэристибэ бирикээһинэн санаторийбыт үлэтэ Б блокка сөргүтүллүбүтэ, оттон А куорпуспутугар билигин реабилитационнай киин үлэлиир.

Стоматолог кабинета

Оҕолор биһиэхэ хайдах кэлэллэрий, ким ыытарый? Педиатр учуокка турар оҕону учаастактааҕы фтизиатрга ыытар. Салгыы сэллиги утары диспансер чинчийии, анаалыс түмүгүн көрөн, ыарыыга уорбаланар оҕону “Фтизиатрия” научнай-практическай киин стационарыгар ыытар. Оттон төрөппүттэрэ сэлликкэ ылларбыт оҕолор биһиэхэ химиопрофилактикаҕа кэлиэхтээхтэр. Манна эбэн эттэххэ, билигин учаастактааҕы педиатрдары кытта ыкса үлэлии олоробут. Кинилэр учуокка турбат, ол эрээри ковидтыы сылдьыбыт эбэтэр субу-субу тымныйар оҕолору биһиэхэ реабилитацияҕа диэн быһа ыытыахтарын сөп буолла. Тоҕо диэтэххэ коронавируһунан ыалдьа сылдьыбыт оҕо тута кутталлаах бөлөххө киирэр. 

Пандемия кэнниттэн оҕо улуустан кэлиитэ биллэ аҕыйаата. Бу балтараа сыл иһигэр баара-суоҕа 19 улуус хабылынна. Хоту улуустан 11 эрэ оҕо кэлэн барда. Бырайыас сыаната олус ыарахана, үп-харчы өттүнэн балаһыанньа уустуга биллэр. Ол эрээри оҕо аймахха сэллиги эрдэттэн сэрэтэр үлэ, коронавирус кэннэ чөлгө түһэрии, чэбдигирдии хайаан да ыытыллыахтаах. Ону сэргэ, олох ыарахаттарыгар түбэспит, үлэтэ суох хаалбыт дьон, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын оҕолоругар ураты болҕомто ууруллуохтаах. Тоҕо диэтэххэ сэллик, бастатан туран, – социальнай ыарыы. Бу уодаһыннаах ыарыы урут да, билигин да баар, ханна да сүтэ-симэлийэ илик.

Коронавирус дьаҥа туруоҕуттан сэллик умнууга хаалбыт курдук буолбута. Дьиҥэр, сэллик уонна коронавирус иккиэн тыҥаны, тыынар уорганнары сүһүрдэллэр, онон икки өстөөҕү биир хааһахха хаалаабыт тэҥэ.

Аан дойду учуонайдара сабаҕалыылларынан, сэллигинэн ыалдьыы элбиэҕэ. Онон ыарыыны эрдэттэн быһаарар, сэрэтэр үлэ күүһүрүөхтээх. Манна оҕоҕо химиопрофилактика медицинскэй үлэһит ураты хонтуруолунан, санаторий усулуобуйатыгар ыытыллыахтаах диэн этэр тоҕоостоох.

Реабилитационнай салаа үлэһиттэрэ

 

Усулуобуйа бэртээхэй!

Санаторийга 1,5-тан 14-гэр диэри саастаах оҕолор 21 күн, 1-1,5 ый сыталлар. Урут чэбдигирдии уһун кэмнээх буолара. Мин тиийэ сырыттахпына, 90 оҕо баара.

Манна лабораторнай, иммунологическай чинчийии элбэх көрүҥэ, ол иһигэр УЗИ, рентген эмиэ ыытыллар.  Хас биирдии оҕоҕо чэбдигирии бырагыраамата тус-туспа буолар. Лор, офтальмолог быраастар хайаан да көрөллөр-истэллэр. Бэл диэтэр, стоматолог кабинета баар. Аныгылыы тупсаҕай аппарааттарынан хааччыллыбыт реабилитационнай салаа үлэһиттэрэ электрофорезтан саҕалаан электросон, биоптрон, магнито, о.д.а. терапияҕа тиийэ эмтээһин араас ньыматын баһылаабыттар. Маны сэргэ, чэбдигирдии кэлим бырагырааматыгар кислороднай коктейль, минеральнай ууну, эмтээх үүнээйилэртэн көөнньөһүктэри иһии, ЛФК, массаас о.д.а. киирэллэр.

Санаторийга оҕолор күҥҥэ алтата аһыыллар. Меню ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйданан оҥоһуллар. Ас-үөл барыта иҥэмтэлээх, битэмииннээх, тотоойу. Оҕолор ыйааһыннара эбиллэр, сорохтор аҕыйах нэдиэлэ иһигэр улаатан хоройоллор.

Култуурунай-маассабай тэрээһиннэр, араас күрэхтэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Сайын оҕолор экскурсияларга, музейга, тыйаатырга, киинэҕэ, циркэҕэ, бассейҥҥа сылдьан, санаторий киэҥ-куоҥ тиэргэнигэр оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн, астына-дуоһуйа сынньанан бараллар.

Оҕолор күҥҥэ алтата аһыыллар

 

Кэскиллээх хайысхабытын салгыы сайыннарыахпыт

Туяра Владимировна Ионова, санаторий сүрүн медсиэстэрэтэ:

– 2017 сылтан биһиги санаторийбытыгар оҕо аймаҕы чэбдигирдэр бырагыраама национальнай концепцията оҥоһуллубута. Онно өрөспүүбүлүкэбит килиимэтиттэн саҕалаан төрүт култуурабыт уратыта барыта учуоттаммыта. Ол чэрчитинэн күннээҕи менюга төрүт ас – балык, отон, кымыс киллэриллибитэ. Олохтоох оҥорон таһаарааччылартан дьиҥнээх биэ кымыһын ылар этибит. Ол курдук, санаторийга үс ый сыппыт 8-тан 13-гэр диэри саастаах 20 оҕону кэтээн көрбүппүт. Кинилэргэ нэдиэлэҕэ үстэ 100 мл кымыс иһэрдэр этибит. Үс ыйдаах чинчийии түмүгүнэн оҕолор периферическэй хааннарын көрдөрүүтэ биллэ тупсубута бэлиэтэммитэ. Итинэн кымыс доруобуйаҕа туһалааҕын, иммуннай систиэмэни күүһүрдэрин бигэргэппиппит.

Маны сэргэ, хомус терапиятын, саха төрүт оонньууларын киллэрэ сылдьыбыппыт. Хомус оҕо доруобуйатыгар дьайыытын быһаараары, 6-тан 13-гэр диэри саастаах 20 оҕону кэтээн көрбүппүт. Дьарык үс ый устата нэдиэлэҕэ үстэ 20-лии мүнүүтэ ыытыллыбыта. Психолог куурус саҕаланыан иннинэ уонна бүппүтүн кэннэ тест оҥорторбута. Ол түмүгэр оҕолор уйулҕалара, ис туруктара биллэ тупсубута бэлиэтэммитэ. Маны сэргэ, тыҥа туругун быһаарар спирометрия көрдөрүүтэ эмиэ үтүө өттүгэр уларыйбыта. Ити курдук, үлэбит бу хайысхата көдьүүстээҕэ, кэскиллээҕэ биллибитэ, онон национальнай концепциябытын салгыы сайыннарар санаалаахпыт.

  

Улуустан кэлии аҕыйаата

Клара Семеновна Евсеева, ординатор быраас:

– Биһиги санаторийбыт 1939 сыллаахха тэриллибитэ. Бүтүн Сойуус үрдүнэн биллибит Татьяна Парфеньевна Дмитриева 41 сыл сатабыллаахтык салайан, атаҕар туруорбута. Кини саха норуотун иннигэр үтүөтэ, өҥөтө үйэ тухары умнуллубат, биһиги санаторийбыт кини аатын сүгэринэн киэн туттабыт. Татьяна Парфеньевна үлэтин утумнааччыта, үөрэнээччитэ Людмила Ильинична Матвеева салҕаабыта.

Бу иннинэ үлэбит сүрдээх киэҥ этэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уон санаторий баара, барыларын кытта ыкса үлэлии олорбуппут. Сылга аҕыйаабыта иккитэ командировкаҕа барарбыт, улуустарбыт үлэлэрин-хамнастарын көрөн, сүбэлээн-амалаан кэлэрбит. Пандемия кэнниттэн учуокка турар оҕолору санаторийга ыытыы, улуустан кэлии аҕыйаата. Аны оскуолабыт сабыллан хаалла. Урут төрөппүттэр оҕобут үөрэҕин көтүтүө диэн долгуйбат этилэр. Баҕар, ол иһин эбитэ дуу, эбэтэр үп-харчы боппуруоһа кыаллыбатыттан дуу, оҕолору санаторийга ыыталлара ыарахан буолла.

Билигин сүрүн кыһалҕанан, чуолаан улахан дьоҥҥо, сэллик утары эми тулуйар бактыарыйалар, палочкалар үөскээбиттэрин ааттыахха сөп. Оннук дьону, кинилэртэн сыстыбыт оҕолору эмтиир сүрдээх уустук. 6-гар диэри саастаах кырачааннар ыарыыга ордук бэринэллэр, «контакка» түбэстэхтэринэ, тута хабан ылыахтарын сөп. Оттон арыый бороохтуйдахтарына, иммунитеттара күүһүрэн, син утарылаһар буолаллар. Сэллик биллэрбэккэ сылдьан, организмы кэбирэтэрэ ордук кутталлаах. Сороҕор ыарыыны эрдэттэн быһаарбакка, тумууга, ОРВИ-га балыйтаран, баалатан кэбиһиэххэ сөп. Бу ыарыы тыҥаны, тыынар уорганнары ордук сиирин үгүс киһи билэр. Ол эрээри хараххыттан саҕалаан мэйиигэр тиийэ улахан охсууну оҥорор кутталлаах.

«Контакка» түбэспит оҕолор улахан кутталга сылдьаллар, кинилэри хайаан да кэтээн көрүөххэ, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыахха наада.

Улахан оҕолор палааталара
Бары дьарыктаахтар
Күөх муннук

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...