"Оҕолору балаһааккаттан атаарабыт" ааксыйа салҕанар
Дьокуускай таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна киин куорат бары уокуруктарыгар “Оҕолору балаһааккаттан атаарабыт” ааксыйа салҕанан бара турар.
Дьаҥ тарҕаныытын уодьуганныыр сыалтан уокурук салалтатын үлэһиттэрэ күннэтэ оҕо балаһааккаларын кэрийэллэр.
Коронавируһу утары үлэлиир Дьокуускайдааҕы суһал штаб иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, күн аайы кыччаабыта 5 балаһааккаҕа оҕолор бэйэлэрэ эбэтэр төрөппүттэрин кытта оонньуу сылдьаллара бэлиэтэнэр. Ааксыйа ыытыллыбытын устата оҕо балаһааккатыгар улахан дьоно суох оонньуу сылдьар 123 оҕо дьиэлэригэр атаарылыннылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускайга уопсайа 592 оҕо балаһаакката баар.
“Уопсай түмүгү таһаардахха, балаһааккаҕа оонньуу тахсар оҕо ахсаана аҕыйаата. Урут күн аайы 22-гэ тиийэр балаһааккаттан оҕолору дьиэлэригэр илдьэр эбит буоллахпытына, бу кэнники күннэргэ ортотунан 5 балаһааккаттан оҕолору атаарабыт”, - диэн суһал штабка кэпсээтилэр.
Оҕо балаһааккаларын кэтээн көрүү күннэтэ, Докуускайга ураты бэлэм буолуу эрэһиимэ көтүрүллүөр дылы ыытыллар. Куорат олохтоохторо, оҕолоргутун көрүүтэ-истиитэ суох таһырдьа таһаарымаҥ, бэйэ изоляциятын эрэһиимин кытаанахтык тутуһуҥ!