Оҕолоргутун коронавирустан харыстааҥ!
Коронавирус тарҕаныытын бохсор сыаллаах олохтоммут хааччахтар сыыйа сымнаан, көтүрүллэн эрэллэр – Арассыыйа бэйэ изоляциятын эрэсиимиттэн тахсар суолу тутуста. Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын специалистара, төһө да хааччахтар сымнаабыттарын, ыарыһах ахсаана кыралаан кыччыы турарын иһин, харыстаныы миэрэлэрин умнубаппытыгар сүбэлииллэр.
Маннык сайыҥҥы куйаас сатыылаабыт күннэригэр ордук оҕолор дьиэҕэ хааллан олороллоро уустук. Онон оҕолору салгыҥҥа таһааран дьаарбатар хайаан да наада, маныаха кэккэ быраабылалары тутуһуохтаахпыт:
1. Социальнай тэйиччи туттууну тутуһуу. Атын дьонтон 2 м ыраах сылдьыллыахтаах. Оҕо туора дьонтон сатаан тэйиччи туттубат буоллаҕына, дьоно суох сиргэ дьаарбайарга кыһаллыҥ.
2. Оҕоҕо тиийимтиэтик быһааран биэриҥ: сирэйин илиитинэн туттуо суохтаах, муннун, хараҕын ньуххаммат. Оҕолорго кутталлаах инфекция ордук кирдээх илиинэн сирэйи-хараҕы тыытартан тарҕанар.
3. Оҕону кыра сааһыттан тус гигиенаны тутуһарга үөрэтиҥ. Ыраас буолуу – саамай туһалаах үөрүйэх. Илиигитин элбэхтик мыылалаан суунуҥ – оҕолоргутугар холобур буолуҥ. Аһыаххыт иннинэ, таһырдьаттан киирэн баран, тахсан киирэр сиргэ сылдьан баран илиибитин хайаан да кичэллээхтик суунуохтаахпыт.
4. Оҕолор тулалыыр эйгэни кытта илиилэринэн эрэ алтыспаттар, эттэрин аһаҕас чаастарынан барытынан сысталлар. Ол иһин балаһааккаҕа оонньоон баран аһаҕас сылдьыбыт сирдэрин барытын дезинфекцияланыахтаах. Илиини, сирэйи суунуунан муҥурдаммакка, таһырдьа оонньоон киирбит оҕо этин бүтүннүүтүн душка сууйар тоҕоостоох.
Дьокуускайга, санитарнай уонна эпидемиологическай ирдэбиллэргэ олоҕуран, оҕо балаһааккалара, уопсастыбаннай сирдэр кэмиттэн кэмигэр дезинфекцияланаллар. Ыраастаммыт, анал сириэстибэлэринэн ыстарыллыбыт балаһааккаларга оонньуур туох да куттала суох эрээри, манна оҕо ахсааныттан көрөн оонньотуохха наада. Төрөппүт оҕотун таһырдьа илдьэ сылдьарыгар бэйэтэ эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Коронавирус араас малга-салга өр сыстан сытар, ол иһин оҕоҕо, ону-маны тутан-хабан тахсар киһиэхэ, уопсастыбаннай сирдэргэ сылдьар ордук сэрэхтээх.
Сөптөөх дьаарбайыы хайдах буолуохтааҕый?
Хайаан да социальнай тэйиччи туттууну тутуһабыт, мааска, бэрчээкки кэтэбит. Таһырдьа уһуннук сылдьар буоллахпытына, сөп буола-буола илиибитин дезинфекцияланыахтаахпыт, ордук элбэх киһилээх сиргэ сылдьар кэммитигэр. Тугу эрэ туттубут, ханна эрэ олорон ыллыбыт да илиибитин ыраастанабыт.
Оҕолору маҕаһыыҥҥа илдьэ тахсар сөп дуо?
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата сэрэтэринэн, оҕолору маҕаһыыҥҥа уонна да атын уопсастыбаннай сирдэргэ илдьэ сылдьыы – доруобуйаҕа улахан кутталы үөскэтии. Оҕолору дьиэҕэ хаалларыҥ эбэтэр маҕаһыыҥҥа киллэрбэккэ, таһырдьа кэтэһиннэриҥ.
Оҕо мааска кэтэрэ наада дуо?
Биллэн турар, кырачаан оҕоҕо бачча куйааска мааска кэтэрдэр олус ыарахан. Онон 7 сааһыгар диэри оҕолорго, саамай сүрүнэ, социальнай тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһуннарыахха наада.
Улахан оҕолор мааска кэтэллэрэ булгуччулаах.
Хамсаныы-имсэнии, сүүрүү-көтүү кэмигэр мааска түргэнник сиигирэр. Сиигирбит мааска нөҥүө тыынар ыараханын таһынан, сииктээх мааска харыстыыр күүһэ сүтэр.
Онон оҕолор бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи тутталлара, туора дьону кытта алытспат буолаллара – саамай туһалаах профилактика.
Оҕолор коронавируһунан ыалдьаллар дуо?
Ыалдьаллар. Чэпчэкитик аһарыналлар эбэтэр туох да сибикитэ суох ыалдьаллар. Онон оҕолор ыарыыны тарҕатааччы оруолун толороллор.
Ол иһин уопсай статистикаҕа оҕо ыалдьара аҕыйах курдук эрээри, коронавируска сутуллубут оҕо ахсаана элбэх. Тоҕо диэтэххэ, бу вируһу туох да сибикитэ суох илдьэ сылдьыан сөп буолан, ыалдьыбыта биллибэккэ да хаалыан сөп.