16.09.2022 | 13:00

Оҕолордоох ыал дьиэ атыылаһалларыгар көмөнү хайдах ылалларый?

Оҕолордоох ыал дьиэ атыылаһалларыгар көмөнү хайдах ылалларый?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Төрөппүттэргэ бүддьүөттэн харчы ыларга көмөлөһөр хас да бырагыраама баар эбэтэр ипотеканан бырыһыаҥҥа көрүллэр.

7 %-ҥа диэри чэпчэтиилээх ипотека

Бу 2018 сылга диэри төрөөбүт оҕолордоох ыалга табыгастаах бырагыраама. Аҥаардас тутууга эбэтэр саҥа тутулла турар таас дьиэҕэ көрүллэр. 

Бастакы усунуос — 15 %. Кирэдьиит муҥутуур суумата – 6 мөл.солк. эбэтэр 12 мөл.солк. Лимит чэпчэтиилээх уонна ырыынак ставкаларын дьүөрэлээһин суотугар улаатыан сөп.

6 %-ҥа диэри дьиэ кэргэн ипотеката

Бу 2018 сылтан оҕоломмут ыалга барсар. Өскөтүн, оҕо инбэлиит буоллаҕына, төрөөбүт сыла улахан суолтата суох. Уһук Илиҥҥэ — оҕо 2019 сылтан саҕалаан төрөөбүт буоллаҕына, тыа сиригэр иккис ырыынак дьиэлэрин атыылаһыахха сөп.

Бастакы усунуос — 15 %.  Кирэдьиит муҥутуур суумата – 6 мөл. эбэтэр 12 мөл. солк. Кэлин бу бырагырааманан рефинансирование оҥорторуохха сөп.

IT ипотека – 5 %-ҥа диэри

Аккредитацияламмыт хампаанньалар үлэһиттэригэр хамнас 150 000 солк. кыра буолуо суохтаах. Кирэдьиити саҥа дьиэни атыылаһарга эбэтэр дьиэ тутуутугар ылыахха сөп.

Бастакы усунуос — 15 %.  Муҥутуур суумата – 9 мөл. эбэтэр 18 мөл. солк. тиийэ улаатыан сөп. IT хампаанньа үлэһитэ бу бырагырааманан биирдэ эрэ туһанар кыахтаах.

Ийэ хапытаала

Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ 2020 сылтан, иккис уонна кэнники оҕолорго — 2007 сылтан. Ипотеканан бастакы усунуос быһыытынан туһаныахха сөп, иэс төлүүргэ, бырыһыан эбэтэр олорор дьиэни кирэдьиитэ суох атыылаһарга туһанар кыах баар. Маны сэргэ чааһынай дьиэни тутууга уонна саҥардыыга.

Ийэ хапытаалын 2022 с. кээмэйинэн – 639 144,10 солк.

Элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын төлүүллэригэр

2019 сылтан үһүс эбэтэр кэнэҕэски оҕо төрөөтөҕүнэ бу бырагыраама үлэлиир кыахтаах. Сүрүннээн иэс төлүүргэ уонна олорор дьиэни атыылаһарга эбэтэр дьиэ туттарга уонна кирэдьиит бырыһыанын төлүүргэ көрүллэр.

Суумата – 450 000 солк. диэри. Эбии ийэ хапытаалыгар уонна чэпчэтиилээх ставкаҕа туһаныахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Сири иилии эргийиэм!
Дьон | 12.04.2024 | 18:00
Сири иилии эргийиэм!
Кэбээйи Арыктааҕыттан төрүттээх Иннокентий Ноговицын бэлисипиэтинэн аан дойдуну биир гына айанныыр хоббилааҕын туһунан хас да сыллааҕыта суруйан турабыт. Иннокентий киһини кытта кэпсэтэригэр элбэх ууну-хаары эрдибэккэ, аҕыйах тылынан чуо ыйытыыга эрэ хоруйдуурун  билэр буоламмын, Кытайга тиийбититтэн саҕалаан, бассаабынан элбэх да элбэх ыйытыыларбынан көмөн туран, наадалаах информациябын хостоон ыллым. Кинини ыра санаатын...
Зоя Желобцова:  «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
Дьон | 11.04.2024 | 10:00
Зоя Желобцова: «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
«Үчүгэй киһи» диэн хайдах киһини ааттыылларый? Арааһа, бастатан туран, дьоҥҥо эйэҕэс, аламаҕай, үөрэ-көтө сылдьар, барыга-бары кыһамньылаах, үлэһит киһини ааттыыр буолуохтаахтар. Дьэ, оччотугар, биһиги дьүөгэбит Зоя Константиновна Желобцова онуоха сүүс бырыһыан эппиэттэһэр. Киһи киһитэ буоллаҕа биһиги Зоябыт!   Оттон киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр дьонугар-сэргэтигэр, ыччаттарыгар хайдах суолу-ииһи, ааты, өйдөбүлү хаалларара...
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Сонуннар | 11.04.2024 | 18:00
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла 55-с сылын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үҥкүүтүн эйгэтигэр суолу тэлбит ансаамбыл үөрүүлээх тэрээһинин туһунан санаа атастаһыыларын ааҕыҥ.
НВК Саха бырагыраамата муус устар 8-14 күннэригэр
Сонуннар | 07.04.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата муус устар 8-14 күннэригэр
Понедельник, 8 апреля 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 Саха Сирэ 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Сайдыс 6+ 11:15 Улэ дьоно 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 Уонна...12+ 16:00...