Оҕолорбутун сааратабыт
Бэйэ изоляциятын кэмэ ордук куорат дьиэтигэр, кыараҕас кыбартыыралаах дьоҥҥо ыараханнык ааһар. Оҕолор оонньуурдарыттан салҕаллар, таһырдьа тахсан күүлэйдиэхтэрин баҕараллар. Оҕону араас албаһы туһанан сааратыахха сөп.
Пластилин оҥоробут
1 ыст. уу, 1 ост нь. мас арыыта, 0.5 ыст. туус, 1 ост. нь. лимоннай кислота, пищевой краситель, 1 ыст. бурдук.
Барытын холбуу булкуйан баран кыра уокка туруоран сылытабыт. Сылыйда да уоттан ылан бурдук эбэ-эбэ мэһийэн биэрэбит. Лимоннай кислота пластилиммыт амтанын аһыы оҥорор, онон оҕо сиэбэт. Холодильникка салапааҥҥа уган уура сылдьыҥ.
Гречканан уруһуйдуубут
Карантин кэмигэр Арассыыйа олохтоохторун саамай хаһааммыт куруппалара – гречка. Ханнык эмэ хоруопка түгэҕэр гречканы кутабыт. Оҕоҕо харандаас дуу, уруучука дуу биэрэн, буукубалары эбэтэр боростуой биридимиэттэри уруһуйдууругар соруйдах биэрэбит.
Ким түргэний
Тугу баҕарар тамнааттаан баран хомуйарга күрэхтэһии биллэриэххэ сөп. Эбэтэр оҕолор бэйэлэрэ ыспыт оонньуурдарын хомуйууга күрэхтэһэллэр.
Кирдээх таҥаһы мунньар корзинаҕа, сыалы таба быраҕыыга таҥас тамнааттыахха сөп.
Бытархай мармеладтары, маршмеллоу мас палочкаларынан хомуйабыт.
Пластик ыстакааннарынан башня тутабыт.
Канат суолунан
Устуул уонна остуол атахтарыгар быалары баайталыыбыт. Канат суол буолар. Вешалкалары иилэн, онно сымнаҕас оонньуурдары олордон, оҕо бэйэтэ айаннатар – канатнай суол тойоно буолар.
Сумолар киирсиилэрэ
Оҕолор улахан дьон футболкаларын кэтэллэр. Иннилэригэр-кэннилэригэр сыттыктары симсэллэр. Уонна тустуу көбүөрүгэр киирэллэр. Ким бастаан охтубут – хотторор.
Теннис
Хортуонтан төгүрүктэри быһабыт. Линейкаҕа эбэтэр суши палочкатыгар сыһыарабыт – ракетка бэлэм. Мээчик оннугар шаригы үрэбит. Теннистиибит.