12.08.2022 | 10:00

Оҕолорбут хайдах бэлэмнээхтэринэн бэркэ кытыннылар

От ыйын 28 – атырдьах ыйын 7 күннэригэр Владивостокка ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VII-с Cпортивнай оонньуулар ньиргийэн ааһа оҕустулар.
Оҕолорбут хайдах бэлэмнээхтэринэн бэркэ кытыннылар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Кичэллээх бэлэмнээх, эт-сиин өттүнэн сайдыылаах, спорка дьоҕурдаах икки тыһыынча кэриҥэ 13-16 саастаах оҕолор кыайыы үөрүүтүн биллилэр, төрөөбүт-үөскээбит сирдэрин-дойдуларын соргулаахтык ааттаттылар. Уһук Илин киин куората омуктар доҕордоһууларын, ил-эйэ түһүлгэтигэр кубулуйда! Спорт 19 көрүҥүн чаҕылхай түгэннэрэ умнуллубаттык өйгө-санааҕа иҥнилэр. Приморье кичэллээхтик бэлэмнэммит. Владивосток аан дойду таһымнаах киэҥ тэрээһиннэри ыытарга олус табыгастаах, улахан сайдыылаах куорат. Куорат ырааһа, дьоно-сэргэтэ судургута, тутуулара тупсаҕайдара, уулуссаларын суоллара үчүгэйэ, чээлэй күөх ото-маһа хойуута сылдьыбыт, көрбүт эрэ хараҕын манньыталлар. Сахабыт сириттэн “ыалдьааччы” элбэҕэ үөртэ.

Көрдөрүүлэр

Биһи спортсмен оҕолорбут бадминтонтан ураты 18 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр. 20 хамаандаттан уопсай түмүккэ VI-с миэстэҕэ тигистилэр. Манна оҕолорбут туох-баар кыахтарынан күрэхтэспиттэрин бэлиэтиэххэ наада. Ол курдук, барыта 37 мэтээли аҕаллылар: 12 кыһыл көмүс, 10 үрүҥ көмүс, 15 боруонса. Ааспыт Оонньуулары кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы көрдөрүүбүт быдан сэмэй. Үс иһигэр киирбэтибит.

Мэтээллэри ылаттаабыт көрүҥнэрбит:

Харбааһын (1): Владислав Адасько – 3 миэстэ (Дьокуускай);

Чэпчэки атлетика (2): 100 м Аксинья Панова – 1 миэстэ (Дьокуускай, Табаҕа), 400 м – Артем Балан (Нерюнгри);

Көҥүл тустуу (4): Амелия Лаптева – 2 миэстэ (Хаҥалас), Жанна Докторова – 2 миэстэ (Кэбээйи), Эрхаан Куличкин – 3 миэстэ (Дьокуускай), Роман Кириллин – 3 миэстэ (Сунтаар);

Дзюдо (1): Елизавета Шамеева – 3 миэстэ (Дьокуускай);

Бокса (3): Александра Слепцова – 1 миэстэ (Мэҥэ Хаҥалас, Эбээн-Бытантай), Нарыйаана Васильева – 3 миэстэ (Ньурба), Вадим Дербин – 3 миэстэ (Хаҥалас);

Кураш диэн татардар тустууларыгар (1): Анастасия Попова – 3 миэстэ (Покровскай);

Буулдьанан ытыыга (3): Екатерина Алексеева – 1 миэстэ (Дьокуускай), Айхал Ковров – 2 миэстэ (Горнай); Любовь Кардашевская (Чурапчы) уонна Айхал Ковров буккаас паараҕа – 3 миэстэ.

Күүтүллүбүн курдук,  элбэх мэтээли спорт сахалыы көрүҥнэрэ аҕаллылар.

Атах оонньуута (10): кылыыга Данил Володин 2 м, Валентин Васильев 3 м; ыстаҥаҕа Данил Володин 2 м, Валентин Васильев 3 м, Ксения Калачевская 2 м; куобахха Данил Воеводин 1 м (34м 61 см – рекорд олохтоото – Аапт.), Валентин Васильев 3 м; үс көрүҥ түмүгүнэн Данил Володин (Өлүөхүмэ) 2 м, Валентин Васильев (Дьааҥы) 3 м (иккиэн Дьокуускайга “Модун” спорткомплекска эрчиллэллэр – Аапт.), Ксения Калачевская (Мииринэй) 3 м;

Хапсаҕай (6): Алексей Корякин 45 кг (Мэҥэ Хаҥалас), Вячеслав Ноговицын 50 кг (Кэбээйи), Влад Ноговицын 55 кг (Сунтаар), Дмитрий Винокуров 62 кг (Бүлүү), Алексей Захаров 70 кг (Бүлүү) кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаатылар, Адам Николаев – боруонса призер (Ньурба).

Мас тардыһыыта (5): 50 кг Айаал Гуляев (Уус Алдан), 60 кг Роберт Удин (Сунтаар), Юлиан Сидоров (Сунтаар) – кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыттара, Игорь Пшенников (Өлүөхүмэ) – үрүҥ көмүс, Айтал Антонов (Амма) – боруонса.

Мини-футбол (1): Алексей Захаров, Игорь Калинин, Даниил Драч, Айкаар Мучин, Никита Павлов, Андрей Разуваев, Артем Романов, Максим Рудых, Данил Марсунов, Илья Тюкин оонньооччулардаах хамаанда финалга тахсар иһин оонньууга Кыргызстаны 6:0, финалга 16-гар диэри саастаах уолаттарга быйыл Арассыыйа чөмпүйүөнэ Урал хамаандатын кытта оонньуулара 4:8 түмүктэннэ. Инньэ гынан футболистарбыт үрүҥ көмүс мэтээллэргэ тигистилэр.

Онтон атын, биһиэхэ улаханнык тэнийэ, сайда илик кумахха волейболга, “3х3” баскетболга, “брейкинг” үҥкүү спордун көрүҥэр бүтэһик миэстэлэри ылаттаатылар. Художественнай гимнастикаҕа бэркэ баран иһэн предметтэрин мүччү тутан кэбистилэр. Мэтээллэргэ суоттаммыт “бэйэбит көрүҥнэрбитигэр” греко-римскэй тустууга, тхэквондоҕа, остуол тенниһигэр, самбоҕа,  оҕунан ытыыга эрийсиилээх, тэҥ киирсиилэргэ мэтээлэ суох хааллыбыт. Балачча ситиһиилээхтик кыттыахпытын сөптөөх түгэннэри куоттардыбыт.

Бу иннинээҕи “Азия оҕолоро” НИСО Саха сирин сүүмэрдээмит хамаандатын кыһыл көмүс мэтээллэрин уонна миэстэлэринэн тэҥнээн көрдөххө: 1996 с. – 31, I м, 2000 с. – 33, I м, 2004 с. – 36, I м, 2008 с. – 116, I м, 2012 с. – 40, I м, 2016 с. – 27, II м. Тэрээһиннэр ханан да “уу бычыгыраабат” чаҕылхайдар этэ. Алта Оонньуулар бары Дьокуускайга ыытыллыбыттара, күрэхтэһэргэ бары өртүнэн бэртээхэй усулуобуйалар тэриллибиттэрэ. Кэлии дэлэгээссийэлэргэ ураты болҕомто баара. Ол туһунан атын хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ үтүө тылларынан ахталлар, Саха сиригэр тиийэ сылдьыахтарын баҕараллар.

Хааччахтааһыннар охсуулара

“Азия оҕолоро” III, IV, V, VI Оонньууларын тэрийэн, салайан ыыппыт, 2003-2016 сс. СӨ Госкомспордун бэрэссэдээтэлэ уонна спорт миниистирэ, билигин Ил Түмэн физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа уонна СӨ физическэй култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ Михал Гуляев Оонньуулар тэрээһиннэригэр уонна түмүктэригэр санаатын үллэһиннэ:

– 2020 с. пандемия мэһэйдээн Оонньуулар буолбатахтара. Былырыын Приморскай кыраай губернатора Олег Николаевич Кожемяко өйөөн, ыытарга ылынан, кылгас кэм иһигэр бэлэмнэнэн, стадионнарын, спортивнай саалаларын өрөмүөннэрин бүтэрэн, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа эппиэттиир инвентарьдары, оборудованиелары аҕалан, күрэхтэһиилэри үчүгэй таһымҥа ыыттылар.

Тэрээһиҥҥэ биир улахан алҕас оҥоһулунна.  Ону биһиги 2024 с. хатылаабаппыт туһугар этэбин. Ол – тренердэри оҕолортон ыраах “Нуучча арыытыгар (Русский остров”) олохтообуттара, оттон оҕолору туспа “Океан” лааҕырга олордубуттара буолла. Аны икки сылынан “Азия оҕолоро” НИСО бэйэбитигэр ыытыллыахтара. Онно күрэхтэһиилэр түмүктэрин ырытан, сыыһаларбытын көннөрөн, бу күнтэн үлэ саҥаттан туруоруллуохтаах.

Мин манныктарга тохтуом этэ.

Бастакытынан. Пандемия кэмигэр биһиги оҕолорбут дьиэлэригэр хаайыллан олордулар. Оннук сыыһа дьаһал тахсан, оҕо спорда хааччахтанна. Атын омук дойдуларыгар, Арассыыйа киин куораттарыгар оҕолору биир базаҕа кииннээн, дьарыктаан, процеһы тохтоппотохтор. Онтон биһиэхэ Олимпийскай эрэл училищебытын икки сыл устата ковид ыарыыны эмтиир балыыһа оҥорбуттара олох өйдөммөт дьаһал. Куорат курдук киэҥ сиргэ ханна баҕарар балыыһаны аһыахха сөп этэ.

Иккиһинэн. Иккис улахан сыыһанан ааҕабын – 2021 с., Олимпийскай эрэл училищета көрдөрүүтэ (результата) суох диэннэр, “Азия оҕолоругар” түөрт саамай кыттар – чэпчэки атлетика, буулдьанан ытыы, тхэквондо, хайыһар –  отделениеларбытын сабан, оҕолор дьарыктанар сирдэрэ, базата суох хаалбыттара. Уһун уонунан сыллар усталарыгар үлэлээн кэлбит систиэмэни суох оҥордулар. Маны саҥаттан тэрийэр, урукку чөлүгэр киллэрэр улахан уустук буолуо дии саныыбын. Оҕолорбут сүүрэр, буулдьанан ытар, аҕыс ыйдаах уһун кыһыннарга хайыһарынан дьарыктанар усулуобуйалара суох хааллылар. Бу сыыһа дьаһал көннөрүлүннэҕинэ табыллар. 2021 с. Нерюнгри, Сунтаар, Чурапчы Олимпийскай солбук оскуолаларыттан 27 штаты кыччатыы буолбута. Ол түмүгэр 1800 оҕо анал тренерэ суох хаалбыта, дьарыктанан бүппүттэрэ.

Үсүһүнэн, оҕо спордугар элбэх үбү-харчыны выезтарга, сбордарга көрүөххэ наада. Атын сирдэргэ саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ күрэхтэһэн, көрдөрүүлэрэ тупсуо этэ. Сбордар күрэхтэһии барар сирдэригэр буолаллара ордук. Тренердэр билиилэрин хаҥатар куурустарга, семинардарга, научнай-практическай конференцияларга, форумнарга кыттыахтарын наада. Хас биирдии тренер биллиилээх учуонайдар үлэлэрин ааҕан, методикатын тупсаран иһиэхтээх. Старшай тренердэр ситиминэн кэлэр технологиялары туһаныыны баһылыахтаахтар.

Оттон оҕолорбут бэйэлэрэ өйдөрө-санаалара төһө тиийэринэн сүрдээҕин кыһаллан күрэхтэстилэр.

Оонньууларга бэлэмнэниинэн уонна хамаанданы сүүмэрдээһининэн  дьарыктаммыт СӨ Спорка солбугу бэлэмниир киин дириэктэрэ, РФ уонна СӨ үтүөлээх тренерэ Василий Егоров:

– Үбүлээһин кыаллыбата. Икки сыл устата дьиэлэригэр олорбуттара, “дистанционно” эрчиллибиттэрэ билиннэ. Итинник дьарыктаныы көдьүүһэ намыһаҕа биллэр. Оттон омук дойдуларын уонна Арассыыйа киин регионнарын оҕолорун “выезтара” сөхтөрөр. Узбекистан оҕолоро отуччалыы норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга кыттыбыттар! Маастарга кандидаттардаахтар, спорт маастардара кытта бааллар. Биһиги Сахабыт сирин оҕолоро өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдиир күрэхтэһиилэригэр, саамай ырааппыта Уһук Илиҥҥэ сылдьыбыт “уопуттаахтар”.

Тренердэр эмиэ астыммат санааларын биллэрэллэр.

Мэтээлэ суох хаалбыт остуол тенниһин сүрүн тренерэ Аркадий Иванов этэринэн, элбэх “выезтаах” Москва, Урал, Сибиир, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, спорт маастардара кэлэн оонньоотулар. Бурятияттан Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ спорт маастара Батор Радмаев оонньоото. Узбекистан, Туркмения, Армения оҕолоро үчүгэй бэлэмнээхтэрэ көһүннэ. Улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ элбэхтик кыттар буоланнар, рейтиннэрэ үрдүк. Раднаев 900 рейтиннээх, регионнартан Орлов, Конюхов 1300 рейтиннээхтэр. Ол да буоллар 300 рейтиннээх Саха сирин оҕолоро тэҥҥэ оонньоотулар, миэстэлэргэ кыранан тиксибэтилэр.

Самбо тренерэ, СӨ үтүөлээх тренерэ Николай Лоднев билинэринэн, самбо хамаандата пандемия мэһэйдээн ырааҕынан ситэтэ суох бэлэмнээх кытынна. “Выезд” да суох, күрэхтэһии да аҕыйах. Көрдөрүүлэр ол сиэринэн буоллулар. Тэрээһин да боппуруостар үгүс баҕа санааны үөскэтэллэр. Оҕолору тренердэриттэн араартаан олохтоотулар. Транспорынан хааччыйыы ыарахаттары үөскэттэ. Санаатаҕыҥ аайы баҕалаах сиргэр барбаккын-кэлбэккин. Күрэхтэһиилэр ыытыллар спорт объектара бэйэ-бэйэлэриттэн чиэски тураллара улахан уустуктары үөскэттэ. Ону суруналыыстар эрэ буолбакка, хамаандалар бүтүннүү, көрөөччүлэр эмиэ эттэринэн-хааннарынан биллилэр.

Мэтээлгэ тиксибэтэх греко-римскэй тустуу сүрүн тренерэ Матвей Матвеев “кыайтарыыта суох кыайыы кэлбэт” диэн принцибинэн үлэлиир эбит эрээри, тренердэр тиийбэттэринэн, “классиканан” тустар оҕолор суохтарынан, көҥүл тустуунан дьарыктанар уолаттары туһуннарбыттара таайбытын эттэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн түөрт эрэ тренердээхтэр. Эбии штаттар көрүллэллэрэ  тоҕоостооҕун эттэ.

Оонньуулар дьоруойдара

Владислав Адасько, Дьокуускай куорат М.И. Кершенгольц аатынан оскуола 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, харбааһыҥҥа боруонса мэтээллээх: “Харбааһынынан бастакы кылаастан дьарыктанабын. Тренердэрим Виктория Евгеньевна Гринь уонна Олег Витальевич Лапшин миигин харбыырга үөрэппиттэрэ. Дьарыкпыт үтүө түмүктээх буолла. Дьикти түгэнтэн олус соһуйдум, үөрүүм муҥура суох! Туруоруммут сыалбытын ситистибит. Оскуолабын бүтэрдэхпинэ манна университекка үөрэххэ киириэм. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Ситиһиибин Сахам сиригэр, тренердэрбэр, төрөппүттэрбэр, доҕотторбор аныыбын! Спорт туһата элбэх, бары спордунан дьарыктаналларыгар, хаһан да санааларын түһэрбэттэригэр, дьоллоох буолалларыгар баҕарабын!”

Аксенья Панова – Дьокуускай Табаҕатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, 100 м м/с кыһыл көмүс мэтээллээх: “Иккис кылаастан Дьокуускай 1 №-дээх оҕо спортоскуолатыгар тренер Петр Александрович Нечаевка дьарыктанабын. Кыһыннары-сайыннары күн аайы дьүөгэм Настя Татарникованы кытта оптуобуһунан айаннаан кэлэбит. Чэпчэки атлетика миэхэ иккис дьиэм кэриэтэ. Тренерим сүбэтинэн кылгас сиргэ сүүрүүттэн мэһэйдээх сүүрүүгэ көспүтүм. Маҥнай утаа ыарырҕатар этим. Хардыыларым сөп түбэспэттэрэ. Өр сыралаһыы кэнниттэн дьэ табыллыбыта. Сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ маастарга кандидаты толорбутум. Хайдах былааннаабыппытынан күрэхтэстим. Күрэхтэһии сүрдээх тыҥааһыннаахтык ааста. Барыллааһын сүүрүүнү кыайбытым. Финалга фальстаартан сэрэнэммин, кыратык олорон хаалбытым. Утарсааччыларбын эккирэппитим.  Иккис, үһүс барьердарга сититэлээбитим уонна тохсус, онус барьердарга куотан киирэн барбытым. Биэтэккэ бастакынан кэлбитим. Инникитин маастарга үлэлиэхпит. Толоруом дии саныыбын”.

Эрхан Куличкин – Дьокуускай куорат, көҥүл тустууга 3 миэстэлээх: “Узбекистан уолугар хоттордум. Бэйэм тустуубунан тустубатым, ол иһин хоттордум. Бастакы миэстэ буолуохпун баҕарбытым. Узбек уола үчүгэйдик тустар эбит. Тутуспуппутугар, илиитигэр күүһэ биллэр этэ. Мин бэйэм тустуубар илии баайсааччыбын, онтон туора атахха киирэбин. Үһүс миэстэбэр үөрдүм. Билигин күүстээх буолар курдук өссө дьарыктаныахпын наада. Иннибэр Уһук Илин, Арассыыйа күрэхтэһиилэрэ бааллар. Олимпийскай чөмпүйүөн буолар баҕалаахпын”.

Роман Кириллин – Сунтаар 8 кылааһын үөрэнээччитэ, көҥүл тустууга 44 кг боруонса мэтээллээх: “Бастакы кылаастан тустабын. Тренердэрим Павел Степанович Павлов уонна Станислав Григорьевич Яковлев. Заболоцкай турнирыгар бастааммын, бу “Азия оҕолоро” кэлэн туһуннум. Пинигин турнирыгар эмиэ бастаабытым. Бастакы миэстэни ылар санаалаах этим. Уһук Илиҥҥэ  иккис буолтум. Өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да бастаабытым. Бу маҥнайгы улахан күрэхтэһиим. Кыратык туох эрэ тиийбэтэ. Иккитэ атахтатан кэбистим уонна “накакка” эргиттэрдим. Уонна хайдах эрэ үчүгэйдик арыллан тустубатым. Үһүс миэстэбинэн син астынабын. Баҕа санаам – улахан үрдэллэри дабайан, Олимп чыпчаалыгар тиийии”.

Айаал Гуляев – Уус Алдан Уһун Күөлүн оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, мас тардыһыыга 50 кг кыһыл көмүс мэтээллээх: «Бастакы миэстэни ылар санаалаах кэлбитим. Киирсиилэр наһаа үчүгэйдик аастылар, ынырык энергия этэ! Хаһыытаан-ыһыытаан киирэн, тоҕута тардан! Кыайталаатым. Маҥнайгы киирсиибэр Узбекистан уолун кыратык ыарырҕаппытым. “Тягата” күүстээх. Онтон икки Приморскай кыраай уолаттарын кыайталааммын бастаатым. Утарсааччыларым үчүгэйдэр, мөлтөхтөр диэбэккин. “Жестко” дьарыктаммыттара биллэр. Кыранан кыайбатылар. “Туора охсуу”, “күлүүс” уонна “прямой тяга” ньымаларынан ылаттаатым. Киирэн биэрэллэр. Албаскар киллэрэн кыайдаххына, сүрдээҕин үөрэҕин! Аан бастаан олох хотторон иһэр курдук буолаҕын. Кыайдаххына үчүгэй баҕайы буолар. “Азия оҕолоругар” урут кытта иликпин. Мас тардыһыыбын улаатыахпар диэри илдьэ сылдьан, Манчаарыга кыттыам”.

Екатерина Алексеева – Дьокуускай куорат 17-с оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ, бинтиэпкэнэн ытыыга кыһыл көмүс мэтээллээх: “Буулдьанан ытыынан биэс сыл дьарыктанабын. Тренерим Иванна Андриановна Жегусова. Барыллааһын 60 ытыыларга бастаабытым. Финалга Армения кыыһын 16:4 кыайдым. Ытыым аайы “десяткаларга” түһэртээтим. Буулдьанан ытыы көрүҥэ киһиттэн холку, ыгылыйбат майгыны эрэйэр. Миэхэ сөп түбэһэр көрүҥ. Кумирдардаахпын. 2020 с. Токио Олимпиадатыгар Масников, Каменскай, Бацаракшина ытааччылардаах Арассыыйа хамаандата кыайбыта. Кыайыыбын тренербэр уонна манна кэлэн көрө, миэхэ “ыалдьа” сылдьар дьоннорбор аныыбын!”.

Икки сылынан, 2024 с. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолорун” VIII-с Спортивнай оонньуулара Дьокуускайбытыгар буолуоҕа. Тэрээһин-бэлэмнэнии үлэлэр билиҥҥэттэн саҕаланнылар.  Хамаанданы бэлэмнээһиҥҥэ быйылгы курдук икки эрэ ый хаалбытын кэннэ буолбакка, букатын эрдэттэн үп-харчы көрүллэрэ быһаарар оруолланыаҕа. Спортсмен оҕолорго күүстээх болҕомто ууруллуута ситиһиилэргэ кынаттыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....