11.09.2020 | 15:27

Оҕолорбун үс тылынан иитэбин

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Айталина Романова – оҕолорун хас да омук тылынан тэҥинэн иитэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ:

– Биһиги  3 оҕолоохпут – улахан кыыспыт 13 саастаах, орто уолбут 5-тээх, кыра кыыспыт 3 саастаах. Мин бэйэм филолог-японовед үөрэхтээхпин, кэргэним биолог-генетик учуонай, ХИФУ-га үлэлиир.

Кыра сылдьан аҕам үлэтинэн Японияҕа көспүппүт. Онно 3 сааспыттан 10-мар диэри олорбутум. 1 сааспар сахалыы саҥарбыппын, Японияҕа тиийэн иккис тылым дьоппуон тыла буолбута. Дьокуускайга төттөрү көһөн кэлэн баран биирдэ нуучча тылын билбитим, ону кытта англия тылын тэҥинэн баһылаабытым.

Улахан кыыспыт ДЦП-лаах. Ол туһунан аһаҕастык @aitalinaromanova инстаграм страницабар сиһилии суруйабын. Оҕобутун Кытайга эмтэппиппит. Онно Кытай тылын үөрэппиппит. 2 саастааҕар кытайдыы кэпсэтэр буолбута. Биллэн турар, билигин онтун умна быһыытыйбыт.

Мин кыра эрдэхпиттэн элбэх тылы билэр буоламмын, элбэх тылы билиини, үөрэтиини улахан кыһалҕа курдук ылыммаппын. Кэргэним олох холкутук англия тылынан саҥарар, мин кэпсэтии таһымынан.

Биһиги оҕолорбутун сахалыы иитэбит. Оҕолорбут бастакы тыллара – сахалыы. Онтон эрэ нууччалыы үөрэнэллэр. Мин санаабар, оҕо бастаан олоҕор тирэх буолар төрөөбүт  тылын баһылыахтаах. Оҕолорум 1 саастарыттан тылламмыттара, лоп-бааччы сахалыы үчүгэйдик саҥаран барбыттара. 3 саастарыттан тэлэбиисэр көрөн, атын оҕолору кытта алтыһан, нууччалыы билэр буолбуттара.

Маны тэҥэ оҕолорбутун англия тылыгар үөрэтэбит. Холобур, улахан кыыспыт 5 сааһыттан үөрэтэн, билигин холкутук кэпсэтэр, өйдүүр, кинигэ ааҕар.

Кыраларбыт ютубка английскайдыы мультиктары көрөн үөрэтэллэр. Бэйэм кылгас этиилэринэн английскайдыы кэпсэтэбин. Омук тылын кыра оҕоҕо уруок курдук остуолга олордон үөрэтэр табыллыбат.

Кэпсэппэтэххэ, киһи тылы умнар, ол иһин күн аайы саҥара сылдьыахха наада. Тыл сайдар эйгэтэ – кэпсэтии. Биһиги дьиэ кэргэн тоҕо омук тылын үөрэтэбитий? Тоҕо диэтэххэ, атын дойдуларга сылдьарбытын, айанныырбытын наһаа сөбүлүүбүт. Элбэх тылы билэр буоллаххына ыырыҥ кэҥээн биэрэр, ханна баҕарар тиийэн иннигин-кэннигин быһаарсаҕын. 

Улахан кыыспыт бастаан дьарыктанарыгар Дьокуускайга Хелен Дорон бырагыраамата диэн баара. Онно оҕо дьарыкка кэллэ да, английскайдыы эрэ кэпсэтиэхтээх диэн быраабылалаахтар этэ. Оонньуу, үҥкүү, ырыа ньыматынан  оҕобут тылы наһаа ылыммыта.  Син ол курдук, дьиэ кэргэммитигэр кытаанах быраабыла баар – биһигини, төрөппүтэргитин кытта, сахалыы эрэ кэпсэтэҕит диэн.  Онон оҕоҕо итинник быраабыланы, ирдэбили туруорар туһалаах эбит.

Саха тылын кэскилин туруорсар бөлөхпүтүгэр төрөөбүт тыл суолтатын туһунан элбэхтик кэпсэтээччибит. Онно нуучча тыла чэпчэки, ол иһин оҕо түргэнник баһылыыр дииллэрин сөҕөөччүбүн. Нуучча тылын чэпчэки диир сыыһа, тулалыыр эйгэбитигэр элбэх буолан олохпутугар хото киирэн хаалар дии саныыбын. Саха тыла тулалыыр эйгэбитигэр олус аҕыйах.

Кыра оҕолор наһаа өйдөөхтөр. Биһиги хаһан да “кини кыра”, “кини билигин тугу да өйдөөбөт” дии санаабат этибит. Күнү быһа кэпсэтэ сылдьабыт. Оҕо барытын түргэнник ылынар. Саҥарар буолла даҕаны, ханнык баҕарар омук тылын үөрэтиэххэ сөп. Ол эрэн оҕо түргэнник умнар, ол иһин наар хатылыы сылдьыахха наада.

Мин билигин француз тылын үөрэтиэхпин баҕарабын. Улахан кыыспыт сахалыы, нууччалыы, английскайдыы билэр, онно эбии биир эмэ азия тыла наада диибин. Аан дойду көхсө киэҥ, ханна баҕарар тиийэн олохсуйуохха сөп. Тыл онно сүдү күүһү, кыаҕы биэрэр. Оттон төрөөбүт тылы билии, онно барытыгар бигэ тирэх буолар.

Тылы талыыны төннөрүөххэ

Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү салайааччыта:

– Үөрэх саҕаланна, 1 кылааска киирэр оҕолор ким ханна миэстэ булбутунан киирдилэр. Элбэх оҕо атырдьах ыйын бүтэһигэр диэри ханнык оскуолаҕа киирэрэ биллибэккэ сылдьан, төрөппүттэр сайыны быһа долгуйдулар, санаарҕаатылар. Үгүс кыһалҕаны 17-с №-дээх оскуола оройуонугар киирсэр төрөппүттэр көрүстүлэр. Онно олус элбэх тоҕус этээстээх дьиэ быыһыгар кып-кыра биир оскуола кыбыллан тураахтыыр. Билигин суруйар соругум – куорат урукку салайааччылара сөптөөхтүк тутууну былааннаабатахтара, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа анаан сир хаалларбатахтара буолбатах. Онтон сылтаан кэнники кэмнэргэ сыл аайы бу оскуолаҕа алталыы бастакы кылаас арыллара, ол кылаастары онно-манна кыбыта сатыыллара, онтон быйыл кыһалҕаттан икки эрэ кылаас арыллыбыта, 70-тан тахса оҕо манна баппатаҕа да буолбатах. Мин манна, бу оскуолаҕа икки кылаас арыллыбытыттан иккиэннэрэ нууччалыы буолбутун туһунан этиэхпин баҕарабын.

Чопчулаан эттэххэ, биирэ – саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр, атына барыта нууччалыы, иккиһэ саха тылын олох да үөрэппэт кылаас. Ити курдук, 17-с №-дээх оскуолаҕа 20-чэ сыл устата сахалыы иитэр-үөрэтэр кылаастара олус ситиһиилээхтик үлэлии олорбут тиһиктэрэ быһыннаҕа... Дириэктэр этэринэн, 72 киирбит оҕоттон адьас биир даҕаны сахалыы кылааска үөрэниэн баҕарбатах үһү...

Бу маннык көстүү тоҕо буолла? Тоҕо диэтэххэ, сокуонунан ирдэнэр тылы талыы оскуолаҕа барар. Электроннай уочаракка тылы талларыы суох буолбута хаһыс да сыла. Онно тылы талларыы баар эрдэҕинэ, бу СОКУОН толору хааччыллар этэ. Төрөппүт оҕотун ханнык тылынан үөрэтиэн баҕарарын холкутук олорон, дириэктэр дуу, оскуола үлэһитэ дуу дьайыыта суох, интэриниэтинэн бэйэтэ суруйар этэ. Оннук табыгастаах көстүүнү тоҕо суох оҥордулар?

Олоххо туһаныллыбыт суолу төннөрдөххө, үөрэтии тылын талыыны хааччыйар сокуоммут ыраастык уонна толору үлэлиэ буолбатах дуо? Онон оскуолаҕа суруттарыыга тылы талыыны төннөрүөххэ диэн туруорсуоҕуҥ! Тылы талыы сокуона Дьокуускай куоракка толору үлэлиирин ситиһиэххэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....