21.07.2022 | 16:49

Оҕолор туруммуттара - хайҕаллаах суол

Бу күннэргэ Хатаспыт аҥаара туттан олорор уубутун-хаарбытын хааччыйар даамбабыт тулатын ыраастааһыҥҥа субуотунньук тэрилиннэ.
Оҕолор туруммуттара - хайҕаллаах суол
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Субуотунньукка Алексей Осипов салайааччылаах “Агрогородок” уонна Александра Ефимова салайааччылаах “Малгин” түөлбэлэр олохтоохторо таҕыстылар.  Хомуллубут бөх баһыйар үгүс өттө пластиковай бытыылка, салапаан арааһа, а.э. биһиги, олохтоохтор, бэйэбит бырахпыт, “умнубут” бөхпүт буоллаҕа. Субуотунньукка дьиэ кэргэнинэн кыттыбыт Арылхан, Александр Терентьевтарга, Екатерина, Леня Реевтэргэ, Александра, София Ивановаларга,  Екатерина, Айаан Козловтарга, Ивановтарга, Николай, Дьулуур Индеевтэргэ уонна биирдиилээн кэлбит оскуолабыт 7-с кылааһын үөрэнээччилэригэр Эрэл Игнатьевка, Алгыс Поповка, Малгин олохтооҕо Александр Федоровка нэһилиэк олохтоохторун аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Баара-суоҕа сэттэлээх Арылхан Терентьев кырабын диэбэт, сүрдээх сэргэх, кэпсэтинньэҥ, эйэҕэс - сайаҕас киһи. Атын да оҕолорбут бары талбыт курдук үлэһит, көхтөөх дьоһун дьон. Буолумуна, бары даҕаны үөрэхтэрин таһынан эбии музыкальнай, спортивнай оскуолаларга үөрэнэр, дьарыктанар турбут-олорбут ыччаттар.


Бу субуотунньук үүнэн эрэр ыччаппытыгар ыраастаныы эрэ үлэтэ буолбакка, иитэр-үөрэтэр суолтата сүҥкэн. Оҕолорбут барахсаттар ийэни,аҕаны кытта  сылдьан үтүө дьыаланы оҥорбуттарыттан  үөрбүттэрин, киэн туттубуттарын харахтарын уота туоһулуур. Өйдөөн көрдөххө, аны үксүлэрэ сахалыы ааттаахтар эбит. Сахалыы ааттаныы саха оҕото эйэҕэс-сайаҕас, үтүө санаалаах, эппиэтинэстээх, ийэҕэ, аҕаҕа, айылҕаҕа чугас буола улаатарыгар бигэ акылаат эбит диэн санаа уота саҕыллар. Бу оҕолор тулалыыр эйгэбит ыраас, чэбэр буолуута сүүс бырыһыан бэйэбититтэн тутулуктааҕын бигэ өйдөөбүттэригэр, аһаан-таҥнан олорор айылҕабытын харыстыыр наадатын өйдөөбүттэригэр саарбах суох.

Хомуллубут бөҕү С.С. Пимонов “Бета” ХЭХ массыынатынан баҕа өттүнэн кэлэн тиэйэн эмиэ оҕолорго үтүө холобуру көрдөрдө.

Кыыһа буспут сир аһын хомуйан, сирилийэ-бурулуйа үүммүт оҕуруот аһын сибиэһэйдии сиэн, астына-дуоһуйа сөтүөлээн, ким хайдах кыанарынан, табылларынан айылҕалыын алтыһабыт. Ол махталбыт бэлиэтин сыыһы-буору хомунарбыт ытык эбээһинэспит этэ буоллаҕа...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...