29.12.2023 | 16:00

Оҕолор «Өбүгэ оонньууларын» баһылыыллар

Тыа хаһаайыстыбатын идэлэрин дириҥэтэн үөрэтэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин агро-оскуолаларын “Өбүгэ оонньуулара” XIV-с этнобэстибээллэрэ быйыл ахсынньы 19-21 күннэригэр Дьокуускайга “Модун” спорт комплексыгар буолан ааста.
Оҕолор «Өбүгэ оонньууларын» баһылыыллар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

13 улуустан кэлбит 80 кыттааччыны Ил Түмэн дьокутаата Антонина Григорьева, Ил Түмэн дьокутаата, Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр киин дириэктэрэ Геннадий Васильев, өрөспүүбүлүкэ “Юные якутяне” үөрэх тэрилтэтин дириэктэрин солбуйааччы Александр Брызгалов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агро-оскуолаларын дириэктэрэ Петр Дягилев эҕэрдэлээтилэр.

Агро-оскуолалар үөрэнээччилэрин эт-хаан өттүнэн иитиигэ киллэрбит кылааттарын иһин Уус Алдан улууһун Баатаҕай оскуолатын физкултуураҕа учуутала Николай Адамович Николаев, Таатта улууһун үөрэҕин управлениетын эти-хааны иитиигэ методиһа Константин Афанасьевич Ширяев, Горнай улууһун Маҕарас оскуолатын дириэктэрэ Максим Васильевич Максимов түөскэ иилиллэр “Наставник” бэлиэнэн наҕараадаланнылар.

Быйылгы этнобэстибээл Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 уонна агро-оскуолалар тэриллибиттэрэ 35 сылларыгар ананна. Өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит тоҕус көрүҥҥэ улуустарыгар бастаабыт хамаандалар, 8-10 кылаас оҕолоро күрэхтэстилэр. Инньэ гынан бары да кичэллээхтик бэлэмнэммиттэрэ харахха быраҕыллар. Күрэс көрүҥнэрэ элбэх эрчиллиини, дьарыгы эрэйэр уустук хамсаныылардаахтар. Оҕолор онно бэлэмнэрэ тэҥ буолан, эрийсии бөҕө. Ол да буоллар күнтэн күн биирдиилээн уонна хамаанданан күүстээхтэр биллэн истилэр. Көрүҥнэр бириэмэнэн хааччахтаналлар, онон тэтим эмиэ быһаарар.

Сүрүн судьуйанан Н.А. Николаев, сэкирэтээринэн К.А. Ширяев үлэлээтилэр.

Эргиччи дьоҕурдаах буолууну итэҕэтэр Бэйэни билиһиннэриигэ”  хамаанда уолаттара-кыргыттара бука бары кытыннылар. Сахалыы таҥнан, хантан хааннаахтарын, кимтэн кииннээхтэрин этэн-тыынан, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, оһуохай бөҕө. Горнай улууһуттан Маҕарас агро-оскуолатын оҕолоро – бастакы, Сунтаар Бордоҥо – иккис, Хаҥалас II-Малдьаҕара үһүс миэстэлэннилэр.

Күрэс уолаттарга “Көтөх ынаҕы туруоруу” курдук олус уустук, ылбычча киһи сатаабат көрүҥүттэн саҕаланна. Сиргэ олорон эрэн икки илиилэринэн биир атахтарын тилэҕиттэн тутуһан, уҥа, онтон хаҥас атахтарынан туран кэлэллэр. Төһө кыалларынан элбэхтэ оҥорорго кыһаллаллар. Амма Бөтүҥүттэн Айтал Сергеев 19-та уонна 14-тэ туруталаан, 33 көрдөрүүлээх бастаата, Горнай Маҕараһыттан Алгыс Михайлов уонна Эдуард Ксенофонтов 32-лиитэ тураттааннар, иккис, үһүс үчүгэй көрдөрүүлэннилэр. Хамаанданан бастакы миэстэни Сунтаартан Бордоҥ, иккиһи Горнайтан Маҕарас, үсүһү Уус Алдантан Суотту оскуолалара ылаттаатылар.

Кыргыттар бүдүрүйэри билбэт “Кириэс тэбиигэ” кириэстии ууруллубут мастары кылыйар атахтарынан таарыйбакка туора-маары ойуоккалаабыттарыгар Альберта Алексеева (Хаҥалас, II-Малдьаҕар), Мелисса Эверстова (Кэбээйи оскуолата), Елена Осипова (Хатас) хамаандаларыгар кыайыы очколарын аҕалтаатылар. Хаҥалас II-Малдьаҕара бастаата, Кэбээйи – иккис, Горнай Маҕараһа үһүс буоллулар.

Сыыйа намтаан иһэр кэккэлэһэ туруоруллубут “ыаҕастары” биир атахтарын уонна кулгаахтарын эминньэҕиттэн тутан, төҥкөйөн, олбу-солбу ытыран ылаттаан иһэр “Ойбонтон уулааһыҥҥа” кыргыттарга Антонина Андреева (Сунтаар, Бордоҥ), Мелисса Эверстова (Кэбээйи), Люба Максимова (Кэбээйи); уолаттарга Сайян Мельчекитов (Үөһээ Бүлүү, Кэнтик), Данил Еремеев (Сунтаар, Бордоҥ), Айтал Сергеев (Амма, Бөтүн) миэстэлэстилэр. Хаҥалас II-Малдьаҕара бастаата, Сунтаар Бордоҥо – иккис, Уус Таатта үһүс буолуталаатылар.

Киһи үксэ сөбүлүүр түргэн-тарҕан туттуулаах остуол оонньууларыгар хабылыкка Айгуль Прокопьева (Уус Таатта), Любовь Максимова (Кэбээйи), Сандаара Родионова (Үөһээ Бүлүү, Кэнтик); Дьулустаан Данилов (Сунтаар, Бордоҥ), Сахаян Конников (Амма, Бөтүҥ), Данил Еремеев (Сунтаар, Бордоҥ) үс иһигэр киирдилэр. Хамаанданан түмүккэ Сунтаар Бордоҥо, Хаҥалас II-Малдьаҕара, Мэҥэ Хаҥалас Хорообута инники күөҥҥэ таҕыстылар.

Хаамыскаҕа Сандаара Родионова (Үөһээ Бүлүү, Кэнтик), Люба Максимова (Кэбээйи), Камилла Дайбаннырова (Уус Таатта); Дьулустаан Данилов (Сунтаар, Бордоҥ), Лука Далбаев (Чурапчы, Дирин) үчүгэй көрдөрүүлэри ситистилэр. Хамаанданан түмүккэ Сунтаар Бордоҥо бастаата, Уус Таатта – иккис, Мэҥэ Хаҥалас Хорообута үһүс буоллулар.

Сыраны-сылбаны, тулууру эрэйэр “Наартаны нөҥүө ойууга” кыргыттарга Леонора Саввинова (Горнай, Маҕарас, 211 наарта), Алиса Семенова (Горнай, Маҕарас, 208 наарта,), Дайаана Семенова (Мэҥэ Хаҥалас, Хорообут, 204 наарта); уолаттарга Алгыс Михайлов (Горнай, Маҕарас, 276 наарта), Владимир Гуляев (Таатта, Уус Таатта, 275 наарта), Эдуард Ксенофонтов (Горнай, Маҕарас, 254 наарта) бастыҥнарга кииртэлээннэр, Горнай Маҕараһа – бастакы, Уус Таатта – иккис, Мэҥэ Хаҥалас Хорообута туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс буолуталаатылар.

Эт-сиин өттүнэн чахчы кыахтаах буолууну көрдөрөр “Тутум эргииргэ” кыргыттарга Альберта Алексеева (Хаҥалас, II-Малдьаҕар – 46), Альмира Макарцова (Чурапчы, Дириҥ – 29), Мелисса Эверстова (Кэбээйи – 26); уолаттарга Эдуард Ксенофонтов (Горнай, Маҕарас – 49), Валентин Егасов (Уус Таатта – 46), Владимир Ксенофонтов (Мэҥэ Хаҥалас, Хорообут – 45) үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Хамаанданан түмүккэ Сунтаартан Бордоҥ оскуолата бастаата, Тааттаттан Уус Таатта – иккис, Хаҥаластан Малдьаҕар үһүс буоллулар.

Кыраҕы харах, кытаанах тарбах күрэһигэр саха оҕунан ытыыга Сандаара Родионова (Үөһээ Бүлүү, Кэнтик), Люба Максимова (Кэбээйи), Альберта Алексеева (Хаҥалас, II-Малдьаҕар); Альберт Харлампьев (Кэбээйи), Никита Лукин (Уус Таатта), Севастьян Спиридонов (Бүлүү, Бөкчөҥө) эр биир 15 м тэйиччи туруоруллубут “куобахтары”, тииҥнэри табыталаатылар. Кэбээйи, Чурапчы Дириҥэ, Сунтаар Бордоҥо үс иһигэр киирдилэр.

Түргэн, сымса, аһарыгас буолууну эрэйэр нуучча лаптатыгар маарынныыр “Чыысхай” оонньууга хамаандаттан үстүү уол, иккилии кыыс кытынна. Мээчигинэн таба бырахсаллар, таптарбыттар туораан иһэллэр. Бу оонньуу көрүҥүн уонча сыллааҕыта Тулагы физкултуураҕа учуутала Петр Иванович Хабаров айбыта. Билигин Кангалаас оскуолатыгар физруктуур уола Денис Петрович судьуйалаабыта кэрэхсэбиллээх. Бу бэрт сэргэх, ыһыылаах-хаһыылаах көрүҥҥэ Горнай Маҕараһын хамаандата бастаата, Чурапчы Дириҥэ – иккис, Хаҥалас II-Малдьаҕара үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Олоҥхону толорууга Амма Бөтүҥүн 9 кылааһын үөрэнээччитэ Лена Степанова бастаата,  Үөһээ Бүлүү Кэнтигиттэн Василина Иванова – иккис, Уус Тааттаттан Никита Лукин үһүс үчүгэй көрдөрүүлэннилэр, хамаандаларыгар кыайыы очколарын аҕаллылар.

Ити курдук үс күн устата агро-оскуолалар үөрэнээччилэрин ортолоругар үтүө үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар “Өбүгэ оонньууларын” XIV-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи этнобэстибээлигэр түөрт көрүҥҥэ бастаабыт, икки көрүҥҥэ иккис миэстэлэрдээх Сунтаар Бордоҥун хамаандата 38 очколаах бастаата. Икки бастакы, биир иккис, үс үһүс миэстэлээх Хаҥалас улууһун II-Малдьаҕарын оҕолоро – иккис, икки бастакы, биир иккис, биир үһүс миэстэлэрдээх Горнай улууһун Маҕараһа үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр уонна туһааннааҕынан 30, 20, 10 тыһ. солк. кээмэйдээх сертификаттарынан, көһөрүллэ сылдьар улахан Кубогынан, мэтээллэринэн, дипломнарынан, миэстэлэспит оҕолор сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Биэс бириистээх миэстэлээх Уус Таатта хамаандата – төрдүс; үс бириистээх миэстэлээх Мэҥэ Хаҥалас Хорообута – бэһис, биир бастакы, биир иккис миэстэлээх Кэбээйи – алтыс, биир үһүс миэстэлээх Уус Алдан Суоттута сэттис буолуталаатылар.

“Өбүгэ оонньууларын” төрүттээбит Уус Алдан Баатаҕайын физкултуураҕа учуутала Николай Адамович Николаев этэринэн, 2000 сыллаахха Е.П. Жирков олоххо киллэрбит национальнай концепциятыгар олоҕуран, өбүгэлэрбит төрүт оонньууларынан оҕолор эттэрин-сииннэрин сайыннарар анал бырагыраама оҥоһуллан өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыта. Прокопий Прокопьевич Готовцев бэрэссэдээтэллээх, “Урожай” физкултуурунай-спортивнай тэрилтэ уонна Өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын дириэктэрэ Николай Семенович Жирков өйөөннөр, оҕо хамсанар, толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар туһалаах сөптөөх хайысха диэннэр, 2008 с. 1-кы этнобэстибээл ыытыллыбыта. Бу бэстибээлтэн Евгения Гоголева-Адамова,  Ян Готовцев, Юлия Сыроватская, Альберт Готовцев курдук күүстээх спорт маастардара, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ иитиллэн тахсыбыттара. Бастакы сылларга күрэхтэспит оҕолор, билигин отуттарыттан тахсыбыт ыччат дьон өбүгэлэрбит хамсаныыларын кэбэҕэстик оҥороллоруттан, күрэҕи Арассыыйа  үөрэҕин систиэмэтэ, учуонайдар сэҥээрэллэриттэн Николай Адамович астынарын биллэрэр. Имигэс, сымса, тэтиэнэх, бэйэни кыанар, тулуурдаах буолуу курдук үгүс үтүө хаачыстыбалара сайдарын бэлиэтиир.

Бастаабыт хамаанданы салайан илдьэ кэлбит Сунтаар улууһун Бордоҥ оскуолатын дириэктэрэ Михаил Алексеевич Максимов билинэринэн, оскуолаларыгар “Өбүгэ оонньууларыгар” аналлаах бырайыактаахтар, оҕолор начаалынай кылаастан анаан-минээн дьарыктаналлар, төрөппүттэр, оскуола кэлэктиибэ өйүүллэр. Эһиилги үбүлүөйдээх XV-с “Өбүгэ оонньуулара” Сунтаарга ыытыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...