31.05.2022 | 18:00

Оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэ кэҥиир

Оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэ кэҥиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин социальнай өйөбүл боппуруостарыгар туһаайыллыбыт Судаарыстыбаннай сэбиэт президиумун мунньаҕын ыытта. Дойду баһылыга бэлиэтээбитинэн, билигин, дьиэ кэргэттэр оҕолорун күүтэр кэмнэриттэн 17 сааһыгар диэри судаарыстыбаннай өйөбүлүнэн туһаналлар. Ити миэрэнэн 10 мөлүйүөн кэриҥэ киһи хабыллыахтаах диэн иһитиннэрдэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата. 
Саха сиригэр кэнники үс сыл иһигэр ийэ буолуу уонна оҕо саас өйөбүлүгэр үбүлээһин  4 төгүл улаатта, ол иһин оҕо төрөөһүнүн таһыма намтаабат.  Барыллаан дааннайдарынан, 2022 сылга, босуобуйанан 8 саастарыттан 17 саастарыгар диэри  41 256 оҕо туһаныаҕа.
Биир кэмҥэ үстэн элбэх оҕону төрөппүт, сокуоннай саастарын ситэ илик биэстэн уонна уонтан тахса оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарар сыаллаах олох-дьаһах бырагыраамалара салгыы олоххо киирэллэр. Быйыл социальнай төлөбүрүнэн туһанар биэстэн саҕалаан сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох ыаллар ахсааннара икки төгүл элбээтэ, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин суумата – 500 мөлүйүөн солкуобай. Социальнай төлөбүрү 14 муниципальнай оройуоҥҥа уонна Дьокуускай куорат уокуругар биэстэн саҕалаан сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох 124 ыал ылыаҕа. 
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл төрөөбүт үһүс оҕоттон саҕалаан, 547 босуобуйанан туһанааччы ипотекатын сабар кыахтанна. 
Элбэх оҕолоох төрөппүттэр төгүрүк сыл тухары Уһук Илиҥҥи маршруттарынан субсидиянан туһанан айанныыр бырааптаннылар. 
Бүтүн Арассыыйатааҕы бырааһынньыктары сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа, Ийэ, Кыыс, Уол күннэрэ бэлиэтэнэллэр, 20-чэ сыл «Сыл дьиэ кэргэнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн дьиэ кэргэн күрэхтэрэ ыытыллаллар, кыайыылаахтарга 300 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх харчынан төлөбүр бэриллэр. 
Итини сэргэ харчы төлөбүрдээх судаарыстыбаннай наҕараадалар бааллар.
Үбүлүөйдээх сылга оҕо сааһы уонна иитиини көмүскүүр уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри өйүүр сыалтан, гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын гырааннарын кээмэйэ үрдэтилиннэ. 
Быйыл ити хайысханан 5 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Гыраан ылбыттар ортолоругар «Чурапчы кэскилэ» оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтэ, «Якутский республиканский центр медиации» автономнай кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ, «Дети Саха-Азия» норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пуондата, «Бүтүн Арассыыйатааҕа инбэлииттэр уопсастыбаларын» Мииринэйдээҕи уопсастыбаннай тэрилтэтэ, «Дьүөгэлэр» Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьахталларын аһаҕас форумун регионнааҕы уопсастыбаннай хамсааһына бааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...