Оҕо туһугар үлэлэһэр аҕалар
Саха гимназиятыгар Аҕа сэбиэтэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ номнуо сүүрбэ сыла буолар. Соторутааҕыта үгэскэ кубулуйбут «Аҕа уонна уол» күрэх саҥа тыыннанан, сонун сиргэ бэрт тыҥааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна.
Биир санаанан, күргүөмүнэн
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр оскуола олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар аҕа оруолун туһунан дириэктэр Валентина Васильевна Софронеева сэһэргээтэ. Туох барыта төрүөттээх, силистээх-мутуктаах дииллэринии, кини кэпсээнин Аҕа сэбиэтэ тэриллибит историятыттан саҕалаата.
– Уол оҕо үүнэр-сайдар торума кыра эрдэҕиттэн дьиэ кэргэнтэн, алтыһар биир үөлээннээхтэриттэн, холобур оҥостор ытык дьонуттан ордук тутулуктаах. Үөрэхпит кыһата хара аһыллыаҕыттан аҕаларга сыһыаны, ирдэбили уратытык тэрийбитэ. Алын сүһүөх оскуола учуутала Татьяна Артамоновна Скрябина бэрт хорутуулаах, ситимнээх үлэни саҕалаабыта. Оччолорго көрүдүөрү биир гына элбэх аҕа тоҕуоруһа кэлэн, аһаҕастык, сытыытык кэпсэппиттэрэ, биир санааҕа киирбиттэрэ. Куорат усулуобуйатыгар оҕону хайдах сахалыы тыыҥҥа иитэбит, сиэри-туому билиһиннэрэбит диэн долгуйар тыын ыйытыктарыгар бииртэн биир хоруйу булан, сүргэлэрэ көтөҕүллэ түспүтэ.
Аҕа сэбиэтин бастакы салайааччытынан В.В. Жирков талыллан, элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Ыһыах сирин булууттан оскуола тиэргэнигэр мас олордууга тиийэ күргүөмнээх хамсааһын саҕаламмыта. Оскуолаттан оскуолаҕа көһүүгэ кинилэр эмиэ инники күөҥҥэ сылдьан, дьэ, олохтоох дьиэбитин-уоппутун булан олоробут.
Оччолорго Амма улууһугар, Эмис нэһилиэгин аҕаларын сүбэтин кытта алтыһан, оҕолорун илдьэ сааскы куйуурга тахсан, ирэ-хоро кэпсэтэн, акка хатааһылаан, салгын сиэн, балык кэһиилээх кэлэннэр, бары да астыммыппыт. Оҕолор сирэйдиин-харахтыын тупсан, күн уотугар харааччы буһан, бэйэ-бэйэлэрин кытта өссө чугастык бодоруспуттара.
Онтон салгыы күрэхпитин физкультура учуутала В.И. Протодьяконов аҕалары кытта Күөх хонууга бэрт тэрээһиннээхтик ыыппыта. Күргүөмүнэн тиийэн тоҥуу хаарга сүүрэн-көтөн, уот оттон, уу оргутан, сыал ытан, астына-дуоһуйа күрэхтэһэн, кыайыы-хотуу кынаттанан кэлбиттэрэ.
Үлэбитин үмүрүтэр үтүө дьоммут
– Кэнники сылларга ахсааммыт элбээн, үлэбит хайысхата да кэҥээн, аҕалар өссө ордук түмсэр буоллулар. Сыл аайы хаар тиэйиитигэр А.В. Платонов, В.П. Петров, уоту-күөһү көрөргө солбуллубат электрик аҕабыт А.Г. Жирков ылсан, улахан көмөнү оҥоро сылдьаллар. Кинилэр мэлдьи үөрэ-көтө кэлэн үлэбитин үмүрүтэр махталлаах дьоммут.
Салайар сэбиэт бэрэссэдээтэлэ А.А. Семенов оҕолорго, учууталларга математика олимпиадатын ыытар, бириис туруорар. Ону таһынан оскуола үлэтигэр-хамнаһыгар солбуллубат сүбэһит. Сайынын оҕолор экспедицияларыгар тэҥҥэ сылдьан, учууталларга көмө буолбутугар махталбыт муҥура суох.
Аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Я.Т. Оконешников хас биирдии тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык барарыгар өрүү көмөлөһөр. Тырааныспар наада түгэнигэр, ыалдьыттары көрсүүгэ, күрэхтэри ыытыыга кинитэ суох сатаммаппыт.
Учууталлары өйдөөн-өйөөн, үлэлэрин үрдүктүк сыаналаан, грант олохтообут аҕабыт Д.С. Архипов буолар. Конференцияларга, көрсүһүүлэргэ санаа үллэстэр, этии киллэрэр биир дьоһуннаах сүбэһиппит.
Ыраах Калининград куоракка олорор «Үйэ» сурунаал эрэдээктэрэ Н.Н. Кривошапкин сылын аайы оскуола үлэтин, учууталлар, оҕолор ситиһиилэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр үтүө үгэстээх. Сурунаалы мэлдьи күүтэбит, ааҕабыт, үөрүүбүтүн дьону кытта үллэстэбит.
Уол оҕону үөрэтии-такайыы, бэйэ холобурунан иитии, күнү-түүнү аахсыбакка оҕо туһа диэн сүүрэр-көтөр киһибит – ОБЖ солбуллубат учуутала Е.Е. Жерготов. Кини үгүс көлүөнэ ыччаты олох киэҥ аартыгар туруктаахтык үктэнэллэригэр үлэлэһэр.
Дьэ, бу маннык үлэлэригэр бэриниилээх учууталлар, оҕо туһугар үлэлэһэр аҕалар баалларын тухары инникибит кэскиллээх, сырдык диэн бигэ эрэллээхпит.
Үрдүк таһым, сэргэх тэрээһин
– Быйылгы күрэхпит элбэх оҕолоох аҕа А.Д. Петров этиитинэн Үс Хатыҥҥа П.П. Васильев-Кымыс Байбал сиригэр-уотугар ыытылынна. Хамаандалар хас да түһүмэхтээх күрэххэ кытыннылар. Мас суоруута, эрбээһинэ, хайытыыта, саһааннааһына, оллооҥҥо чэй оргутуута, баҕанаҕа ыттыы олус сэргэхтик аастылар. Байанайдаах булчуттар, мас уустара, спортсменнар бэрт сытыытык киирсэн, оҕолоругар араас албаһы көрдөрөн, күрэҕи киэргэттилэр. Бииртэн биир көрүҥҥэ, сылайары аахсыбакка, тиритэ-хорута түһүнэн кэбистилэр. Сынньалаҥнарыгар минньигэс эттээх миин, алгыстаах алаадьы уонна да атын төрүт аһы амсайан, күүстэригэр күүс эбиннилэр. Салгыы куйуурга анаан ойбон алларыыта буолла.
Дьэ, мантан ордук уол оҕоҕо туох суолталааҕый? Кини аттыгар суон дурдата, халыҥ хаххата – аҕата баар. Саха сиэринэн айылҕаҕа тахсан, биир үтүө сынньалаҥы дьиэ кэргэнинэн атаарбыттара туохтааҕар да күндү, умнуллубат түгэн.
Быйылгы күрэх кыайыылаахтара: I миэстэ – Айуол, Вячеслав Александрович Слепцовтар. II миэстэ – Сандал, Андрей Данилович Петровтар. III миэстэ – Сандал, Петр Дмитриевич Пермяковтар
Түмсүү барытын кыайар
– Бу буолаары турар куорат күрэҕэр Айуол уонна Вячеслав Слепцовтарга ситиһиини баҕарабыт. Оттон кыттыбыт аҕалар, уолаттар күрэҕи сэҥээрэн, өссө дьарыктанар баҕа санаалаах тарҕаспыттара киһини үөрдэр. Эһиил күүскэ бэлэмнэнэн, тэринэн, кыайыыга дьулуурдаах кыттыаххыт диэн эрэнэбит.
Күрэҕи ыыппыт учууталларга, судьуйаларга В.И. Никитиҥҥэ, А.В. Алексеевка, В.Н. Егоровка, боротокуолу толорбут И.И. Петровка, тыаһынан-ууһунан киэргэппит, видеоҕа, хаартыскаҕа устубут А.И. Никифоровка, грамоталары бэлэмнээбит С.О. Ноевка улахан махталбытын тиэрдэбит.
Бу күн күрэххэ кыттыбатах эр дьон учууталлар, оскуола үлэһиттэрэ оскуола икки сарайын хаарын ыраастаан, киирэр-тахсар сири сиппийэн, улахан үлэни оҥордулар. Дьэ бу курдук ким да туора турбакка, биир дьиэ кэргэн кэриэтэ түмсүүлээх буолуҥ!
Уол оҕо инники дьылҕата, өйө-санаата, олох ыарахаттарыгар туруулаһар кыаҕа эр киһиттэн, аҕаттан ордук тутулуктаах. Инникитин да маннык түмсүүлээхтик, таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы, айа-тута, уол оҕо бигэ тирэхтээх буоларыгар уостубат үлэни салгыы ыытаргытыгар баҕарабыт, – диэн Валентина Васильевна кэпсэтиибитин түмүктүүр.
***
Тэрийээччилэр спонсордарга: Л.Н. Спиридоновка, А.А. Семеновка, В.В. Софронееваҕа, Я.Т. Оконешниковка; туттар тэриллэри сытыылаан, бэрийэн бэлэмнээбит П.П. Васильевка; тырааныспарынан хааччыйбыт А.И. Габышевка; 220 вольтаах генераторынан уот-күөс үлэтин тэрийбит А.П. Поповка уонна тэҥҥэ сүүрбүт-көппүт бары эдэр аҕаларга, күүс-көмө буолбут выпускниктарыгар "Айсберг" байыаннай-патриотическай кулууп иитиллээччилэригэр Сергей Сосиҥҥа, Дима Санниковка хаһыат нөҥүө махталларын тиэрдэллэр.