05.07.2020 | 17:49

Оҕо тэрээһиннэрэ эһиилгигэ диэри бобулуннулар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Роспотребнадзор оҕолорго аналлаах тэрээһиннэри, коронавирус дьаҥа күүскэ тарҕанар куттааллааҕынан сибээстээн, 2021 сыл тохсунньутугар диэри боборун туһунан иһитиннэрдэ.

Хааччах оҕолору кытта үлэлиир тэрилтэлэргэ барыларыгар сыһыаннаах — оскуолаларга, оҕо уһуйааннарыгар, лааҕырдарга, атыы-эргиэн кииннэригэр оонньуур хосторго, оҕо спортивнай тэриллиилэригэр.

Лааҕырдарга аһаҕас халлаан эрэ анныгар тэрээһиннэр көҥүллэнэллэр, онуоха оҕолор аҕыйах киһилээх этэрээтинэн арахсаллара булгуччулаах. Оҕолор уонна улахан дьон кыраадыстарын күн аайы бэрэбиэркэлиэхтээхтэр. Оскуолаҕа аттестация ыытарга 1,5 м. социальнай дистанция тутуһуллуохтаах. Уһуйаан оҕолоро эмиэ дьоҕус бөлөхтөрүнэн дьарыктаныахтаахтар. Оҕо уһуйааннарыгар оонньуурдары күн аайы дезинфекциялыыр буолуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....