21.10.2023 | 12:00

Оҕо сынньалаҥар уонна сайдыытыгар болҕомто ууруохха

Оҕо сынньалаҥар уонна сайдыытыгар болҕомто ууруохха
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кистэл буолбатах, куораппытыгар оҕо оонньуур, сынньанар сирэ тарбахха баттанар.  Үгүс ийэ кырачаанын ханна да соһо сылдьар кыаҕа суох буолан, биир дьиэҕэ хаайтаран олороро олоххо баар көстүү.

Диана Солдатова – икки оҕо тапталлаах ийэтэ, идэтинэн гинеколог-быраас. Үс сыллааҕыта кырачаан кыысчаанын сайын төрөөбүт уонна уһун кыһыны таас дьиэҕэ атаарбыт. Онон бу кыһалҕаны бэркэ билэр буолан,  быйыл сайын “Жирафик” диэн оҕо сынньанар, оонньуур киинин арыйбыт.

— Диана, хаһааҥҥыттан бэйэ дьыалатын тэринэр санаа киирбитэй? Ол туһунан ааҕааччыларбытыгар кэпсиэҥ дуо?

— Билигин хас иккис дьиэ кэргэн кырата үстүү оҕолоох. Хайа баҕарар төрөппүт кырачаанын сынньатыан, саататыан, атын оҕолору кытта тэҥҥэ оонньотуон баҕарар. Мин урут-уруккуттан атын сиргэ тиийдэхпинэ, сайдыылаах куораттарга сырыттахпына оҕо сынньалаҥар элбэх болҕомто уурулларын сэргии көрөр этим. Биир оннук айан кэннэ бэйэ дьыалатын арыйарга быһаарыммытым.

Манна элбэх эдэр ыал олорор уонна куораппыт саамай сайдыылаах түөлбэтэ диэн санааттан 203-с дьоҕус оройуону талбытым. Кииним хайдах буолуохтааҕын тута харахпар ойуулаан көрбүтүм. Ыраата барбакка, тута аныгылыы тупсаҕай миэбэл сакаастаабыппыт, оонньуур аҕалбыппыт. Хас биирдии миэбэли барытын бэйэбит күүспүтүнэн хомуйбуппут, манна миэхэ дьиэ кэргэним, төрөппүттэрим, балтыларым көмөлөспүттэрэ. Кинилэргэ махталым муҥура суох. Ханнык баҕарар ыра санаабын олоххо киллэрэрбэр куруук дьиэ кэргэним өйүүр. Кинилэр миэхэ итэҕэйэр уонна эрэнэр буоланнар, мин бу сыалбын-сорукпун толордум дии саныыбын.

Биллэн турар, сайдыылаах олоххо олоробут, хас биирдии төрөппүт үлэлээх, ол эрэн оҕону көрөр, хаалларар киһитэ суоҕа ханнык баҕарар ийэни атахтыыр. Ол курдук биһиэхэ төрөппүттэр оҕолорун хаалларан баран, ыксаабакка эрэ, кофе иһиэхтэрин эбэтэр бэйэлэрин кыһалҕаларын, наадаларын ситиһиэхтэрин сөп. Ийэлэр дьүөгэлэрин кытта көрсөллөр, маҕаһыын кэрийэллэр уо.д.а. Оҕолор үөрүүнү кытта саҥа доҕоттору булуналлар, атын оонньуурдарынан оонньууллар.

Мин санаабар, ханнык баҕарар төрөппүт сынньаныахтаах, оҕо эмиэ уопсастыбаҕа кыра сааһыттан сыста улаатыахтаах. Ол иһин оҕолор үөрэ-көтө хаалыахтаахтар, төрөппүттэр дуоһуйуохтаахтар диэн сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. Дьоллоох уонна сынньаммыт ийэ – дьоллоох оҕо саас мэктиэтэ.

— Оҕолор тугунан дьарыктаналлар?

— Уруһуйдууллар, илиинэн оҥоһуктары оҥороллор, аппликациялыыллар, тарбах оонньууларын оонньуу үөрэтэбит, өй үлэтин үчүгэйдик сайыннарар араас оонньуулары оонньууллар, пластилинтан кыыллары, дьиэни-уоту да тутуохтарын, айыахтарын сөп.

— Кыра оҕолоох ийэлэргэ ханнык оонньуулары сүбэлиигин?

— Тарбах оонньуута – кыра моториканы сайыннарыыга ордук табыгастаах ньыма. Быыкаа эрдэхтэриттэн дьарыктыахха сөп, оҕо улаатан истэҕин ахсын уустугурдан иһэбит. Холобура, тугу гыныахха сөбүй? Чаһы стрелкаларынан туора-маары илиилэрин илбийэбит, сутуруктарын ыга тутталлар. Уран тарбахтарынан араас өҥнөөх уонна кээмэйдээх предметтэри туталлар (кытаанах уонна сымнаҕас, тымныы уонна сылаас уо.д.а). Норуокка биллэр «ладушки» уонна «сорока-ворона» оонньуулары оонньуубут. Тарбах оонньууларынан дьарыктаныы оҕо тылын саппааһын кэҥэтэр, хоһоону да түргэнник өйдүүр, ылынар буолар.

Аппликациялааһын – кыра моториканы сайыннарыыга эмиэ сүрдээх үчүгэй ньыма. Кыра дэтээллэри тутуу-хабыы, бэрийии илии үлэтигэр көмөлөһөр  уонна маннык дьарык оҕо болҕомтолоох буоларыгар туһалыыр. Кыптыыйынан быһан араас геометрическай фигуралары кырыйтарыахха сөп (үс муннук, төгүрүк, түөрт муннук), ол эрээри уустук фигуралары эмиэ оҕо кыаҕыттан көрөн үөрэтэбит: көтөр-сүүрэр, дьиэ-уот, сибэкки уо.д.а.  Мантан сиэттэрэн оҕо бары тарбахтара үлэлииллэр. Холобур, кыһын кумааҕыны оҥорууга көһүөххэ сөп, бу туһалаах эрэ буолбакка, өссө умсугутуулаах дьарык!

Сыбаан оҥоруу (лепка) кыра моторикаҕа уонна тутан-хабан оҥорууга биир саамай көдьүүстээх ньыманан ааҕыллар. Оҕо сатаан уруучуканы тутарыгар, илиитинэн салайан, хонтуруоллаан үлэлииригэр көмөлөһөр. Көннөрү туойтан, тиэстэттэн, гипсэттэн араас оҥоһугу оҥорторуохха сөп. 

Маны сэргэ, уһуйааҥҥа киирэр оҕолорго билсиһии кууруһун тэрийэн ыытабыт. 35 сыл ыстаастаах, оҕолору кытта элбэх уопуттаах Марина Михайловна Яковлева көҕүлээн тэрийэр. Куурус икки салааттан турар – теоретическай  уонна быраактыка. Бастаан оҕолор уһуйаан диэн тугун, иитээччи диэн кимин билэллэр, онтон биир саастыылаахтарын кытта билсиһии, бодороһуу барар.

— Төрөппүттэр кырачааннарын уһуйааҥҥа хайдах бэлэмниэхтээхтэрий?

— Уһуйаан – саҥа билсиһии,  саҥа быһыы-майгы, саҥа дьон. Хас биирдии оҕо адаптацияны атын-атыннык ааһар. Оҕолор эмискэччи саҥа социальнай эйгэҕэ тахсаллар, онтон сылтаан эмоциональнай сайдыыларын тэтимэ бытаарыан сөп. Онон бу кэмҥэ оҕону хайдах эмэ гынан эчэппэккэ, кыралаан уһуйааҥҥа бэлэмниир ордук, бу маны төрөппүт бэйэтэ тэрийиэхтээх. Кууруспут сыала – оҕоҕо уһуйаан  усулуобуйатын билиһиннэрэр, тэрилтэҕэ барарыгар көмөлөһөр. Ол курдук, биһиги уһуйааччыбыт кырачаан эмоциональнай күүрүүтүн сатаан салайар буоларыгар үөрэтэр, оҕолор бииргэ үлэлиир дьоҕурдарын сайыннарар, сатаан оонньуур уонна тэрийэр сатабылларын эрдэттэн бэлэмниир.

Холобур, бу курдук сүбэ-ама биэриэхпин сөп:

 Күннээҕи эрэсиими тутуһуу (оннооҕор өрөбүллэргэ).

Оҕо рационугар кыралаан уһуйаан аһын киллэрии.

 Үөрэтэбит:

Оҕо бэйэтэ таҥаһын устар, дьаарыстанар уонна таҥнар буоларыгар;

Туох эрэ табыллыбат буоллаҕына көмө көрдөһөрүгэр;

Аһынан оонньонуллубат диэн өйдүөхтээх, остуолга ньуосканан аһыы үөрэниэхтээх.

4. Оҕолору кытта бииргэ бодоруһуу үлэтин тэрийэбит, атын оҕолору кытта билсэ үөрэниэхтээх. 

5. Чугастыы турар оҕо уһуйааныгар тиийэн, таһырдьа оонньуу, дьаарбайа сылдьар оҕолору, иитээччилэри көрдөрүөхтээхпит.

6. Ити курдук, оҕобутун уһуйаан олоҕор кыралаан бэлэмниэхтээхпит.

— Диана, кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Салгыы үлэҥ таһаарыылаах буоларыгар уонна бу курдук социальнай хабааннаах хайысхаларга болҕомто ууран, уопсастыба олоҕор сэмэй кылааккын киллэрэргэр, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир бырайыактарга хорсуннук ылсаргар, санаабыккын ситиһэргэр баҕарабын

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...