23.07.2021 | 16:02 | Просмотров: 880

Оҕо суолга сэрэхтээх буоларын туһугар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Тырааныспар сылдьар суола оҕолорго ураты сэрэхтээх. Ордук кыра саастаах оҕолор суолга сылдьар уопуттара суох, быраабылалары билбэттэр, сэрэҕэ суохтар. Кинилэри харыстыыр курдук тугу гынабыт? 
Дойду үрдүнэн тахсар суол быһылаанын 10% оҕолору кытта сибээстээх. Суол быһылаанын 20% тырааныспар суолугар сүүрэн тахсыбыт, суола сыыһа туораабыт, сэрэҕэ суох бэлэсипиэттээбит оҕолор буруйдарынан тахсыбыт. Оҕолор суолга куттала суох сылдьыылара – төрөппүттэр, суоппардар, ГИБДД сотрудниктарын, үөрэх тэрилтэлэрин уонна көннөрү ааһан иһэр дьон сүрүн соруктара. Оҕо олоҕо улахан дьонтон тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит. 
Оҕо суолга хайдах харыстанан сылдьарыгар кыра сааһыттан үөрэтиллиэхтээх. Улахан киһи бэйэтин тус холобурунан дьиссипилиинэлээхтик, болҕомтолоохтук, быраабыланы тутуһан, сэрэнэн сылдьары көрдөрүөхтээх. 
Саамай үчүгэй ньыма – оҕону оонньуу быһыытынан үөрэтии. Суолга сылдьар курдук санаан, араас түбэлтэлэргэ оҕо хайдах гыныахтааҕын үөрэтэр, бэйэтин толкуйдатар, хас да вариантан талларар туһалаах. Оччоҕо оҕо ордук интириэһиргээн туран үөрэнэр, быраабылалары өйдөөн хаалар. 
Оҕо ордук 5 сааһыгар диэри куттал диэн тугун өйдөөбөт эбит. Ол иһин суолга дэбигис сүүрэн тахсыан, массыына кэлэн иһэрин өйдөөн көрүө суоҕун сөп. Улахан дьон сүрүн соруктара – суолга оҕо хайдах быһыылаахтык сылдьыахтааҕын үөрэтии.
Оҕо кыра сааһыттан билиэхтээх быраабылалара:
Ханнык да түгэҥҥэ суолга сүүрэн тахсыллыбат. 
Турар массыыналары кэннилэринэн ааһыллыахтаах. 
Оонньуу сылдьан массыына кэннигэр саһар бобуллар. 
Тиэргэн иһинэн массыына ааһан иһэр буоллаҕына дьиэ, подъезд диэки барыллыахтаах. 
Уулуссаны «зебранан» эрэ уонна күөх уот тыктаҕына туораныллыахтаах. 
«Зебра» суох сиринэн суолу туоруур көҥүллэммэт. 
Суолу туораан иһэн көрүллүөхтээх: икки өттүттэн чугаһаан иһэр массыына суох буолуохтаах. Бастаан хаҥас, онтон уҥа диэки көрөбүт. 
Оптуобустары хайа да өттүттэн эргийэн барар сэрэхтээх. «Зебранан» эрэ туоруур ордук. 
Бэлэсипиэттииргэ уонна ролигынан хатааһылыырга анаммыт эрэ сирдэргэ – тротуарга, пааркаҕа, стадиоҥҥа сылдьыллыахтаах. 
Массыыналарга уонна уопсастыбаннай тырааныспарга хатаастар булгуччулаахтык бобуллар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түүппүлэ (кэпсээн)
Сынньалаңңа | 13.10.2026 | 19:30
Түүппүлэ (кэпсээн)
Сибиэтэ иһитин хомуйан, уолларын хоһугар ыалдьыттарыгар орон оҥорон, суунан-тараанан, утуйардыы сыппыта. Аан нөҥүө дьоно кэпсэтэн бөтүгүрэһэллэрэ, күлсэн ылаллара иһиллэрэ. “Барахсаны... Оо, тулаайах... Ынырык дии. Хата, киһи-хара буолбут...” – Сибиэтэ ыалдьытын кэпсээнин санаан уйадыйбыта. “Чахчы оннук ээ. Ийэ, аҕа диэн тыллар туохха даҕаны тэҥнэммэт күндү буоллахтара. Мин эмиэ, ийэм өлбүтүн кэннэ,...
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
Сонуннар | 14.10.2026 | 19:00
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
(олоххо буолбут түбэлтэ)
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Сонуннар | 13.10.2026 | 07:20
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Алтынньы 13 күнүнээҕи гороскоп.
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Сонуннар | 14.10.2026 | 07:30
Алтынньы 14 күнүнээҕи гороскоп.
Бокуруоп таҥара күнүгэр ый- сулус хаамыыта тугу сабаҕалыырый?