Оҕо спордун оскуолаларыгар миэстэ 7 тыһыынчаҕа диэри улаатыаҕа
Дьокуускай куоракка үлэлиир оҕо спордун оскуолаларыгар миэстэ ахсаана 7 тыһыынчаҕа диэри улаатар кэриҥнээх. Маныаха быйыл Хатаска, Сайсарыга тутуллубут спорт комплекстара эмиэ төһүү буолуохтара.
Хатастааҕы оҕо спордун оскуолатыгар 800 кэриҥэ оҕо спорт алта көрүҥүнэн дьарыктаныаҕа: мас-рестлинг, бокса, баскетбол, чэпчэки атлетика, көҥүл тустуу, хайыһар, Сайсарыга үлэҕэ киирбит саҥа «Чыпчаал» саалаҕа 1000 оҕону спорт сэттэ көрүҥэр – уус-уран гимнастика, бокса, көҥүл тустуу, волейбол, хабылык, хаамыска уонна пауэрлифтинг.
Эбэн эттэххэ, VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньууларынан быйыл Дьокуускай куорат оҕо спордун оскуолаларыгар барытыгар өрөмүөн ыытылынна – муоста, истиэнэ, трибуна саҥардыыта, уу, уот ситимэ барыта. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.