Оҕо спорда бастакы миэстэҕэ турар
Бэс ыйын 25 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев «Азия оҕолоро» Оонньууларга кыттар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Дьокуускай куораттан киирбит спортсменнары кытта көрүстэ.
«Оҕолорго, тренердэригэр бастыҥ көрдөрүүнү уонна, биллэн турар, табыллыыны баҕардым. Бу күннэргэ кинилэр санныларыгар улахан эппиэтинэс сүктэриллэр – төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин уонна куораттарын чиэһин аан дойду таһымыгар көмүскүүллэр. Кинилэр хас биирдиилэрэ тыһыынчанан чаастаах дьарыктары, күүстээх эрчиллиилэри ааһан тураллар. Ити улахан үлэлэрэ, дьулуурдара ситиһиинэн эргийэн кэллин! Оттон биһиги кинилэргэ ыалдьыахпыт, өйүөхпүт!» – диэн суруйар бэйэтин телеграм-ханаалыгар Евгений Николаевич.
Бу нэдиэлэ саҥатыгар, бэс ыйын 24 күнүгэр, ГТРК телевидение ханаалын «Куораты кытта быһа эпиир» аһаҕас биэриитигэр Евгений Григорьев оҕо спорда Дьокуускай куоракка бастакы миэстэҕэ турарын тоһоҕолообута. Ол курдук, аныгы гаджет үйэтигэр оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар спорт уонна физическэй култуура эрэ көмөлөһөр кыахтаахтарын бэлиэтээбитэ. Онуоха «Азия оҕолоро» Оонньууларынан сибэстээн Дьокуускай куорат Оҕо спордун оскуолаларыгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх үлэ ыытыллыбытын санаппыта. Чуолаан кылгас кэмҥэ Хатаска уонна Сайсары түөлбэтигэр сабыс-саҥа спорт комплекстара тутуллан үлэҕэ киирбиттэрин, сыл бүтүөр диэри Губин уулуссатыгар үһүс саҥа спорт саалата тутуллан бүтээри турарын иһитиннэрбитэ. Бу эбийиэк биир уратытынан дзюдо көрүҥүнэн дьарыктанааччылар анал спорт оскуолалара буолуоҕа. Маны сэргэ саҥа тутуллар «Звезднай», «Спортивнай», «Өлүөнэ очуостара» олорор кыбаарталларга барыларыгар спорт саалалара, «Звезднайга» каток баар буолуохтара. «Бу тугу биэрэр? Бастатан туран, соторутааҥҥа диэри Дьокуускай куорат Оҕо спорт оскуолаларыгар 5000 оҕо дьарыктанар буоллаҕына, Ильменскэй уулуссаҕа арыллыбыт «Чыпчаал» уонна Хатаска тутуллубут спорт саалаларын суотугар 7000 оҕо спордунан хабыллар буолла. Оттон саҥа түөлбэлэр спорт саалалара үлэлээтэҕинэ, номнуо 10 000 оҕо спорка сыстыаҕа»,– диэн баһылык быһааран биэрэр.
Евгений Николаевич маны сэргэ Олохтоох дьаһалта быйылгыттан саҕалаан Оҕо спорт оскуолаларын барыларын өрөмүөннүүр былааннааҕын иһитиннэрбитэ. «Азия оҕолоро» Оонньууларга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар Дьокуускай куораттан 199 оҕо киирбитин, спорт хас биирдии көрүҥэр биирдии-иккилии оҕо кыттарын, олортон 45 спорт оскуола иитиллээччилэрэ буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.