27.05.2024 | 22:47

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ болҕомто ууруллар

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ болҕомто ууруллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу чэппиэргэ, ыам ыйын 30 күнүгэр, Дьокуускайга «Моя работа» офис сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах үгэс буолбут «Мое трудовое лето – 2024» дьаарбаҥканы ыытар.
Дьаарбаҥка Петр Алексеев уул., 19, 1 корп., «Моя работа» офиһыгар буолар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр буола турар Оҕо саас сылларынан 14-тэн 18-гэр диэри саастаах оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарарын тэрийэри көҕүлүүр сыалтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ үөрэх министиэристибэтин кытта муниципальнай тэриллиилэр ортолоругар «Трудовое лето» күрэҕи былаанныыллар.
Кыайыылаахтар үс бөлөҕүнэн «Сосновый бор» лааҕырга сынньанар путевканан наҕараадаланыахтара: промышленнай оройуоннар, арктическай уонна хоту оройуоннар уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустар. Бастакы миэстэни ылбыттар 10 путевканан наҕараадаланыахтара, иккис – 8, үһүс – 5. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата быйыл муус устар 25 күнүгэр Оҕо аймах сылынан ылыммыт 492-р№-дээх дьаһалыгар этиллэр, диэн СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга кэмитиэтэ иһитиннэрэн турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...