16.12.2020 | 17:15

Оҕо сайдыытыгар тулалыыр эйгэ оруола улахан

Оҕо сайдыытыгар тулалыыр эйгэ оруола улахан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

( «Мичээр» бөлөххө эйгэни олохтооһун уопутуттан)

Оҕону сайыннарар предметтэртэн турар тулалыыр эйгэ – оҕо билэр-көрөр, эмоциональнай, хамсанар-имсэнэр дьоҕурун, тугу интэриэһиргиирин уонна баҕарарын талар кыаҕын үөскэтэр эйгэ. Саамай сүрүнэ, уһуйаан бөлөҕүн ис бараана оҕо бэйэтэ талар кыаҕын уонна бэйэтин иннин быһаарынар буолуутун үөскэтиэхтээх. Маннык үлэни тэрийэрбитигэр биһиги, иитээччилэр, оҕоҕо куттала суох, бары өттүнэн табыгастаах, элбэхтэн биири талар кыаҕы биэрэр эйгэни тэрийэргэ дьулуспуппут. Дьиэ иһинээҕи эйгэ үс тутулун – муостаны, эркини, өһүөнү барытын туһанабыт.

Бөлөхпүт үс элбэх функцияны толорор зонаҕа арахсар: холку, наҕыл дьарыктарга аналлаах зона; хамсаныылаах-имсэниилээх, улахан тутуулары оҥорорго табыгастаах зона; үлэлиир зона.

Холку уонна наҕыл дьарыктарга анаммыт зонаҕа киирэллэр:  «Чуолкайдык саҥарыах» киин – оҕо бытархай моторикатын сайыннарар оонньуурдар стеллажтара, быалаах-туһахтаах оонньуурдар, кылтан оҥоһуллубут массаастыыр шариктар; “Кэрэни кэрэһилиэх” айар үлэ киинэ – көлөһөлөөх анал тумба, араас матырыйааллары угар салаалардаах; “Чинчийии” кумах уонна уу киинэ – суунар хоско турар, элбэх араас кээмэйдээх воронкалартан, турбалартан, араастык быһыыланан оҥоһуллубут ситим буолар. “Тимирэр-тимирбэт”, “илийбэт-илийэр” маллардаах, кырааскалары холбуур иһиттээх турар, лейка, губка, палитра уонна лупа баар; “Кинигэ киһи доҕоро” киин -  кинигэ долбуура, сымнаҕас сыттыктардаах ааҕар сир, эркиҥҥэ “Булугас өй” киинин саахымат фигуралардаах дуоската ыйанар; «Толкуйдуохха-оонньуохха»дидактическай матырыйааллар уонна  «Суоттуохха-билиэххэ» араас геометрическэй фигуралардаах, чаһылаах, дьыл кэмин, ыйы, суукканы, нэдиэлэ күннэрин кэтиир моделлаах сыыппаралардаах математикакиинэ.

Биһиги бөлөхпүт биир киэн туттуута –«Миигин тулалыыр киэҥ эйгэ» киин. Манна оҕо космическай эйгэ, күн систиэмэтэ, космоска дьон оруолун туһунан өйдөбүлү ылар. Папьше машенан оҥоһуллубут күн систиэмэтэ, эркиҥҥэ сир шарын географическай картата ыйанан турар – оҕолор материктары, дойдулары, куораттары булаллар, хайалары, муоралары, үрэхтэри араараллар. 3д форматтаах араас дойдулартан аҕалылллыбыт сувенирдар бааллар.

Хамсаныылаах-имсэниилээх оонньууларга бөлөхпүт киин сирэ ананар. “Тутуу” киинигэр Лего кубиктар, сымнаҕас тутуу модуллара, бэйэбит айбыт “Ай-тут-оонньоо” оонньуубут баар. Тутуу матырыйааллара барыта оҕо талбытынан сыҕарытар көлөһөлөөх дьааһыктарга хараллаллар. “Чэгиэн буол” кииҥҥэ скаладром, шведскай стенка, өһүөҕэ ыйанар кокон, гамак, мас хачыал бааллар. «Тэҥҥэ мустан оонньуохха» сюжеттаах оонньууларга анаммыт сиргэ “Дьиэ кэргэн киинэ” ороннор үрдүлэринэн иккис этээс быһыытынан тутуллубута. Ол иһин бөлөх иһигэр миэстэни ылбат. Араас идэлэр формалара эмиэ көлөһөлөөх дьааһыктарга ыйаналлар. Бу дьааһыктарга массаастыыр көбүөрдэрбитин кытта харайабыт.

 «Чугдаарыый, музыка» кииҥҥэ Олоҥхону билиһиннэрэбит. Бөлөхпүтүгэр “Дьурулуйар Ньургун Боотур” олоҥхо геройдарынан куукулалар быыстапкалара, фетртан оҥоһуллубут мааскалар, би-ба-бо куукулалар, араас омуктар остуоруйаларын геройдара бааллар.

Оҕолор үлэлиир остуоллара араас үрдүктээхтэр. Бэйэ-бэйэлэрин истэригэр киирэн хомуллан хаалар оҥоһуулаах буоланнар, элбэх миэстэни ылбаттар. Бөлөхпүт эркиннэрин сырдык өҥүнэн кырааскалаан, Олоҥхо сюжеттарынан витражтарынан киэргэппиппит. Оҕолор таҥастарын уурар ыскааптарын икки этэстээх дьоҕус эрээри, дириҥ буолар гына бырайыактаан оҥорбуппут. Биир эркиҥҥэ магниттаах истиэндэҕэ оҕолор оҥоһуктарын ыйыырга табыгастаах.

Бөлөхпүт маннык табыгастаах эйгэтэ хас да сыллар устата тэриллибитэ. Маныаха сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн төрөппүттэрбит буолбуттара. “Мичээр” бөлөххө сылдьар оҕоҕо эргиччи табыгастаах, кута-сүрэ тохтуур, личность быһыытынан сайдар-үүнэр эйгэ олохтонно.

Биһиги уопуппутун өрөспүүбүлүкэбит атын уһуйааннарыгар туһаныахтарын баҕарабыт.

Марина Михайловна Елисеева,

Анна Петровна Иннокентьева,

Дьокуускай 89 №-дээх «Парус» уһуйаанын иитээччилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...