Оҕо саадын тутуу «Звезднай» түөлбэҕэ саҕаланна
Киин куоракка саҥа тутуллар «Звезднай» түөлбэ С секторыгар 315 миэстэлээх оҕо саадын бастакы сыбаайалара түстүлэр, диэн иһитиннэрэр СӨ Тутууга министиэристибэтигэр.
Тутууну «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота» Сакаасчыт сулууспа АУо федеральнай киинтэн киирэр бүддьүөт кирэдьиитин суотугар ыытар. Эбийиэк эһиил, 2025 сылга, үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Оҕо саадын таһынан «Звёзднайга» 990 миэстэлээх оскуола уонна симиэнэҕэ 600 киһини көрөр поликлиника, сабыылаах каток о.д.а. курдук баараҕай социальнай эбийиэктэр дьэндэйиэхтэрэ, 263 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ, 6,2 км усталаах бэлисипиэт суола, хас даҕаны паарка, сквер баар буолаллара күүтүллэр.
Оттон түөлбэ олохтоохторунан сүрүннээн хаарбах дьиэттэн көһөрүллээччилэр буолуохтара. Ол курдук, 2019-2025 сылларга олоххо киллэриллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан С секторга хаарбах дьиэттэн көһөрүллээччилэргэ 579 кыбартыыра тыырыллан турар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.