Оҕо саҥатын сайыннарар албастар
Билиҥҥи үйэ оҕото гаджеттарга убанан, интэриниэт сабыдыалынан саҥата хойут сайдар буолбута, билиҥҥи кэм сытыы кыһалҕата буолла. 4-5 саастаах оҕолор сатаан саҥарбаттарыттан киһи соһуйбат буолан эрэр. Маныаха төрөппүттэргэ оҕо саҥатын сайыннарар албастары, күннэтэ оҥоһуллар судургу үөрүйэхтэри олоххо киллэрэргэ сүбэлиибит.
Оҕо саҥатын киһи бэйэтэ дьиэтигэр эрчийэр усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Оҕону ытыһын таһыннаран, тарбахтарын биирдии-биирдии имитэн, ытыһыгар баар ньиэрбэлэрин уһугуннаран оҕо саҥата сайдарыгар туһалыыбыт. Ити тарбахтарын төбөлөрүгэр, ытыстарыгар баар ньиэрбэлэр, оҕо саҥарар саҥата сайдарыгар олус көмөлөөхтөр. Тарбах оонньуулара манна көдьүүстэрэ сүдү буолар.
Оҕо көрөн, үтүктэн барытын олус түргэнник ылынар. Олус үчүгэй ньыманан оҕону бэйэҕитин кытта илдьэ сылдьан үөрэтии буолар. Буспут хортуосканы, мандарины, апельсины, сымыыты хастатыаххытын сөп, бытархай сээкэйи (оҕуруо, тимэх, куруппа арааһа), кумааҕы кыырпахтарын хомуйтарыы олус көмөлөөхтөр. Тиэстэ мэһийэргэ, ытыгынан ытыйарга көмөлөһүннэриэххитин сөп.
Оҕо бэйэтэ таҥнарын ирдээҥ. Тимэхтэрин тимэхтээтин, бэргэһэтин, бачыыҥкаларын быатын бааннын, кууркатын, сонун бэйэтэ сомуоктаннын. Төһө өр бодьуустаһарын бэйэтэ биллин, ыксатымаҥ, ыгылыйымаҥ – кини бу кэмҥэ тарбахтарын эрчийэр.
Оҕо барытын аһан көрөрүн сөбүлүүр, ону эмиэ туһаҕа таһаарыахха. Ол иһин, холобур, тиис суунар паастатын хаппаҕын бэйэтэ астын уонна ыктын, ону буойумаҥ. Кумааҕыны хайыта тыыталларын эмиэ олус сөбүлүүллэр, ону туһаҕа таһаарыҥ. Кумааҕыны хайытан, кумалатан баран, атаҕын таҥаһын иһигэр ук, куурда уур диэн үөрэтиэххэ сөп.
Сайын, күһүн батыһыннара сылдьан сир аһын хомуйтарыы олус туһалаах. Оҕо сибиэһэй салгын сиир, айылҕалыын алтыһар, үлэҕэ үөрэнэр, саҥаны, элбэҕи билэр, ону тэҥэ тарбаҕын сайыннарар. Ыскаап, дьыбаан анныгар түспүт маллары ылларыы, быыл сотторуу, кинигэ көрөргө лииһин биирдии-биирдии арыйтарыы, скотч саҕаланыытын булларыы – ити барыта оҕо саҥата сайдарыгар дьиэ усулуобуйатыгар туттуллар албастар.