ОҔОҔО - ОРДУКТУК
Ханнык да эйгэҕэ үлэлээтэллэр, сөбүлүүр дьарыктарын ыһыктыбат дьон бааллар. “Юность Севера” хаһыат шеф-эрэдээктэрэ Лилия Устинова айымньыларынан, кэпсээннэринэн ааҕааччы кутун туппут буоллаҕына, өссө биир олоҕун устатын тухары илдьэ сылдьар сөбүлүүр дьарыга – иис.
– Мин Дьааҥыттан төрүттээхпин. Онно хайалар быыстарыгар ыраас да ыраас уулаах Сартаҥ үрэх үрдүгэр турар Үҥкүр диэн дэриэбинэҕэ төрөөбүтүм. Дьоммор үс уолу кытта соҕотох кыыспын. Ийэм үйэтин тухары алын кылаас учуутала этэ. Аҕам суоппар, механизатор, колхуос тутаах үлэһитэ этэ.
Бэйэм онно 8 кылааһы бүтэрэн баран, оскуолабын Верхоянскай куоракка түмүктээбитим. Онтон СГУ-га биолого-географическай факультекка үөрэнэн, географ идэтин ылбытым. Ол кэнниттэн биир сыл оскуолаҕа үлэлээбитим. Онтон 1996 сыллааха “Юность Севера” хаһыакка кэлбитим, онтон ыла суруналыыстыкаҕа айа-тута сылдьабын.
Кэргэним Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Идэтинэн технология учуутала, уһанар, олус мындыр киһи. Биир уол оҕолоохпут инженер идэтин баһылаан үлэлии сылдьар. Кэргэнэ Намтан төрүттээх, наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур, айылҕаттан бэриллибит талааннаах, архитектор-дизайнер идэтинэн үлэлии сылдьар. Биир 3 саастаах мурун бүөтэ Артемий диэн сиэннээхпит.
– Оҕо прессатыгар хайдах кэлбиккиний?
– Оҕо прессатыгар оскуолаҕа үлэлии сылдьан кэлбитим. Ол инниттэн даҕаны хаһыакка тардыһар этим. Оскуолабытыгар “Сартаҥ кыымнара” диэн юнкорпостаах этибит. Егор Григорьевич Старостин диэн учууталбыт наһаа үчүгэйдик дьарыктыыра. Суруйарга, санаабытын сааһылаан этэргэ үөрэппитэ. Онно сылдьан “Бэлэм буолга” заметкаларым бэчээттэнэллэр этэ. Оччотооҕу оҕо бары “Бэлэм буолу” ааҕара.
Биирдэ эрэдээксийэҕэ үлэлиир бииргэ үөрэммит кыыспын көрсө түстүм: “Эн сатаан суруйааччыгын дии, хаһыакка кэлбэккин дуо?” – диэтэ. Билигин санаатахпына, наһаа да харса суох эбиппин, “сатыам суоҕа”, “кыайыам дуо?” диэн санаалар охсуллан да ааспатахтара. Кэлбиппэр, тургутан көрөөрү, сорудах биэрбиттэрэ – үөрэтэр оҕолорум тустарынан биирдии-биирдии портретнай зарисовка оҥорбутум. Сахалыы үөрэммит киһи нууччалыы тэттик матырыйааллары начаас суруйан аҕалбытым. Үлэҕэ ылбыттара. Ол күнтэн ыла хаһыатчыт буолбутум.
– Үлэҥ атыттартан уратыларын тугу этиэҥ этэй?
– Үлэбин наһаа сөбүлүүбүн. Оҕоҕо суруйар, биллэн турар, олох атын, ураты. М. Горькай эппитэ баар: “Детям надо писать как взрослым, но лучше”, – диэн. Айар үлэбэр ол бэргэн этиинэн салайтарабын.
Оҕоҕо улахан киһиэхэ суруйар курдук судургутук, көнөтүк суруйбаккын. “Киниэхэ өйдөнөр тылынан, чэпчэкитик, ол гынан баран эмиэ да тэттиктик, чуолкайдык суруйуохха наада”,- диэн Нина Иннокентьевна Протопопова наар үөрэтээччи. Кини “оҕо таһымыгар түспэккэ, биир таһым үрдүктүк суруйуҥ, син биир иитэр-үөрэтэр хайысхаҕытын тутуһуохтааххыт”,- диэн такайара сөп да эбит. Оҕону бастаан интэриэһиргэтиэххэ наада.
Оҕо диэн туох да кир-хах сыстыбатах, кэтэх санаата суох ып-ыраас киһи. Туох да үҥсүүтэ-харсыыта, туруорсуута суох, оҕону кытта оҕо буолан үөрэ-көтө сылдьар үлэлээхпиттэн үөрэбин.
– Оттон иискэ ким уһуйбутай?
– Иискэ оҕо эрдэхпиттэн баҕалаахпын. Кыра эрдэхпиттэн наар иистэнэ сатыыр этим. Аҕабынан эбээм биһигини кытта олорбута. Сахалыы түүлээҕи барытын, нуучча да таҥаһын тигэрэ. Ону кытта тэҥҥэ тырыыппайдаһа, тардыалаһа олорор эрэйдээх оҕо этим.
Таҥаһы быһыта кырыйан буортулаабытым элбэх. Ол эрэн дьонум хаһан да мөхпөтөхтөрө.
Биир оннук түгэни оҕолорго суруйбут кэпсээннээх кинигэбэр киллэрбитим. “Түннүк сабыыта” диэн кэпсээн. Ийэм саҥа тигэн ыйаабыт остуоратыттан сибэккитин кырыйан ылан мотуруоскай былаачыйам түөһүгэр хам тигэн кэбиспитим. Ону кэпсээн гынан таһаарбыппын ааҕааччы сөбүлээбит этэ. Оннук буортулаабыт таҥаһым элбэх буоллаҕа. Биирдэ ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан ийэм 5 миэтирэ таҥаһы биэрбитин бэйэбэр да сөп буолбат гына кып-кыараҕас былаачыйа тиктибит этим. Оннук айылаахтык быһыта кырыйбыт эбиппин. Онтон ону ийэм дэлби аттаран, наһаа элбэх хаһаайыстыбаннай суумкалары тигэн, аймахтарга тарҕаппыта. Ол суумкалар билигин да сулууспалыы сылдьаллар этэ.
Онтон ыла лааппыга миэтирэнэн таҥас кэллэҕинэ ийэм рулонунан хаһаанар уонна иистэнэрбэр өлүүлээн көҥүллүүр буолбута. Үчүгэй баҕайы иистэнэр массыыналаах этибит. Подольскайга оҥоһуллубут массыына. Дьон сыбаалкаҕа бырахпыт массыыналарын аҕабыт булан аҕалан, өрөмүөннээн кэбиспитэ. Тугу барытын тигээччи – балаакка халыҥ бириһиэнин, сарыыны, тириини о.д.а. Соторутааҕыга диэри аймахтарбыт тутта сылдьыбыттара. Оннук хаачыстыбаннай иистэнэр массыыҥкалары оҥорор этилэр.
Онтон “Бурда” диэн сурунаал кэлбитэ. Наһаа да үчүгэй этэ. Бэйэбит быстан таҥас арааһын тиктэн кэтэр этибит. Устудьуоннуу сылдьан, иистэнэр массыынабыт суох буолан, илиибинэн дьууппа, блузка тиктэн кэтэрим.
Баайыыга алын кылааска үөрэнэ сылдьан биир эдьиийбиттэн үөрэммитим. Бастаан наскы баайарга үөрэппитэ. Былыргы сап хаачыстыбата наһаа үчүгэй, баайыы наскы олус өр кэтиллэр этэ. Ол бастакы наскыбын кыһын аайы оскуоланы бүтэриэхпэр диэри кэппиппин өйдүүбүн.
– Атын иистэнньэҥнэр албастарын туһанаҕын, үөрэнэҕин дуу?
– Маастар-кылаастарга сылдьан бэйэбэр ньэмиэт оҥосторго үөрэммитим. Онтум наһаа туһалыыр. Чуолкай быһыы оҥоһуннаххына, таҥаһыҥ да бэркэ табыллан тахсан иһэр. Маастардартан элбэҕи иҥэринэ, албастарын тутта сатыыбын.
Баайыы, оҕуруолааһын, декупаж – саҥаны барытын боруобалаан көрөбүн, үөрэнэн иһэбин. Чэпчэкитик сатаннаҕына, киһи, төттөрүтүн, интэриэһиргээбэт буолар эбит, биир малы оҥорон баран, ол дьарыккын ыраах уураҕын. Оттон толкуйдатар, албастары туһанан оҥоһуллар ньыманы дьаныһан, оҥорон көрө-көрө үөрэнэҕин.
Билигин наһаа үчүгэй үйэ. Онлайн маастар-кылаастары ютубка көрөн, тугу баҕарар сатыахха сөп. Эбэтэр маастардар удамыр сыанаҕа уруок биэрэллэр. Баҕалаах киһиэхэ туох барыта баар. “Мин сатаабаппын” диэнин иннигэр уктан баран сылдьар киһи, үөрэниэн баҕарбат буолан, сатаабат дии саныыбын.
Биһиги аймахха уус, тарбаҕар талааннаах киһи элбэх. Ол иһин киһи сатаабата суох диэн өйдөбүллээхпит. Эдьиийдэрим, аймахтарым бары иистэнэллэр. Биир эдьиийим: “Хайдах киһи сатыырын сатаабат буолуоххунуй, сатыыр дьон ол муостаахтар үһү дуо? Матырыйааллааҕым буоллар, сөмөлүөт да оҥоруом этэ”, – диэн күллэрээччи.
Бастаан сатаннаҕына кынаттанаҕын. Сакаастаабыт киһиҥ махтаннаҕына, үөрдэҕинэ, астынаҕын. Мин улахан маастар буолбатахпын. Бэйэ үөрүйэҕин сайыннаран сылдьабын. Сыалым-соругум диэн, бастатан туран, ураты уонна хаачыстыбалаах таҥаһынан бэйэм чугас дьоммун хааччыйыы. Баҕардахпына, сону, саҕынньаҕы да тигиэхпин сөп. Билигин дьэ сиэммин таҥыннарабын, араастаан симиибин. Бэйэм үксүн тиктибит таҥаспын кэтэбин. Дьиэ кэргэммин барыларын баайан таҥыннарабын.
Дьон миэхэ былаачыйа, дьууппа, булууһа үлэһэн тиктэрэр. Күннээҕи таҥаһы да, бырааһынньык таҥаһын да сатаан тигэбин.
– Оҕону иискэ хайдах уһуйуохха сөбүй?
– Оҕо үксэ иискэ наһаа баҕалаах буолар. Оттон улахан киһи үксүн солото суох, ыксыыр. Иннэ, кыптыый сэрэхтээх диэн дуу, дьиэни киртитэр, сыыһырдар диэн дуу, иннэни сүтэриэ диэн дуу – барытыттан сэрэхэдийэ быһыытыйабыт. Дьиҥэ, оҕо интэриэһиргиир кэмин мүччү туппакка, сыһыары тардыахха наада эбит. Уонна тулуурдаах буолуохха наада. Миигин боппотох, хааччахтаабатах буоланнар, барытыгар үөрэммиппин, барытын сатыыр буолбуппун.
Оҕону аттыгар олордон эрэ иистэниэххэ наада. Уонна улахан кириитикэтэ суох, хайҕаан, тэптэрэн биэрэр наада эбит. Мин ийэм соччо хайҕаабат этэ. Наар туохпун эрэ кириитикэлээччи. Оттон аҕам, төттөрүтүн, болҕомтотун ууран, үөрэн-көтөн, дэлби хайҕаан кынаттааччы. Ол иһин оҕо баҕалаах кэмигэр өйөөн, түгэни мүччү тутумуохха наада эбит дии саныыбын.
Эбэм иистэнэригэр аттыгар олорон тигэр этим. 4 эр киһиэхэ кээнчэ, үтүлүк тигэрбит. Үчүгэй сииктээх диэн хайҕааччы: “Бу дьарыккын бырахпакка илдьэ сырыттаххына, үчүгэй дьахтар буолуоҥ”, – диирин өйдүүбүн.