Оҕо күнүскү лааҕырдарын үлэтэ тохтоото
Роспотребнадзор сүбэтинэн Дьокуускайга оҕо күнүскү лааҕырдарын үлэтэ тохтотуллубутун туһунан Саха сиринээҕи оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын чэбдигирдэр “Сосновый бор” киин портала иһитиннэрэр.
«Куорат таһынааҕы лааҕырдар үлэлэрэ уратытык хонтуруолланар, Роспотребнадзор сөбүлэҥин биэрдэҕинэ, бары санитарнай ирдэбиллэри тутуһан туран, бэс ыйын 15 күнүгэр аһыллыахтара», – дииллэр иһитиннэриигэ.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэс ыйын 8 күнүттэн санитарнай-эпидемиологическэй өттүнэн үчүгэй түмүгү ылбыт 187 күнүскү лааҕыр үлэтин саҕалаата. Ол курдук, лааҕырдар Абый, Алдан, Анаабыр, Аллайыаха, Булуҥ, Эдьигээн, Нам, Ньурба, Нерюнгри уо.д.а., барыта 20 оройуоҥҥа үлэлээн эрэллэр.
Портал төрөппүттэргэ лааҕыр Саха сирин реестригэр баарын бэрэбиэркэлииллэригэр сүбэлиир.
«Чуолаан ити докумуоҥҥа лааҕыр лицензиялааҕа, хонтуруоллуур-кэтиир уорганнар бэрэбиэркэлэрин ааспыта сурулла сылдьар. Реестргэ лааҕыр толору аата, көрүҥэ, бас билиитин пуормата, аадырыһа, салайааччыларын туһунан иһитиннэрии барыта баар», – диэн этиллэр.