01.06.2021 | 09:32 | Просмотров: 708

Оҕо көмүскэлин күнүгэр дьоһун бэлэх буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Росгвардия Саха сиринээҕи салаатын управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ОМОН сотрудниктара «Өрөспүүбүлүкэтээҕи кыайан саҥарбат оҕолор коррекционнай интэринээт-оскуолаларын” спортивнай балаһааккатын өрөмүөннээтилэр. 
ОМОН байыастара үлэлэриттэн быыс булан, бииргэ түмсэн аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүнэн бэртээхэй бэлэҕи оҥордулар.


Интэринээт-оскуола дириэктэрэ Анатолий Федоров болҕомтолорун уонна өйөбүллэрин иһин спецсалаа салайааччыта, полиция полковнига Святослав Татариновка «Махтал суругу” туттарда уонна инники да өттүгэр үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитэргэ бииргэ үлэлэһэргэ эрэлин биллэрдэ. 
Саҥардыллыбыт балаһаакка аһыллыытыгар бастакы волейболга күрэхтэһии буолла. Онно ОМОН хамаандата эмиэ кытынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.