06.12.2023 | 18:00

Оҕо хамсааһына – кэскилбит түстэниитэ

Сылын аайы ахсынньы 5 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһун күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн Саха сиригэр 1992 сыллаахха олохтоммута.
Оҕо хамсааһына – кэскилбит түстэниитэ
Ааптар: Айыына Донская
Бөлөххө киир

Оҕо хамсааһына баай устуоруйалаах, үтүө үгэстэрдээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ 800-чэ оҕо хамсааһына баар, кинилэри «Движение Первых» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына ситимниир. Саха сирэ ити хамсааһыҥҥа бастакынан киирэн, Дьокуускай куоракка олохтоох салаа аһыллыбыта.

Киин куоракка оҕо хамсааһына араас хайысханан үлэлиир: үөрэнээччилэр, итиэннэ баһаатайдар этэрээттэрэ, волонтердар хамсааһыннара, оҕо медиакииннэрэ, ирдиир-кыраайы үөрэтэр хамсааһын уо.д.а.  Ол иһигэр «Движение Первых» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын бастакы сүһүөх уонна олохтоох салаалара бааллар, хамсааһын уонна «Орлята России» бырагыраама 20 000 тыһыынчаттан тахса оҕону хабар 200-тэн тахса тэрилтэни түмэллэр.

Наталья Шубина, Дьокуускай куораттааҕы Үөрэҕирии управлениетын иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ:

- Кэнники сылларга оҕону социализациялааһыҥҥа, олоххо көхтөөх сыһыаны үөскэтэргэ, гражданскай хаачыстыбаларын сайыннарарга Дьокуускай куораттааҕы «Юный горожанин» хамсааһын уонна итиннэ киирэр оҕо тэрилтэлэрэ төһүү күүһүнэн буоллулар. «Юный горожанин» уопсастыбаннай хамсааһын 2001 сыллаахха тэриллибитэ уонна билигин куорат хамсааһыннарын барыларын түмэр.

Куорат уокуругугар оҕо хамсааһыннарын, көҕүлээһиннэрин өйүүр уонна сайыннарар, оҕо холбоһуктарын уонна муниципальнай оскуолалар үөрэнээччилэрин киин куорат социальнай-экономическэй уонна уопсастыбаннай олоҕор кытыннарар сыаллаах 2022 сыл алтынньы 22 күнүгэр, куорат баһылыгын иһинэн үлэлиир Оҕо уопсастыбаннай сэбиэтэ тэриллибитэ. Уопсастыбаннай сэбиэт састаабыгар, сүүмэрдээһин түмүгүнэн, муниципальнай оскуолалар 8-10 кылаастарыттан 57 үөрэнээччи киирдэ. Координатор«Юный горожанин» уопсастыбаннай хамсааһын. 

 «Юный горожанин» хамсааһыны кытта араас үгэс буолбут тэрээһиннэри ыытабыт: «Тургутуу ыллыга» оонньууну, «Оҕо көҕүлээһинин киинэ» куонкурус муниципальнай түһүмэҕин, куорат баһылыгын иһинэн үлэлиир Оҕо уопсастыбаннай сэбиэтин састаабыгар куонкурус быһыытынан сүүмэрдээһини, «Саха сирин эдэр лиидэрэ» уонна «Саха сирин баһаатайын сүрэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр муниципальнай түһүмэхтэрин уо.д.а.

Быйыл сайын Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын педагогтарын салалтатынан Оҕо уопсастыбаннай сэбиэтэ «Движение Первых» Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын гыраанын күрэҕэр кыайда. Сэтинньи 16 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри «ВозМОЖНОсти» куораттааҕы айар (креативнай) индустрия бэстибээлэ ыытылынна, итиэннэ «Саха сирин баһаатайын сүрэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх муниципальнай түһүмэҕин түмүгэ таҕыста.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...