29.06.2022 | 18:41

Оҕо эмсэҕэлээтэҕинэ, төрөппүт эппиэттиир

Оҕо эмсэҕэлээтэҕинэ, төрөппүт эппиэттиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлиир инспектордар иһитиннэрбиттэринэн, бу сыл саҕаланыаҕыттан Дьокуускайга оҕо уокка буһуута 23-тэ бэлиэтэммит. Эмсэҕэлээбит оҕолор алта ыйдарыттан 17-лэригэр диэри саастаахтар.

 

Кыра оҕо үксэ дьиэтигэр уоттан эмсэҕэлиир. Манна оргуйбут ууга буһуу, итийбит малы тутан көрүү, электричество уотугар оҕустарыы, итии аска буһуу, розеткаҕа тимир малы угуу о.д.а. киирсэр.

 

СӨ ИДьМ “Дьокуускайдааҕы” МУ Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлиир инспектордара сүбэлииллэр:

Ас астыыр билиитэни оҕо тиийбэт сиригэр үөһээ ууруҥ;

Итии астаах иһити остуол кытыытыгар уурумаҥ;

Сылаас билиитэҕэ, батареяҕа оҕону чугаһаабат гына үөрэтиҥ;

Аһаҕас уоттан, кутааттан оҕолору тэйиччи тутуҥ;

Убаҕас уматыктары, испиискэ тымтыктарын, петардалары оҕоттон кистии сылдьыҥ;

Туттуллубат электроприбордары көстөр сиргэ хаалларымаҥ:

Розеткаттан харыстыыр ньымалары, блокиратордары туһаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...