04.03.2021 | 13:21

Оҕо эксээмэнтэн тоҕо куттанарый?

Оҕо эксээмэнтэн тоҕо куттанарый?
Ааптар: Александра Федотова
Бөлөххө киир

Эксээмэҥҥэ киириэн иннинэ аҥаардас долгуйан, билэрин да билбэт, тугу барытын умнар оҕо баар буолар. Күүрүү, куттаныы эксээмэн чугаһаатаҕын аайы оҕо киһиэхэ улаатан иһэр. Маныаха куттал хас да көрүҥнээх буоларын биллэхпитинэ, оҕобутугар көмөлөһөр кыахтаах эбиппит. Бу туһунан психологтар суруйууларын ырытан көрдүбүт.

Олоххо суолталаах тургутууттан куттаныы оҕоҕо үксүгэр баар буолар. Тоҕо үгүс оҕо эксээмэнтэн наһаа куттанарый?

Киһиттэн барытыттан ордук буола сатыыр оҕо эксээмэнтэн ордук куттанар. Кини атыттарга хотторуон баҕарбат. Бэйэтигэр үрдүк ирдэбиллээх оҕо эксээмэнин мөлтөхтүк туттардаҕына улаханнык хомойоруттан, атын оҕолор киниттэн үчүгэйдик туттарыахтарыттан эрдэттэн дьаарханар, сэрэхэдийэр.

Маныаха аан дойдуга баар билиини барытын биир киһи баһылаабатын өйдөтүөххэ наада.

Куһаҕаннык туттарыаҕыттан саатар уонна кыбыстар. “Дьон туох эрэ диэҕэ”, “Миигин сатаан туттарбатах диэхтэрэ”, “Бу ыал оҕото мөлтөхтүк туттарбыт диэхтэрэ” диэн санаалар үүйэ-хаайа туталлар.

Куттал бу көрүҥүттэн оҕону таһаарар олус уустук, ол эрэн киниэхэ эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр оҕо барыта куттанарын, оҕолор бэйэлэрин түмүктэрин эрэ туһугар долгуйалларын, кини хайдах да туттардын ким да кинини сиилээбэтин өйдөтүөхтээхпит.

Төрөппүттэрин эрэлин түһэн биэрэртэн куттанар. Бу куттал бастакы көрүҥҥэ маарыҥныыр, оҕо барыларыттан ордук буола сатаан төрөппүттэригэр саамай үчүгэй оҕо буоларга дьулуһар. Ханнык баҕарар төрөппүккэ бэйэтин оҕото атыттартан ордук.

Манна оҕо уонна төрөппүт икки ардыгар аһаҕас уонна чугас сыһыан олохтоноро наада.

Оҕо бэлэмэ суох буоллаҕына куттанар. Биллэн турар, оҕо эксээмэҥҥэ бэлэмнэниэхтээх, оскуола сылларын устата ылбыт билиитин сааһыланыахтаах. Төрөппүт онуоха бары усулуобуйаны олохтуур уонна оҕотугар эрэнэрин, өйүүрүн биллэрэр эрэ кыахтаах.

ОГЭ, БКЭ – улахан суолталаах эксээмэннэр. Ол эрэн бу эксээмэннэртэн киһи дьылҕата барыта тутулуктааҕын курдук ылынар сыыһа. Инникини тымтыктанан көрбүт суох. Эксээмэнин сатаан туттарбатах оҕо иккистээн туттарар кыахтаах.

Эксээмэн буолара аҕыйах кэм хаалбытын кэннэ араас куталлары суох оҥоро сатыыр эмиэ сыыһа. Туохтан эмэ толлуу, куттаныы хаһан баҕарар үөскүүр иэйии. Эксээмэнин бырабааллыыртан куттанар оҕо, үчүгэйдик туттарарга мотивациялаах буоларын туһунан психологтар эмиэ суруйаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...