03.11.2020 | 20:22

Оҕо дыбарыаһыгар асчыттар куруһуоктара үлэлиир

Оҕо дыбарыаһыгар асчыттар куруһуоктара үлэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо астыырга үөрэнэрэ – олох киэҥ аартыгар бастакы хардыыта. Ас астаан саҥаны, сонуну билэр, улахан киһи олоҕор бэлэмнэнэр, бэйэтин иннин көрүнэр буолар, ыраастык, чэнчистик туттарга үөрэнэр, илиитигэр баар туочукалара сайдаллар, баҕар, инники идэтэ да буолуон сөп.

Маннык интэриэстээх оҕолорго анаан 2018 сылтан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Юный кулинар” диэн куруһуок үлэлиир. Мин иккис сылбын бу куруһуогу салайабын, 65 үчүгэйкээн үөрэнээччилээхпин. Чахчы интэриэстээх оҕолору дьарыктыыр – бу уһуйааччы дьоло. Барахсаттарым маҥнайгы дьарыкка аргыый аҕай үктэнэн, олус эрэнэр харахтарынан көрөн кэлэллэр. Онтон сыыйа бары доҕордоһон, талааннара арыллан, хайҕанан, оҥорон таһаарар үлэлэриттэн астынан дьолломмут, махтаммыт сирэйдэрэ туохха да тэҥэ суох.

Үөрэтэр бырагыраамам биир сыллаах. Үөрэх дьылын бүтүүтэ уһуйуллааччы талбыт бүлүүдэтин каартатын оҥорор, салааттары, ыарахана суох мииннэри, торуойдары, бурдук аһын астыыр, утахтары сатаан оҥорор, араас омук куукунатын туһунан өйдөбүллээх буолар.

Куукуна диэн ас эрэ буолбатах. Ол курдук биһиги этикет быраабылаларын, остуолу сөпкө тардарга, араастаан киэргэтэргэ (декупаж, арт-латте, уруһуй) эмиэ үөрэнэбит.

Араас күрэхтэргэ, конференцияларга төһө кыалларынан кытта сатыыбыт, араас быыстапкаларга, экскурсияларга сылдьан билиибитин хаҥатабыт. Маннык тэрээһиннэри көрөн, кыттан оҕолор эргиччи сайдыахтара диэн эрэнэбин.

Баҕар, биир эмэ уһуйуллааччым кулинарияны олоҕун кытта ситимниэ, идэ оҥостуо диэн испэр сэмээр саныыбын.

Мантан ыла биһиги куруһуокпут оҕолоро ордук сөбүлүүр ырысыаптарын эһигини кытта үллэстиэхтэрэ, тускутугар туһаныҥ.

                                                                             Надежда Дмитриева

Шведтии буспут хортуоппуй

Ганя Григорьев, 14 саастаах:

- Хас бээтинсэ аайы кулинария дьарыгын күүтэбин. Бу куруһуогу олус сөбүлүүбүн. Мин астыырбын уонна минньигэстик аһыырбын таптыыбын. Кулинария куруһуога миигин үлэни таптыырга, ытыктыырга үөрэттэ. Манна элбэх саҥа доҕордоннум, кэрэни көрөргө үөрэнним. Педагогпут Надежда Михайловна үтүө санаалаах уонна ирдэбиллээх. Дьиэбэр астыырбар быраатым уонна убайым көмөлөһөллөр.

Мин шведтии буспут хортуоска ырысыабын кэпсиэҕим. Эһиэхэ наада: 8 хортуоска, 1 эриэппэ луук, 200 г бекон, 50 г ынах арыыта, 2 чеснок, туус, тума.

Бастаан хортуоскабытын сууйан баран хормуоска курдук быһабыт. Арыыбытын уулларабыт, туус, тума, бытархай гына кырбаммыт чесногу кутабыт. Луукпутун төгүрүктүү кырбыыбыт, бекоммутун чараас гына быһабыт уонна ону хортуоска иһигэр сэрэнэн угабыт. Чесноктаах арыыбытын биһэбит. Фольганан сабабыт уонна 200 кыраадыска чаас курдук буһарабыт.

Кистэлэҥнээх блины

Нарыйаана Васильева, 10 саастаах:

– Мин Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар хас да куруһуокка сөбүлээн дьарыктанабын, онтон биирдэстэрэ – кулинария. Кыыс киһи кыра эрдэҕиттэн сөпкө астыырга үөрэниэхтээх дии саныыбын.

Мин блиныны ордук сөбүлээн астыыбын. Бу түргэнник оҥоһуллар уонна тотоойу, минньигэс ас. Күннээҕи да, бырааһынньыктааҕы да остуолу табыгастаахтык киэргэтиэххэ сөп.

Блины тиэстэтин араастаан оҥоробун. Холобур, аҕабар диэн халбаһыны кыра гына быһан, чесногу, укуруобу бытарытан тиэстэҕэ кутабын. Оттон балтыбар анаан туһалаах, иҥэмтэлээх буоллун диэн эбиэс куруппаны, араас фруктаны эбэбин. Ийэм мүөттээх, барыанньалаах блиныны олус сөбүлүүр. Бырааһынньыкка синньигэстик быһыллыбыт банааны угабын. Суулаан баран үрдүгэр ууллубут сакалааты кутабын. Кистэлэҥмин үллэстэбин, уулларарга саамай барсар сакалаат – «Альпен Голд».

Блиным тиэстэтэ маннык: 1 ыстакаан үүт, 1 ыстакаан уу, 2 ост.ньуоска мас арыыта,  2 уст. сымыыт, 1 ч.ньуоска суода, тарбах төбөтүгэр туус, кыра бурдук.

Манна биир банааны эбэтэр биир дьаабылыканы түөркэлээн тиэстэтигэр куттаххытына амтана олус интэриэһинэй буолуоҕа.

Минньигэстик аһааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...