08.07.2021 | 10:00

Оҕо чэбдигирдэр лааҕырдара «сабыылаах» эрэсииминэн үлэлииллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Пандемиянан сибээстээн Дьокуускай куораттааҕы оҕо чэбдигирдэр лааҕырдара 75%-тан  аҕыйах оҕону хабан «сабыылаах» эрэсииминэн үлэлииллэр. 
Бэс ыйын 25 күнүттэн куорат таһынааҕы «Бинго»  (36 №-дээх оскуола), «Радуга» (СПЛ), «Родничок» (21 №-дээх оскуола), «Спутник» (2 №-дээх оскуола), «Каландаришвили» (31 №-дээх оскуола) лааҕырдарга 396 оҕо сынньанар.
Санитарнай-эпидемиологическэй ирдэбилинэн оҕолор уонна үлэһиттэр лааҕырга тэҥҥэ, биир кэмҥэ киирбиттэр эбит. Смена бүтүөр диэри лааҕыртан ким да тахсыа суохтаах.  
Лааҕырга киириэхтэрин үс хонук иннинэ оҕолор уонна үлэһиттэр COVID-19 бэрэбиэркэлээн ПЦР анаалыһын туттарбыттар. 
Үөрэҕирии Управлениета иһитиннэрбитинэн, бары муниципальнай куорат таһынааҕы лааҕырдар путевкаларыгар оҕо сынньалаҥар уонна чэбдигирдиитигэр диэн өрөспүүбүлүкэттэн 13713 солкуобай субсидия көрүллүбүт. Лааҕырдар путевкаларын сыаната арааһыттан көрөн төрөппүттэр ол ордугун төлүүллэр. 
Итини таһынан, төрөппүттэр кэшбэгынан путевка сыанатын 50% төннөрүөхтэрин сөп. Мирпутешестий.рф сайт нөҥүө МИР каартанан төлөөбүт төрөппүттэр кэшбэктара төннөн эрэр. 
Итини сэргэ, 97 уустук түбэлтэҕэ сылдьар уонна Уокуруктааҕы дьаһалта иһинэн үлэлиир сокуоннай саастарын ситэ иликтэр Хамыыһыйаларыгар уонна полиция учуоттарыгар турар  оҕолорго «2018 - 2022 сылларга куорат уокуругун үөрэҕириитин сайыннарыы» муниципальнай бырагыраама суотугар сынньалаҥ уонна чэбдигирдии тэрилиннэ. 
Муниципальнай лааҕырдар иккис сезоннара от ыйын 18 күнүттэн саҕаланар. Ол курдук, лааҕырдар - «Родничок» иккис сезона от ыйын 19 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри, «Спутник» от ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 9 күнүгэр диэри, «Каландаришвили» от ыйын 29 күнүттэн атырдьах ыйын 18 күнүгэр диэри, «Бинго» от ыйын 18 күнүттэн атырдьах ыйын 7 күнүгэр диэри, «Радуга» от ыйын 19 күнүттэн  атырдьах ыйын 8 диэри үлэлиэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...