15.01.2021 | 07:36

ОҔО БОСУОБУЙАТА ҮРДЭЭТЭ (Ол эрэн барыларыгар буолбатах)

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьыл саҥатыгар кыаммат ыал 3-7 саастаах оҕолоругар ылар босуобуйата икки төгүл үрдүүр буолла диэн сонуну үөрэ-көтө үллэстибиппит. Ааспыт сылга кыаммат ыал үстэриттэн аҕыс саастарыгар диэри оҕолоругар олох таһымын алын кээмэйин хайа охсор аҥаарын саҕа босуобуйаны ылбыт эбит буоллахтарына (Саха сиригэр ортотунан ыйга 8500 солк. этэ), быйылгыттан бу босуобуйа олох таһымын алын кээмэйин толорутугар тэҥнэһиэҕэ диэн буолбута...

Босуобуйа үрдүөҕэ эрээри, бука барыларыгар буолбатах. Ол курдук, босуобуйа маннык бэрээдэгинэн ананыаҕа:

1) Босуобуйа стандарта син биир олох таһымын алын кээмэйин аҥаарыгар тэҥ буолуоҕа.

2) Бу босуобуйа ыалга киһи ахсаанынан дохуоттарын олох таһымын алын кээмэйигэр тиэрдибэт буоллаҕына, дьиэ кэргэн дохуотун олох таһымын алын кээмэйигэр тэҥниир туһуттан, босуобуйа олох таһымын алын кээмэйин 75 бырыһыаныгар тэҥнэһиэҕэ.

3) Бу босуобуйа эмиэ тиийбэт түгэнигэр, оҕо босуобуйата олох таһымын алын кээмэйин толору кээмэйигэр тэҥнэһиэҕэ.

Ол аата кыаммат ыал барыта икки төгүл үрдэтиллибит босуобуйаны ылар диэн буолбатах буолан таҕыста.

Оҕо босуобуйатын суоттуурга тугу учуоттуубутуй?

Санатан эттэххэ, босуобуйа кыаммат ыал (ол аата уопсай дохуоттара олох таһымын алын кээмэйигэр тиийбэт) 3-7 саастаах оҕолоругар  (8 саастарын туолуохтарыгар диэри)  ананар.

Ыал дохуотун быһыытынан ааҕыллар:

  • Хамнас, бириэмийэлэр, хамнаска эбии төлөбүрдэр – 13 бырыһыан нолуок тутуллуон иннинэ ааҕыллар.
  • Ханнык баҕарар биэнсийэ, босуобуйа.
  • Стипендия.
  • Алименнар.
  • Бааҥҥа уурунууттан бырыһыаннар.
  • Бэйэ дьыалатынан, предпринимательствонан киирэр дохуот.
  • Өлбүт дьон страховкаларын ылбыт буоллаххытына.
  • Ый аайы страховкаҕытыттан ылар харчыгыт.
  • Ханнык баҕарар биэнсийэ уонна босуобуйа.
  • ИДьМ, УФСИН, таможня уо.д.а. сулууспалаахтар хамнастарыгар эбии төлөбүр.
  • Судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай үлэ иһин компенсация.
  • Сыаннай кумааҕылартан киирэр дивиденнэр, бырыһыаннар.
  • Баайы-дуолу атыылааһынтан киирбит үп.
  • Интеллектуальнай, ааптарыскай бас билии иһин дохуот.

Ыал дохуотугар хабыллыбат:

  • 3-7 сааһыгар диэри саастаах оҕолорго ылбыт босуобуйаҕыт.
  • “Путин босуобуйаларыттан”: 3-7 саастаах оҕоҕо оҥорторор буоллаххытына, бу иннинэ ылбыккыт дохуокка эбии ааҕыллыбат.
  • Бүддьүөттэн айылҕа саахалларыгар түбэһэн ылбыт көмөҕүт киирбэт.
  • Ахсынньыттан өрөспүүбүлүкэттэн 3-7 саастаах оҕоҕо ылыллыбыт босуобуйа киирбэт.
  • Ийэ хапытаалын хайа да көрүҥэ дохуот быһыытынан ааҕыллыбат.
  • Эмтэнии реабилитация айаныгар анаммыт төлөбүр харчыта түспүт буоллаҕына, ол дохуот буолбат.

Дьиэ кэргэн дохуота сайабылыанньа биэриэхтэрин иннинээҕи 12 ыйдааҕы, ол иһигэр ааспыт 6 ый устатынааҕы ааҕыллар. Ол аата 2021 сыл тохсунньутугар 2019 сыл бэс ыйыттан 2020 сыл бэс ыйыгар диэри дохуот суоттанар.

Дьиэ кэргэн састаабыгар киирэллэр:

  • Икки төрөппүт иккиэн, кэргэннии буолуулара сокуонунан буолбатах да буоллаҕына (бииргэ олорор буоллахтарына).
  • 18-тарын туола илик оҕолор. Бииргэ олорор сокуоннай саастарын сиппит оҕолору, эбэлэри, эһэлэри дьиэ кэргэн састаабыгар киллэрбэттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....