23.12.2022 | 15:00

Оҕо айымньытын дыбарыаһын бырайыага үтүө түмүктэрдээх

Куорат баһылыга Евгений Григорьев оҕо уһуйааннарын, спортивнай оскуолалары, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөнүн оскуолалары курдук федеральнай бырагырааманан ыытыахха диэн этии киллэрбитэ.
Оҕо айымньытын дыбарыаһын бырайыага үтүө түмүктэрдээх
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«Быйыл Арассыыйа үгүс куоратыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия көҕүлээһиннэринэн оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэрин федеральнай бырагыраамата саҕаланна. Федеральнай бүддьүөттэн 800 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах үбүлээһин көмөтүнэн Дьокуускай куоракка 11 оскуолаҕа өрөмүөн ыытылынна, ол иһигэр тэриллэрин уонна малларын саҥардан биэрдибит. Биллэрин курдук, урукку өттүгэр бэйэбит сылга биир-икки эрэ оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытарбыт. Кэлэр сылга бу бырагырааманан өссө 13 оскуоланы өрөмүөннүөхпүт.

Тус бэйэм санаабынан, ордук хотугу уонна арктическай куораттарга оҕо уһуйааннарын, спортивнай оскуолалар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөннэрин үбүлүүр итинник бырагырааманы оҥорор булгуччулаах. Ити тэрилтэлэр улахан аҥаардара хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наадыйар», — диэн куорат баһылыга Евгений Григорьев Санкт-Петербурга ыытыллыбыт «Арктика: билиҥҥитэ уонна кэскилэ»  XII-с норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа эппитэ.

Форум кыттыылаахтарын этиилэрэ түмүк резолюцияҕа киирэн, ситэриилээх былааска, сокуону оҥорор уорганнарга, сайдыы институттарыгар бэрилиннилэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2017 сылтан Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама үлэлиир. Бырагыраама чэрчитинэн, куонкурус быһыытынан, социальнай суолталаах бырайыактарга субсидия көрүллэр. Быйыл, 2022 сылга, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бырагыраамаҕа кыттарга 332 бырайыак сүүмэрдээһини ааста. Регион үпкэ миниистирин солбуйааччыта Гаврил Алексеев информациятынан, бырагыраамаҕа 500 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт.

Ахсынньы 15 күнүгэр Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыайбыт бырайыагынан 2022 сыллаахха ыытыллыбыт үлэ туһунан отчуот буолла. Онно «Оҕо айымньытын дыбарыаһын кэнсиэртиир саалатын уопсастыбаннай рекреационнай туонатын өрөмүөнэ» бырайыак түмүгүн – хапытаалынай өрөмүөн туһунан сиһилии сырдатылынна.

Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын дириэктэрэ Татьяна Ивановна Иванова куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыы дыбарыаһы хайдах курдук тупсарбытын көрдөрдө уонна 2023 сыллааҕы былааннарын кытта билиһиннэрдэ.

Эһиилги бырайыак куонкуруска бэриллибитэ этилиннэ. Тиэмэтэ – аатырбыт баһаатай уонна Пионердар дыбарыастарын дириэктэрэ Фатия Иннокентьевна Авдеева төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан пааматынньык оҥоһуута. Биллэрин курдук, Оҕо айымньытын дыбарыаһа кини аатын сүгэр.

Фатия Иннокентьевна Авдеева туһунан сылаас ахтыытын Үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Егор Афанасьевич Охлопков үллэһиннэ уонна кэнсиэртиир сааланы өрөмүөннээбиттэринэн эҕэрдэлээтэ.

Фатия Иннокентьевна Авдеева – Саха АССР үтүөлээх учуутала, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо, 1953 сылтан 2009 сылга диэри Пионердар дыбарыастарын дириэктэрэ. Сөҕүмэр, ураты киһи, талааннаах педагог Фатия Иннокентьевна ол саҕаттан номоххо киирбит сүдү баһаатай. Кини олоҕун бүттүүнүн үүнэр көлүөнэни иитиигэ, Ийэ дойдуга тапталы иҥэриигэ, Оҕо дыбарыаһа чэчирии сайдарыгар анаабыта.

Кыайыылаах брайыакка өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүллэр. Биир уратыта – бырайыакка нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын кыттыыта, өйөбүлэ ирдэнэр.

Алена Владимировна Семенова, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын старшай методиһа, бырайыак көҕүлүүр бөлөҕүн салайааччыта:

 – Бастатан туран, Үп министиэристибэтин өттүттэн көҕүлүүр бүддьүөттээһин (инициативное бюджетирование) курдук механизм баар буолбутуттан улахан үөрүүбүтүн, махталбытын биллэрэбит. Бырайыакка бүттүүн кыттыы – былаас уонна нэһилиэнньэ бииргэ сомоҕо үлэлиирэ кэрэхсэбиллээх. Дьон түмсэн, сүбэлэһэн, бэйэтэ көҕүлээн бырайыагы оҥорсон, бүддьүөттэн үбүлээһин көрүллэрин туруорсар кыахтанна.

Бырайыакка төрдүс төгүлбүтүн кыттабыт. Бу иннинэ үстэ кыттан, биһирэбили, былаас өттүттэн өйөбүлү ылан, бырайыакпытын ситиһиилээхтик олоххо киллэрбиппит. Бастаан дыбарыаспытыгар көҕүлүүр бөлөҕү тэрийииттэн саҕалаабыппыт. Онно ким баҕалаах – кэлэктиип көхтөөх үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ, төрөппүттэр, уокурукпут олохтоохторо киирбиттэрэ. Бөлөҕүнэн көрсөммүт туох баар сытыы кыһалҕабытын чопчулаабыппыт, бастакы уочарат тугу оҥорторор наадатын дьүүллэспиппит. Манна улахан, баһылыыр оруолу оччотооҕу дириэктэрбит Мария Петровна Петрова ылбыта. Инньэ гынан, уопсай сүбэнэн, бастакынан сүрүн кыһалҕабытын – дьиэбит үрдүн, сарайын өрөмүөннээбиппит. Оччолорго кэнсиэртиир саала үрдэ тэстэр, хаар-самыыр хотор этэ. Репетиция кэмигэр таммалыы турааччы. Бэйэбит бүддьүөппүтүнэн хапытаалынай өрөмүөнү оҥорторор кыахпыт суоҕа. Ол иһин бырайыакка кыттарга быһаарынан, ыалларынан кэрийэ сылдьан 11 тыһыынча кэриҥэ киһини куоластатан, бэйэбит даҕаны сөхпүппүт, үөрбүппүт. Ити оруобуна пандемия иннинэ, 2020 сыллаахха этэ. Кэнники бырайыактарбытыгар «Google-таблица», «Google-опросник» диэн баар уонна социальнай ситимнэр нөҥүө дистанционнай көрүҥүнэн куоластатар буолан, үлэбит арыый судургутуйда.

Бырайыак сүрүн усулуобуйатынан кыттыгас үбүлээһин буолар. Итиннэ биһигини Олохтоох дьаһалта, спонсордар, нэһилиэнньэ наһаа үчүгэйдик өйөөбүттэрэ. Сүрүн үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн Үп министиэристибэтин нөҥүө кэлэр. Бастакы бырайыакпыт аата – «Оҕо  айымньытын дыбарыаһын сарайын өрөмүөннээһин уонна сцена уотунан сырдатар тэрилин уларытыы». Манна 3 мөлүйүөн 990 тыһыынча солкуобайдаах өрөмүөн оҥоһуллубута.

2021 сыллаахха кэнсиэртиир саалабыт киирэр аанын уонна «параднай» кирилиэһин өрөмүөнүн бырайыагын суруйбуппут. Уопсайа 3,5 мөлүйүөн солкуобайдаах өрөмүөн оҥоһуллубута.

Үһүс, быйылгы бырайыакпыт, «Оҕо  айымньытын дыбарыаһын кэнсиэртиир саалатын уопсастыбаннай рекреационнай туонатын өрөмүөнэ» диэн ааттаах. Ол аата инники бырайыактарынан кэнсиэртиир саалабыт үрдүн, аанын, кирилиэһин өрөмүөннэппит буоллахпытына, бу сырыыга аны  иһин саҥардыыга киирсибиппит. Өрөмүөн чэрчитинэн таҥас ыйыыр сирбитин, фойебытын оҥортордубут, тупсаҕай көстүүлээх сынньанар сирдэр, хартыына галереята, аудио-кириэһилэ баар буоллулар. Олох атын, кэрэ көстүү буолла диэн астынабыт.

Быйыл, 2022 сылга, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа улахан үбүлүөйбүтүн – 85 сааспытын бэлиэтээтибит. Оттон 2024 сылга саамай биллиилээх дириэктэрбит, улаханнык ытыктыыр киһибит Фатия Иннокентьевна Авдеева төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Онон сибээстээн кини сырдык аатын үйэтитэр курдук пааматынньыгын туруорарга быһаарынан, төрдүс бырайыакпытын суруйдубут. Биһиги Фатия Иннокентьевна бюһун эрэ буолбакка, бүтүн бэйэтин көрдөрөр пааматынньыгы туруоруохпутун баҕарабыт. Биллэн турар, пааматынньык сыаналаах буолар. Олохтоох скульптордары кытта кэпсэтэ сылдьыбыппыт, кинилэр оҥорорго бэлэмнэр. Бырайыакпытын бэлэмнээн, силигин ситэрэн, сайаапка түһэрэн, туттардыбыт. Онон куонкурус түмүгүн долгуйа күүтэбит. Олунньу ыйга түмүгэ биллиэхтээх.

Быйыл үөрэх тэрилтэлэригэр анаан бырайыакка кыттыы туһунан сүбэ-соргу биэрээри, куораттааҕы улахан семинары тэрийбиппит. Ити кэнниттэн үөрэх тэрилтэлэриттэн бырайыакка кыттар туһунан наһаа элбэх сайаапка киирбит. Биһигини кытта Киин уокурук управата ыкса үлэлэһэрин бэлиэтиэххэ наада. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ, киин куорат салалталарыгар, Үп министиэристибэтигэр, спонсордарбытыгар, уокурукпут Управатыгар, көҕүлүүр бөлөх чилиэннэригэр, кэлэктииппитигэр уонна туох баар өйүүр дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Оҕо айымньытын дыбарыаһын төрдүс бырайыагыгар ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....