07.06.2024 | 09:13

Оҕо айымньытын дьиэтин уонна 5 №-дээх ДЮСШ өрөмүөннэрин Евгений Григорьев тус бэйэтинэн хонтуруоллуур

Оҕо айымньытын дьиэтин уонна 5 №-дээх ДЮСШ өрөмүөннэрин Евгений Григорьев тус бэйэтинэн хонтуруоллуур
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтэ уонна 5 №-дээх оҕо спорт оскуолата «Азия оҕолоро» Оонньууларынан өрөмүөннэнэ тураллар.

«Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтигэр эркинэ оҥоһуллар, ис үлэ барар, антитеррористическай уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу систиэмэлэрэ туруоруллаллар. 5 №-дэээх ДЮСШҕа улахан үлэ ис өрөмүөнүгэр барар. Таһын эһиил оҥоруохпут», – диэтэ Евгений Григорьев.
«Азия оҕолоро» Оонньуулар кэмнэригэр Оҕо айымньытын дьиэтигэр «Го» остуол оонньуутун күрэхтэһиилэрэ буолуохтара, маны сэргэ манна судьуйалар үлэлиэхтэрэ.


Евгений Григорьев Оҕо айымньытын дьиэтин өрөмүөнүн билсэн баран, кэккэ этиилэри киллэрдэ.
5№-дээх оҕо спорт оскуолатын өрөмүөнэ эмиэ түмүктэнээри турар. Бэлиэтээн эттэххэ, VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньууларынан Дьокуускайга 9 ДЮСШҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар (№1а, 1б, №2, №3, №5, №8, №4а, №4б, № 6). Бу нэдиэлэ бүтүүтэ-кэлэр нэдиэлэҕэ үлэ барыта түмүктэнээри турар. 
Оҕо спорт оскуолаларын өрөмүөнүгэр куорат бүддьүөтэ быйыл 100 мөл. солк. тыыран турар. Үлэ уопсай суумата – 290 мөл. солк. курдук. ДЮСШлар өрөмүөннэрэ быйылгынан тохтообот, эһиил эмиэ салҕаныаҕа, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....