̶Ь̶О̶5̶У̶Н̶ БУОЛБАТАХ! «ҺӨҔҮҤ»!
Билиҥҥи балысхан сайдыылаах үйэҕэ сыыппараҕа үтүрүйтэрэн, төрүт дорҕооннорбут, буукубаларбыт аанньа ахтыллыбаттара, улахаҥҥа ууруллубаттара кистэл буолбатах. Аныгы дьон куйаар ситимигэр Һ буукубаны - Ь (сымнатар бэлиэ), Ө-О, Ҕ олох даҕаны 5 сыыппара, Ү-У, Ҥ-Н солбуйан суруйара олоххо баар. Бассаапка “үөрүү” диэн тылбыт “уоруу” диэн суруллан, сырдыгы саҕыах оннугар, төттөрүтүн, саха сирэйдээхтэри саатырдар, ийэ тыллаахтары иэдэтэр. Салгыы маннык буоллаҕына, төрөөбүт тылбыт сүтэр-симэлийэр кутталлаах. Дьэ, бу сытыы кыһалҕа тыйаатырга аныгы ыччат тылынан этилиннэҕинэ, баҕар, үүнэр көлүөнэҕэ түргэнник тиийиэ эбитэ ини...
Кэтэспиппит кэллэ, күүппүппүтүн көрдүбүт
Былырыын сэтинньи 4 күнүгэр Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драма тыйаатыра “Һөҕүҥ” диэн ураты испэктээги туруорбутун (режиссер – СӨ култууратын туйгуна Алгыс Макаров) сэргии уонна сэҥээрэ истибиппит, Дьокуускайга хаһан гастроллуу кэлэллэрин кэтэһэ санаабыппыт. Испэктээк Дьокуускай куорат “Айыы Кыһата” национальнай гимназиятын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина “Саха төрүт дорҕоонноро” айымньытыгар олоҕурбут буолан, өссө улахан интэриэһи тардыбыта.
Дьэ, ол курдук, күүтүүлээх испэктээкпитин олунньу 16 күнүгэр СӨ Үүнэр көлүөнэтин тыйаатырын сыанатыгар илэ харахпытынан көрөр дьолго тигистибит. Онон бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр оонньуу кэннэ санааларбытын түмэн, ааҕааччыларбытыгар тиэрдэргэ дьулустубут.
***
Туруоруу тыына оҕолуу чэпчэки, ол эрээри бүгүҥҥү тирээн турар сытыы кыһалҕаны, билиҥҥи олоххо баар “ыарыылаах” тиэмэни таарыйар, иитэр-үөрэтэр анала үрдүк буолан биэрдэ. Айымньыга этиллэр икки этиинэн ааптар сүрүн санаатын бу курдук тиэрдиэххэ сөп:
1. Төрөөбүт төрүт тылбыт баар, сөпкө суруллар, этиллэр буоллаҕына, омук быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт, үйэлэри уҥуордаан, чэчирии сайдыахпыт.
2. Биир сомоҕо буолартан ордук күүс суох, бэрт былдьаһартан атын алдьатыылаах күүс суох.
Сыанаҕа буукубалар (дорҕооннор) уонна сыыппаралар улахан мөккүөрдэрин нөҥүө сайдыы (көрүнньүк олоҕу ньүдьү-балай батыһан барыы, төрөөбүт дойдуттан аккаастаныы, маассабай көһүү) уонна киһи аймах мөкү өрүттэрэ (бэрдимсийии, кыраны-кыамматы атаҕастааһын, улуутумсуйуу, бэрт былдьаһыы уо.д.а.) көһүннэ.
***
Айымньы дьоруойдара – буукубалар бары тус-туспа майгылаахтар-сигилилээхтэр, олоҕу көрүүлэрэ атын, дьол, ситиһии туһунан санаалара маарыннаспат.
Ааптар уонна режиссер кинилэр олохторунан ыччат дьон “үүнэбит-сайдабыт” диэн ааттаан, “ситиһиилээхпит” диэн сананан, “олоҕу кытта хардыылаан, атыттартан хаалсымаары”, тэгил сирдэринэн тэлэһийэрин, аан дойду аарымаларыныын алтыһарыгар самнан, сороҕор баҕа өттүнэн саха буоларын умнар кутталлааҕын олус ураннык уонна уратытык көрдөрдүлэр.
Манна даҕатан эттэххэ, былырыын сайын М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлбит эдэр артыыстар оруолларын балайда үчүгэйдик толордулар. Холобур, Ү үөрүнньэҥин, үчүгэйинэн эрэ сылдьар үтүө майгылааҕын Алена Пономарева чаҕылхайдык көрдөрдө. Александра Михайлова көҥүлү таптыыр, бэрдимсийэр Ҕ буолла.
Арай сорох диалогтар арыый уһун, салгымтыалаах курдуктар. Ону эдэр артыыстар ыарырҕаталларын бэлиэтии көрдүбүт. Аны туран, Ө буукубабыт бэйэтинэн “элбэх” диэн тылы “өлбөх” диэн сыыһа саҥарбыта саха чуор кулгааҕар ыарыылаахтык иһилиннэ. Эбэтэр, кырдьык да, эмиэ режиссер «бу куһаҕан» диэбит албаһа эбитэ дуу.
***
Билиҥҥи ыччакка чугас буола сатаан эбитэ дуу, маннык суолу батыһыы саха сиэригэр баппатын көрдөрөр сыалтан дуу испэктээк саҕаланыытыгар «сиэри таһынан аныгылыы тыыны» киллэрии көһүннэ. Тыла-өһө чуолкайдык иһиллибэт рэп, дирбиэн-дарбаан тыас-уус сааланы “хайа тарта”, “үҥкүү” диэҕи өйдөммөт уҥа-хаҥас далбаатаныы, биир сиргэ тэпсэҥнээһин тыйаатыр искусствотын таптааччылары соччо-бачча кэрэхсэппэтэ. Баҕар, нейросеть, искусственнай өй өрө тутуллар үйэтигэр олорор Z көлүөнэни сэҥээрдэр режиссер албаһын атыҥырыы санаабыппыт эбитэ дуу?
Дьэ, ол кэннэ кырыымпа кыҥкынас тыаһа дьикти дьүрүскэннии кутулунна, ити икки ардыгар төрүт дорҕооммутун суохтуу охсубут дьон кулгаахпыт сымныы, харахпыт чаҕылыйа түстэ. Артыыстар сыанаҕа ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр.
***
Көр-күлүү, дьээбэ-хообо хайа да бэйэлээх айымньыны киэргэтэр. Көрөөччү көрүдьүөс түгэннэри сөбүлүүр, күүтэр. Аны туран, омсолоох дьоруойдар ордук өйгө хатаналлара хаһан баҕарар баар.
Бу сырыыга да оннук буолла. Холобур, баттаҕын үөһэ өрө туттарбыт С буукуба (Анисья Колесова) эйэҥэлээн киирбитин күлэ көрүстүбүт. Оттон аҕас-балыс сыыппаралар (Сайыына Герасимова, Валерия Протодьяконова) сахсырҕалыы сарыкынаан киирэллэрэ, саҥардахтарын аайы ыас ыстаан ыллаҥнаталлара, обуйук уостарын чорбото-чорбото, оҥосто-оҥосто саҥараллара көрөөччүлэри ордук сэргэхситтэ. Тос курдук тойон, алпаабыт аҕа баһылыга, муҥур ыраахтааҕыта А аарыгырарын, улуутуйан, оннооҕор айаҕын кыараҕастык атарын артыыс Роман Семенов итэҕэтиилээхтик оонньоото. Аны туран, буукубалар нөҥүө киһи аймах мөкү өрүттэрэ умнуллубатылар. Холобур, Б (Петр Филиппов) курдук тойон аайы тоҥхоҥнуур, хотун аайы хаптаҥныыр сирэй көрбөхтөр дьиҥнээх олоххо бааллар эбээт.
***
Уот-күөс, тыас-уус, көстүүм туһунан эттэххэ... Хайа эрэ түгэҥҥэ “арыый да ыксаабыттар”, “ситэтэ-хотото суох курдук...” диэн санаалар күлүм гынан аастылар.
Артыыстар таҥастарыгар (ким эрэ иилиммит, сорох тиктибит, тугунан эрэ туттарбыт?) буукубалар быыкаа буолан, аһаҕастык эттэххэ, астыга суохтук көһүннүлэр. Сорох көрөөччүлэр: “Ити ханнык буукуба таҕыста ээ?” – диэн субу-субу сураһа олордулар. Мөлтөх харахтаахтар букатын да өйдөөн-дьүүллээн көрбөтүлэр быһыылаах. Өҥнөрө-дьүһүннэрэ да өлбөөдүйэн түһэн, “клиповай” өйдөөх-санаалаах аныгы ыччат хараҕар хатаммыттара биллибэт. Арыый көстүүлээхтэрэ эбитэ буоллар ньии... Инникитин, айымньы тыйаатыр репертуарыгар олохтоохтук киирэр буоллаҕына, итиннэ үлэлэһиэхтэрин наада диэн баҕа санаалаахпыт.
Салгыы испэктээк бүтүүтэ сыана ортотугар тахсыбыт Аал Луук Мас реквизитэ бэркэ табыллыбытын бэлиэтээн этэр тоҕоостоох.
Аныгы олох сиэринэн айар бөлөх сыанаҕа улахан экраны сатабыллаахтык туһаммыта, онно видеонан кэрчиктэри, граффити истиилинэн уруһуйу киллэрбитэ сонун көстүү буолла. Куйаар ситимигэр кэпсэтии (чат) көрөөччү, чуолаан эдэр дьон болҕомтотун ордук тарта. Экраҥҥа “Крче кеьэ керсебут да”, “хаибт?”, “мехе”, “уоруу бого” диэн күннээҕи суруйсуу түгэннэрэ элэҥнээн аастылар. “Оо-дьэ!” диэн күлээччи көһүннэ. “Һы!” диэн сорох сонньуйан ылла. “Эс!” диэн саҥа эмиэ иһилиннэ.
Бу кэмҥэ ыччат бэйэтин көрөн билбитэ, туох эмит толкуйга түспүтэ буолуо дуо?
***
Төрөөбүт дойдуга, ийэ тылга таптал туохтааҕар да модун күүстээҕин көрөн итэҕэйдибит, доҕордоһуу, сомоҕолоһуу кыайыылаах тахсыбытыттан кынаттанныбыт!
Ҥ: “Дорҕооннор, буукубалар, сыыппаралар киһи аймах үөскүөҕүттэн бары бииргэ олорон кэлбиппит. Ким урут үөскээбитэ тугу да быһаарбат. Билигин, сурах-садьык тыаллааҕар түргэнник тиийэр буолбут кэмигэр, биһиги бэйэ-бэйэбитин кытта кыыһырсан дуу, кыргыһан дуу кэбиһэр кэммит буолбатах. Өйбүтүн-күүспүтүн холбоотохпутуна эрэ сайдыахпыт. Мэлдьи маннык бэрт былдьаһа сырыттахпытына биһиги сайдыбаппыт, төттөрүтүн, таҥнары түһэбит. Онон иллээхтик-эйэлээхтик олорорбут икки өттүттэн эргиччи туһалаах”, – диэн ыҥырыыта ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Түмүк оннугар
Ити курдук, “ҺӨҔҮҤ” сөхтөрдө. Ол аата ааптар санаатын ситтэҕэ, толкуйдаабытын толордоҕо.
Испэктээк арыый улахан сыанаҕа эбэтэр хас да күн көстүбүтэ буоллар, элбэх киһи сылдьыа этэ. Биир эрэ күн аҕыйах. Аны туран, атын тыйаатырдар, тус-туспа буочардаах режиссердар бу айымньынан оҕолорго, ыччакка аналлаах испэктээктэри, остуоруйалары да туруоруохтарын сөп эбит диэн баҕа санаа күөрэйдэ. Итиэннэ Анжелина Ильина курдук (эдэр киһини олус хайҕаабаппыт, быһа саҥарыахпыт диэн харыстыыбыт) ийэ тылын туһугар долгуйар ыччаттаах буоллахпытына, төрөөбүт тылбыт тыыннаах хаалыа диэн эрэл кыыма үөскээтэ.