Нюргуяна Амыдаева олоҕун оһуор ойуута
Айар куттаах дьиэ кэргэҥҥэ талаан, дьоҕур утумунан бэриллэр. Саҕалаабыккын салҕааччылаах, кэннигиттэн батыһааччылаах буоллаххына, кэскилиҥ кэҥиир, оҥорбутуҥ-туппутуҥ үйэтэ уһуур.
Худуоһунньуктар, скульптордар, муосчуттар ортолоругар улааппыт Нюргуяна Амыдаева олоҕун оһуор ойуута кэрэ эйгэни кытта быһаччы ситимнэнэн, биир-биир тиһиллэн испитэ.
– Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Алта сааспар ийэм альбом бэлэхтээбитэ уонна: “Күн аайы биир лиискэ толору композицияны уруһуйдаа”, – диэбитэ. Ол курдук араас сюжеттары, персонажтары толкуйдуурум, бары тус-туспа майгылаах буолаллара. Бастаан киһи уобараһын уруһуйдуурум, онтон ис хоһооно салгыы бэйэтэ тахсан иһэрэ, – диэн бүгүҥҥү ыалдьыппыт ойон тахсар күннээх кэрэ кэмнэрин ахтар.
Ыра санаам ымыыта
– Кыра сылдьан худуоһунньуктар хартыыналарын көрөрбүн туохтааҕар да ордорорум. Санаабар, хас биирдии үлэ өҥүн ис-испиттэн өйдүүрүм, салгынын, тыынын таайа сатыырым. Мин эмиэ ойуулуу-дүһүннүү үөрэниэхпин баҕарарым. Ол баҕа санаам улам күүһүрэн испитэ. Ону көрөн, төрөппүттэрим художественнай оскуолаҕа биэрбиттэрэ. 9–с кылаас кэннэ П.П. Романов аатынан художественнай училище живопись салаатыгар киирэргэ быһаарыммытым. Онно 5 сыл уһуйуллубутум. Үөрэхпин салҕыыр, ыра санаам ымыыта оҥостубут идэбин толору баһылыыр санаам уостубатаҕа, хата, төттөрүтүн, өссө күөдьүйбүтэ. Онон 2018 сыллаахха Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай художественнай институту бүтэрбитим, – диэн талан ылбыт, таба тайаммыт идэтигэр сирдиир алгыстаах аартык устун уһуннук айаннаабытын кэпсиир Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Нюргуяна Амыдаева.
Билигин сэргэх сэһэргэһээччибит СӨ Художественнай Пуондатыгар быыстапканы уонна информационнай үлэни иилиир-саҕалыыр исписэлииһинэн үлэлиир.
Муҥутуур чыпчаала биллибэт
– Уһуйааччыларым живопиһы таптыырга үөрэппиттэрэ. Уон биэс сылы быһа салгыбакка, уостубакка, интэриэспин өссө дириҥэтэн үөрэммитим.
Худуоһунньук тохтоло суох сайдыахтаах, үүнүөхтээх, олоҕун тухары үөрэниэхтээх дии саныыбын. Искусство бүтэр уһуга, уйаара-кэйээрэ, муҥутуур чыпчаала биллибэт.
Кырдьык, олоҕу билэн, уопутуран истэҕиҥ аайы буочарыҥ уларыйар. Худуоһунньук биир сиргэ тэпсэҥниэ суохтаах, иннин диэки баран иһиэхтээх.
Сөҕө-махтайа көрбүппүн умнубаппын
– Оҕо эрдэхпинэ аан бастаан Национальнай художественнай музейга сылдьыбыппын бу баардыы өйдүүбүн. Афанасий Осипов “В ауре космоса” уонна Афанасий Собакин “Танец стерхов” үлэлэрин, ону таһынан саха графикатын сөҕө-махтайа көрбүппүн умнубаппын.
Эһэм Николай Данилович Амыдаев – саха норуодунай худуоһунньуга. Киниэхэ ааттаах-суоллаах худуоһунньуктар, үөрэнээччилэрэ, доҕотторо үгүстүк ыалдьыттыы кэлэллэрэ. Владимир Карамзин, Николай Павлов, Терентий Аммосов уо.д.а.
Эһэбит мастарыскыайыгар киирдэхпитинэ, атын дойдуга тиийэн хааларбыт. Тугу барытын сонургуу, дьиктиргии көрөрбүт. Бэйэтэ да музей курдуга: манна – былыргы чаһы, итиннэ – иһит-хомуос, киэргэл, уопсайынан, дьиэҕэ-уокка туттуллар араас тэрил элбэҕэ.
Тапталлаах куораппар туох барыта күндү
– Пленэрдэргэ, айаҥҥа сылдьан, дьону кытта алтыһан элбэҕи билэбин-көрөбүн, иэйиим уһуктар. Училищеҕа үөрэнэр сылларбытыгар биһигини сайын аайы Саха сирин кэрэ сирдэригэр ыыталлара, оттон институкка – Красноярскай кыраайга. Ол үгэспин үлэһит буолан да баран бырахпакка, айылҕаҕа элбэхтэ тахсабын. Өлүөнэ өрүскэ, эбэ очур таас хайаларыгар, Хаҥалас, Амма, Горнай, Таатта улуустарыгар, Уус Алдан Суоттутугар үгүстүк барабын.
Олус ырааппакка, айылҕа маанылаабыт сиэдэрэй көстүүлээх сирдэрин куораттан чугас да булуохха сөп. Мин Дьокуускайга төрөөбүтүм, манна улааппытым. Тапталлаах куораппар туох барыта күндү. Ханна баҕарар тиийдэхпинэ, бастаан утаа үчүгэй курдук, ол эрээри дьиэбэр, Сахам сиригэр өйдүүн-санаалыын тардыһабын.
Арассыыйа куораттарыгар, Монголияҕа, Кытайга уо.д.а. тэгил сирдэринэн тэлэһийбитим. Хас биирдии дойдуга, куоракка аан дойдуну уратытык анаараллар, ол худуоһунньуктар үлэлэригэр көстөр.
Тула өттүбэр баар кэрэни кэрэхсиибин. Иэйии бэрт соһуччу киириэн сөп.
Дьиэ кэргэн – төһүү күүс
– Живописьтан ураты муус скульптуранан умсугуйабын. Красноярскайга ыччат хамаандатыгар киирэн, “Сибиир аптаах мууһа” норуоттар икки ардыларынааҕы муус, хаар оҥоһуктар бэстибээллэригэр хаста да кыттыбытым, бириистээх миэстэлэргэ тиксибитим.
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр муосчут элбэх. Династиябыт эһэм Николай Даниловичтан саҕаламмыта. Кини уола Василий Николаевич – СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, аҕам Александр Анатольевич – Арассыыйа норуодунай маастара, быраатым Николай – И.Е. Репин аатынан Санкт-Петербургтааҕы Академическай институт 5 кууруһун устудьуона, балтым Айина – Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун графика салаатын 2 курууһун устудьуона. Онон дьиэ кэргэммит өйүүр, саҥа саҕахтары арыйарбытыгар төһүү күүс буолар.
Тыыннаах көрүүнү цифровизация үтүрүйдэ
– Искусствоны олус таптыыбын. Ханнык баҕарар хайысханы, жанры сэргиибин. Ол эрээри миэхэ классика ордук чугас. Билигин, аныгы технологиялар сайдыбыт кэмнэригэр, илэ бодоруһууну гаджеттар солбуйдулар, тыыннаах көрүүнү “сыыппара” үтүрүйдэ. Онон классическай искусствоны тутан илдьэ хааларбыт туһугар музейдарга, быыстапкаларга сылдьыахха. Саха сиригэр талааннаах ыччат элбэх, кинилэри дьоҕурдарын сайыннаран үөрэтиэххэ, өйүөххэ наада. Алтынньыга Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун иһинэн галерея-устуудьуйа аһыллыахтаах. Өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр худуоһунньуктара кыттыылаах хас да тэрээһин ыытыллыахтаах. Инстаграмҥа Худуоһунньуктар сойуустарын @art_souz_ykt аккаунугар сонуннар тахсыахтара. Биһиги тэрээһиннэрбитигэр кэлиҥ, ыалдьыттааҥ диэн ыҥырабыт.