14.12.2020 | 12:22

НЮРГУША ХЕЙТЕРДЭРГЭ КЫҺАММАТ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Нюргуяна Сыроватская - Нюргуша дьоҥҥо-сэргэҕэ дьоро түгэннэри иилээн-саҕалаан ыытааччы, тамада быһыытынан киэҥник биллэр. Күнээҕи олоҕун аһаҕастык кэпсиир Нюргушаны сорохтор блогер, вайнер быһыытынан сэргииллэр. Биэс сыллааҕыта бассаапка «Дьааҥы куобаҕын сиэбэтэҕим ыраатта” диэн хотулуу саҥарбыт кыыс видеота киэҥник тарҕанан кылгас кэм иһигэр «сулус” буолан хаалбыта.

Бүгүн биһиэхэ куруук үөрэ-көтө сылдьар Нюргуша ыалдьыттыыр.

— Нюргуша, эйигин сүрдээх үлэһит уонна дьаныардаах киһи диэн инстаграмтан көрөн билэбин. Эйигин ыҥыран ылан кэпсэтэр түгэммит дьэ тосхойдо...

— Мин Эбээн Бытантай улууһуттан төрүттээхпин. Уон сыл устата математика учууталынан үлэлээбитим. Сэттэ сыл дойдубар Эбээн Бытантайга, үс сыл Дьокуускай куорат оскуолатыгар. Үрдүк категориялаах учуутал буолабын. Учууталлыыр кэммэр дойду бастыҥ учууталларын ахсааннарыгар киирсэммин, Арассыыйа оччотооҕу бэрэсидьиэнин Дмитрий Медведев гранын ылан турардаахпын.

Куруук учууталлыы сыдьыам дуо диэн санааттан уурайан хаалбытым. Ити кэмҥэ Пекинтэн табаар аҕалан атыылыырынан дьарыктаммытым. Оччолорго учуутал хамнаһа кып-кыра этэ. Эбиэккэ диэри учууталлыыбын, эбиэт кэннэ таксилыыр этим. Бастакы массыынабын кирэдьииккэ киирэн туран ылбытым. Граҥҥа 100 тыһ. солк. харчы биэрбиттэрэ, ону сөптөөхтүк туһанаммын, ипотекаҕа дьиэ атыыласпытым.

— Төрөппүттэриҥ туох дьонуй?

— Миигин кытта ийэм бииргэ олорор. Ийэм 70 саастаах, «Сахателекомҥа» телефонистканан үлэлээбитэ. Аҕам лесхозка үлэлээбитэ, мин алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына бу олохтон барбыта. Бииргэ төрөөбүт убайдаахпын, кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннээх, бэйэтэ бизнестээх.

«ТОҔО МИИГИН КӨРӨЛЛӨР?»

— Атыыһыттыы сылдьар кэммэр дьүөгэбэр ыалдьыттыы диэн тиийдим. Кини бэйэтэ Дьааҥыттан төрүттээх. Урукку сылларга хоту сиргэ куобах дэлэй буолара. Халыҥ, толору сыалаах, эттээх куобахтары сиэн улааппыппыт. Киниэхэ тиийэммин наһаа минньигэс куобах сиэтим. Уонтан тахса сыл куобаҕы сиэбэтэх киһиэхэ, ахтылҕаннаах уонна амтаннаах аска чахчы үөрбүтүм. Үөрдүбүт, астынныбыт, тоттубут.  Биһиги Эбээн Бытантайдар бэйэбит итинник акценнаах саҥарар дьоммут. Үөрүүбүттэн куобах сии олорор видеобун инстаграммар уган кэбиспитим. Ити кэмҥэ, инстаграмы соччо-бачча билбэт этим, дьэ, уонна кыргыттар дискотекалыы бардыбыт.

Дискотекаҕа тиийбиппэр  дьон миигин көр да көр да буолар. Хайдах эрэ таҥныбыппын быһыылаах дии санаатым. Ол курдук тоҕо одуулаһалларын билбэккэ эрэ дьиэлээтибит. Тиийэн утуйдум. Сарсыҥҥытыгар утуйан турбутум инстаграммар арай лайк бөҕө, подписчик бөҕө, туох да араас пабликтарга барыларыгар мин баар буолан хаалбыппын. Соһуйуу бөҕө соһуйдум. Онтон ыла мин олоҕум тосту уларыйан барбыта.

— Дьэ, эрэ, социальнай ситимнэри хайа тардыбытыҥ дии. Ол аата анаан-минээн дьоҥҥо биллээри таһаарбатах буоллаҕыҥ?

— Биллээри таһаарбатаҕым ээ, ким билиэ баарай. Чэ, ол курдук долгуйаммын икки күнү быһа утуйар уубун сүтэрэн, пабликтарга дьон санаатын, тугу суруйбуттарын аахтым. Маҕаһыыҥҥа, уулуссаҕа хаама сырыттахпына дьон тохтото-тохтото хаартыскаҕа “селфилиир” буолбуттара. Ол саҕана үлэм суох, кыралаан табаар таһабын, таксилыыбын, харчым аҕыйах этэ. Толкуйдуу түһэн бараммын, ол таһаарбыт пабликтарга суруйдум. Куобаҕы босхо таһаарбыт буоллаххытына, бу биллэриибин эмиэ таһаарыҥ диэтим уонна Дьааҥы куобаҕын афишатын ыыталаан кэбистим.

БИЛЛЭР ТАМАДА

— Онтон ыла, хас кэм ааста...

— Куобах сиэбиппиттэн биэс сыл ааста. Билигин бэйэбин профессиональнай таһымнаах тамадабын дэнэр кыахтаахпын. Дьон уйулҕатын, өйүн-санаатын бу сыллар устата үөрэттим. Хас биирдии киһини быара суох күллэрэн, сынньатан ыытыахтаахпын диэн толкуйдаахпын, сыаллаахпын.

— Эн бырааһынньыктарыҥ куруук биир буолбат эбиттэр, ону мин бэлиэтии көрдүм. Сорох тамадалар куруук биир сценарийдаах үлэлииллэр, киһи онтон сылайар ээ.

— Биэчэр иннинэ сакаастыыр дьоммун кытта сирэй көрсөн кэпсэтэбин, хайдах былааннаах буоларын быһаарсабын. Дьэ, ол кэннэ бэйэм сценарий суруйабын. Хас бырааһынньык ахсын барытын уларыта сатыыбын, мин быраа-һынньыкпар сылдьыбыт дьон баар буоллахтарына, сценарийбын тутатына уларытан кэбиһэбин.

— Тамада өҥөтүн сакаастаан баран аккаастыыр дьоннор бааллар дуо?

— Бу быйыл аккаастааһын баар буолла. Пандемия саҕаламмытыгар дьон тугу, хайдах гынарын билбэт, өйдөөбөт этэ. Барыбытын аймаабыт вирус тугунан эргийэн тахсарын ким да билбэт этэ. Дьон быйыл сааскыттан улахан кутталга олордо. Онтон сылтаан элбэх киһи бырааһынньыктыыр, бэлиэ түгэни бэлиэтиир былааннара барыта тохтообута.

Пандемия иннинэ биирдэ акаастаабыттар эбит. Чэпчэки сыанаҕа бэйэбит аймахпыт ыытар буолла диэбиттэрэ. Оннук буоллаҕына наһаа хомолтолоох буолар. Эн бу күнү кинилэргэ анаан сытыараҕын, дьоҥҥо аккаастыыгын уонна ол күн үлэтэ суох хаалан хаалаҕын. Бу урут билбэт эрдэхпинэ буолбут түбэлтэ. Былыр мээнэ бэлиэтэнэр, блокнокка  сурунар этим,  дьон тылыгар эрэнэммин дуогабар оҥорсубат буоларым.

БИРИЭМЭНИ СӨПКӨ ТУҺАНАБЫН

— Уопсайынан, кыыс оҕотоҕун! Биирдэ көрдөххө Дубайга, биирдэ көрдөххө Москваҕа сылдьар буолаҕын дии...

— Биир да күнү туһата суохтук атаарбаппын. Дьиэбэр атахпын өрө тэбэн баран сытарбын сатаабаппын. Күн бэҕэһээ Москваттан көтөн кэллим.

— Онно тугу гынаҕын?

— Күннээҕи кэтэр таҥастары атыыга аҕаллым, бырааһынньыкка кэтэр былаачыйалар эмиэ бааллар.

Дьыл кэмиттэн көрөммүн сөптөөх, хаачыстыбалаах таҥастары аҕалан атыылыыбын. Күһүн, кыһын кэтиллэр пуховиктары аҕалабын. Тамада  эрэ харчытынан олорбоппун, инстаграммын эмиэ туһалаах инструменынан ааҕабын.

НЮРГУША КИСТЭЛЭҤ ТАЛААННАРА

— Спортка сыһыаныҥ хайдаҕый?

— Иллэҥ кэммэр кыһын, халлаан сылаас буоллаҕына, сноубордунан хатааһылыыбын. Дьону эмиэ үөрэтэр кыахтаахпын, профессиональнай кэрдиискэ диэри дьарыктанан кэллим. Сноубордары арендалааһынынан эмиэ дьарыктанабын. Тренажеркаҕа, фитнескэ сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн.

— Кистэлэҥ талааныҥ арыллан иһэриттэн сөҕөбүн ээ.

— Лобзигынан сахалыы оһуордары быһарга үөрэнним, дьиэм истиилэ барыта сахалыы тыыннаах буолла. Маска, хаптаһыҥҥа оһуордары быһа сылдьабын. Сотору кэминэн түннүгүм арааматыгар быспыт оһуордарбын иилитэлиэм.

— Күнүҥ хайдах ааһарый?

— Сарсыарда наһаа эрдэ турабын, олох эрдэһит чыычаахпын. Киэһэ эрдэ сытабын. Билигин Москваттан кэлбит буолан табаардарбын атыылыыбын, аадырыска илдьэн биэрэбин. Өрөбүллэргэ үлэ саамай үгэнэ буолар, тамадалыыбын.

— Көрдөххө олус сатабыллаах хаһаайкаҕын быһыылаах, ас бөҕө астыыр эбиккин. Фирменнай ырысыабыҥ ханныгый?

— Сатаабат аһым диэн суох, аһы барытын астыыбын. Кыһыҥҥы хаһаастары, эттэн араас бүлүүдэлэри, бурдук аһы ааһан иһэн оҥоробун. Саамай фирменнай ырысыаппынан Том-Ям мин буолар.

КУРУУК КЭТЭБИЛГЭ СЫЛДЬАБЫН

— Биллэр киһи буоларыҥ эйиэхэ мэһэйдиир дуо?

— Биллэр буоларым сороҕор мэһэйдиир. Илиибин-атахпын куруук маныы сылдьаллар. Тугу эрэ сыыһа оҥорорбун барытын кэтии сылдьаллар. Аһыырбын кытта маныыллар, сотору туалеттыырбын кытта маныылара буолуо (күлэр). “Хаһан кэргэн тахсаҕын?”, “Тоҕо былаачыйа кэппэккиний?”, “Кимниин олороҕун?” диэн ыйыталлар. Ол эрээри мин сурутааччыларбын наһаа сөбүлүүбүн. Кинилэр баар буоланнар үлэлиибин, күүс-сэниэ ылабын. Ханнык баҕарар артыыска ытыс тыаһа элбэҕи быһаарар.

— Хейтердэргэ хайдах сыһыаннаһаҕын?

Олох наадыйбат буолбуппун. Оннооҕор хара испииһэккэ киллэрбэппин.

— Тоҕо?

Тоҕо диэтэххэ, мин аккауммар киирэ-киирэ ньиэрбинэйдээтиннэр уонна өссө кыыһырдыннар диэн. (күлэр)

— Олох барыта куйаар ситимигэр көспүт курдук. Сорох киһиэхэ олоҕо сыаналаммат буолла, ону төһө биһириигин?

— Инстаграм, интэриниэт нөҥүө сэрии барыта буолан ааһар. Хобу-сиби барытын инстаграмҥа таһааран иһэр буоллулар. Ситим нөҥүө саха норуота бэйэтин наһаа баттыыр, түһэрэр буолла. Үчүгэй сонуннары ким даҕаны интэриэһиргээбэт, аахпат, таһаара да сорумматтар. Куһаҕан сонуннары бастакы миэстэҕэ уурабыт. Күлүү гынан, хобу-сиби айан суруйар пабликтар наһаа элбэхтэр. Сахалар ахсааммыт аҕыйах дэһэбит. Ону ааһан ким эрэ чорбойон тахсаары гыннаҕына, биир эмит тойон күөрэс гынаары гыннаҕына, ити сыыһаны булаллар, бу сыыһаны таһаараллар, ити тойону усталлар, бу тойону сарбыйаллар. Ону барытын биир ИНСТАГРАМҤА хобуоччулуу олороллор. Саха саханы олус баттыыр. Саха сиригэр эрэ оннук эбитэ дуу, хайдах дуу, мин билбэппин...

Интэриниэт дьиҥэ олус үчүгэй. Интэриниэт түргэн буолан аһыыгын, таҥнаҕын, үлэлиигин, чугас дьоҥҥун кытта куруук сибээскэ сылдьаҕын.

— Ити олус сөпкө эттиҥ! Сахалар бэйэ-бэйэбитин олус баттаһабыт, таҥнары тардабыт. Сонуннары таһаарар аккауннары ааҕаҕын дуо?

— Биир даҕаны подпискам суох, санаам түһэр. Күн ахсын коронавирус, охсуһуу туһунан, таҥнары тардыы, үөҕүү, сэнээһин туох үчүгэйдээҕий?

МИН БОРОСТУОЙ КИҺИБИН

— Ыарахан сыл ааһан эрэр... Саҥа дьыл кэннэ туох былааннаах сылдьаҕын?

— Муораҕа барбыт киһи диэн былаанныыбын да, барыта сабыылаах дии. Пандемия куруук баар буолуо дии саныыбын. Гириипкэ кубулуйан хаалыахча быһыылаах.

— Эйигин наһаа харчылаах, харчыны талбытынан эргитэр киһи курдук саныыллар дуо?

— Оннук баар, баай дии саныыллар. Харчы иэс көрдүүллэр, займ ыйыталаһаллар уо.д.а. элбэҕи ирдииллэр. Мин олох боростуой киһибин. Харчы бэчээттиир киһи буолбатахпын. Көр бу, хаатыҥканы ордороммун хаатыҥкалаах сылдьабын дии.

— Харчыгын туохха барыыгын?

— Күннээҕи таҥастарга олох бараабаппын. Ол оннугар үлэлиир көстүүмнэрбин төһө баҕарар суумаҕа тиктэриэхпин сөп. Харчы бүгүн баар, сарсын суох буолар. Уопсайынан, бу олоххо харчыны сатаан тутта үөрэниэххэ наада.

ТАПТАЛ, КЭРГЭН УОННА...

— Бу кыыс хаһан кэргэн тахсарый диир киһи наһаа элбэх. Кырдьык, хаһан кэргэн тахсаҕын?

— Ылбаттар дии оттон! Ылаллара буоллар мин даҕаны тахса сатыам этэ. Дьылҕа диэн баар, дьылҕам маннык оҥоһуллан соҕотох сылдьарым буолуо.

— Көрдүөххэ наада буолуо.

— Ээ чэ, бу көрдөнө сылдьар үһү да! Ыллахтарына ылыахтара, суох буоллаҕына суох!

— Ааҕааччыларга тугу баҕараҕын?

Кэлэр сылга бары ыраас өйдөөх-санаалаах, инникигэ былааннаах олороргутун баҕарабын. Туох баар куһаҕан санааны, кири-хаҕы соччото суох сылга хаалларыҥ.

Сахаларга этиэхпин баҕарабын: хобу-сиби тарҕатымаҥ, дьону үөҕүмэҥ, куруук үчүгэй эрэ соннунары ааҕыахха, күлэ-үөрэ сылдьыахха уонна доруобай, дьоллоох дьон буолуохха!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....