24.08.2022 | 16:00

Нуучча тыйаатыгар элбэх оҕолоохтор босхо сылдьыахтара

А.С. Пушкин аатынан Судаарыстыбаннай Академическай Нуучча драматическай тыйаатыра балаҕан ыйын 2 күнүгэр саҥа 132-с сезонун саҕалыыр диэн иһитиннэрдэ тыйаатыр пресс-сулууспата.
Нуучча тыйаатыгар элбэх оҕолоохтор босхо сылдьыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сезон саҕаланыан иннинэ, атырдьах ыйын 27 күнүгэр, тыйаатыр «Тетки» испэктээкили көрөөччү дьүүлүгэр таһаарыаҕа. Билиэт атыытыттан киирбит үп халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы улууһун култууратын үлэһиттэригэр ананар. Тыйаатыр көрөөччүлэргэ санатар, олохтоохтор испэктээкиллэр билиэттэрин чэпчэтиллибит сыананан, сорохтор босхо ылыахтарын сөп.

Нуучча тыйаатырыгар босхо сылдьар араҥа: инбэлииттэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, өлбүт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ, Арассыыйа уонна ССРС Дьоруойдара. Итини сэргэ тыйаатырга Мииринэйдээҕи «Харысхал» социальнай-реабилитациялыыр киин иитиллээччилэрэ уонна биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр босхо сылдьаллар. Каассаҕа докумуоннары көрдөрөр ирдэнэр.

Кыаммат, эбэтэр үс-түөрт оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 50%-наах чэпчэтии көрүллэр.

«Саха сирин олохтооҕун каартата» хаһаайыттара эмиэ чэпчэтиинэн туһаналлар. Кинилэргэ 10%-наах чэпчэтии көрүллүбүт.

 Билиэттэри каассаттан 10:00-19:00 чааска ылыахха сөп (эбиэтэ, өрөбүлэ суох), эбэтэр официальнай сайтан: GARDT.ru, порталлартан: afisha.ysia.ru, yakutskgo.ru, Afisha.yakutia.ru. Итиэннэ билиэттэри #ПУШКИНСКАЯКАРТА бырагырааманан атыылаһыахха сөп.

Билсэр төлөпүөн нүөмэрдэрэ: 42-46-91, 32-52-06

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...