Нуучча драматическай театра саҥа сезонун Пушкин айымньыларынан арыйыаҕа
Уһук Илин кырдьаҕас театрдарыттан биирдэстэрэ – А.С.Пушкин аатынан Судаарыстыбаннай академическай Нуучча театра 131-с сезонун Александр Пушкин айымньыларынан туруоруллубут эспэктээкилинэн саҕалыаҕа. Балаҕан ыйынааҕы билиэттэр атыыга тахсан тураллар. Ол туһунан Саха сирин култуураҕа Министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Саҥа сезону балаҕан ыйын 1 күнүгэр көрөөччү сөбүлүүр «Барышня-крестьянка» туруоруу арыйыаҕа. Сүрүн оруолларга – Евгений Кузьмин уонна Мария Ларина.
Салгыы балаҕан ыйын 2-3 күннэригэр Владимир Крылов «Сорванец» туруоруутун көрдөрүөхтэрэ. Ити эспэктээкил 130-с сезон түмүктэниитигэр туран көрөөччү улахан биһирэбилин ылбыт. Киниттэн 130 сыл анараа өттүгэр Нуучча театрын устуоруйата саҕаламмытын туһунан суруйан турардаахпыт.
2021 сыллааҕы туруоруу (режиссер Ирина Астафьева) дьиҥнээх настоящий джаз-бэнди тэрийтэрбит. Эспэктээкил «тыыннаах» муусука доҕуһуоллаах барар. Сүрүн оруолларга Марина Слепнева уонна Евгений Кузьмин оонньууллар.
Балаҕан ыйын 4 күнүгэр көрөөччүнү «Браво» бөлөх ырыаларыгар олоҕурбут «Я буду ждать, даже если не придете…» муусукалнай-драматическай эспэктээкил күүтэр.