Ньургуһуну уруйдуубут!
Ыам ыйын 1-17 күннэригэр «Арчы дьиэтэ» Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин, “Киин куорат" хаһыат, Ньургуһун күнүн көҕүлээччи, РФ Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Иван Петрович Ушницкай тэрийиилэринэн "Ньургуһун – олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ" диэн куйаар ситимин нөҥүө күрэс буолан ааспыта.
Күрэскэ Булуҥ, Усуйаана, Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Алдан, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Таатта, Амма, Чурапчы, Горнай, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам оройуоннарыттан, Хатастан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 88 сайаапка киирбитэ.
Өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан хоһоон уонна кэпсээн айааччылар, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр кыттыбыттара. Маны сэргэ клип устуутугар, уруһуйга, оҥоһукка күрэхтэстилэр. Кыайыылаахтар ааттарын «Киин куорат» хаһыат ыам ыйын 26 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттээбиппит.
Күөн күрэскэ кыттыы сааһыттан тутулуга суох барбыта ордук кэрэхсэбиллээх буолла, хорсун сибэкки ньургуһуну хоһуйууга эдэриттэн эмэнигэр диэри көхтөөхтүк кытыннылар.
Бүгүн ньургуһун тиэмэтигэр киирбит уран оҥоһуктары таһаарабыт.
Сааскы бастакы сибэккини хоһуйууга кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кэрэни кэрэхсиир буолуҥ, ийэ айылҕаны харыстааҥ!