Ньургуһуну эмкэ туһаныы
Тоҥ буору тобулан тахсар хорсун сибэкки ньургуһун барахсан олоххо тардыһыытынан, кэрэ көстүүтүнэн эрэ буолбакка, араас ыарыыны эмтиир кыахтааҕынан өбүгэ саҕаттан аатырар. Аныгы үйэ киһитэ ньургуһунан хайдах эмтэниэн сөбүй? Бу туһунан айылҕаттан айдарыылаах норуот эмчититтэн туоһуластыбыт.
Юлия Юрьевна Николаева – норуот эмчитэ, “Арчы дьиэтин” иһинэн үлэлиир өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун дьоҥҥо тарҕатар, сөргүтэр үлэни ыытар “Сандаар” түмсүү салайааччыта:
– Сааскы бастакы сибэккибит, тоҥ буору тобулан тахсар ньургуһуммут нууччалыы аата “прострел” диэн. Нуучча омуга былыр дьиэ акылаатын уурарыгар муннуктарыгар ньургуһуннары уурар эбит – куһаҕан тыынтан харыстыыр, куһаҕан тыыны дьиэҕэ киллэрбэт диэн. “Стреляет” диэн тылтан аатын таһаарбыттар, куһаҕан тыыны ытыалаан кэбиһэр диэн суолталаах.
Ньургуһуну сахалар эмкэ былыр-былыргыттан тутталлар. Саҥа тыллан эрэр сибэккитэ ордук күүстээх. Сүһүөх ыарыыларыгар эмтээх сүмэһин оҥостон туттуу уруккуттан баар. Водкаҕа, испииргэ кутан, сылы-сылынан илдьэ сылдьан туттуохха сөп буолар. Испиир харааран хаалар, онон ыалдьар сири оҕунуохтанабыт.
Сорох дьон ньургуһун атан эрэр сибэккитин сиибит дииллэр. Оннук эмтэнии ньымата былыр баар этэ эрээри, билиҥҥи дьоҥҥо олус сэрэхтээх, барытын быһа сиэтэн кэбиһиэхтэрэ. Онон ньургуһун сибэккитин ыйыстар, сиир сатаммат, куртаҕы, оһоҕоһу бааһырдыахха сөп.
Былыр, элбэх эмп-томп суоҕар, сибэккини ыалдьар сир тириитигэр даҕайан, түөн курдук быһа сиэтэн, бааһырдан, ириҥэ көйбүтүн кэннэ ону сүүрдэн ыраастанабыт, эмтэнэбит дииллэр эбит.
Маны таһынан былыргы сахалар ньургуһун сибэккитин эминньэҕин сүөгэйгэ булкуйан маас оҥостоллоро. Ол маастарын чесоткаҕа, ыт ытырдаҕына кытта тутталлара. Силиһин кытта маас оҥорорго тутталлар эбит, ол эрэн билигин, бу “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит үүнээйи буоларынан, оннук гынар сатаммат.
Бэйэм дьоҥҥо ньургуһунтан эмп оҥорон бэрсээччибин, ол эрэн эмтэнэ, имэрийтэрэ кэлбит киһиэхэ туттубаппын. Кэргэним сиһэ хам туттаҕына, сүһүөх араас дьарҕаларыгар туһанабын. Биһиги ньургуһуммутун манна олохсуйбут омуктар эмп оҥостон дойдуларыгар илдьэ баралларын, олус хайҕыылларын, “аптаах сибэкки” диэн ааттыылларын билэбин.
Тыынар уорганнара уонна тыҥа ыарыылаахтар ньургуһуннаах хонууга хаамаллара туһалааҕын былыргы сахалар билэллэрэ. Билиҥҥи дьаҥнаах кэмҥэ, салгын сии таарыйа, ньургуһун үүнэр сиригэр дьаарбайыахха сөп.
Ньургуһун – күүстээх дьааттаах үүнээйи, чугас тутан сыллыыр, сытырҕалыыр олус сэрэхтээх. Аллергиялыыр дьон улаханнык баалатыахтарын сөп.
Хатаран баран, ууга суурайан, убаҕас гынан иһэллэр эрээри, сатаабатахха, ол эмиэ кутталлаах эмп буолар. Маннык настойканан атах грибогун соттон эмтиэххэ сөп. Бронхикка түөһү оҕунуохтууллар.
Ньургуһун испииргэ да, ууга да оҥоһуллубут настойкатын эккэ ууран баран хам баайар, бэрэбээскилиир олох сатаммат. Киһи этин дириҥ баҕайытык быһа сиэн кэбиһиэн сөп. Көннөрү бистэн эрэ кэбиһэр ордук. Былыргы сахалар босхоҥ сытар, оҕустаран ыалдьыбыт киһиэхэ маас курдук тутталлара. Ону таһынан кыыл ииригирэр ыарыытыгар туһаналлара биллэр.
Аныгы дьон водкаҕа настойка оҥостуохтарын сөп. Бытыылканы арыйан баран онно толору атан эрэр сибэккини симэҕит. Хараҥа сиргэ 2 нэдиэлэ турдаҕына, эмпит ситэр, сөп буола-буола сахсыйан биэрэ сылдьыахха наада. Дьэ, ону олус өр илдьэ сылдьан туттабыт, хастыы эмэ сыл уһуннук барар, буорту буолбат. Күн уотугар туруорар сатаммат, оҕунуохтанарга эрэ барсар.
Төбөҕө венок өрөн кэтэр көннөрү киэргэниигэ эрэ барсар, онно туох да эмтэнии диэн суох.
Ньургуһун улуус аайы атын өҥнөөх. Ол эрэн эмин кыаҕа, күүһэ ханна баҕарар тэҥ. Күөх да, араҕас да ньургуһун эмтиир кыахтара биир. Кэнники Сунтаар эҥин диэки розовай өҥнөөх ньургуһун тахсар буолла, мин маны гибрид үөскээтэ дии саныыбын.