14.05.2020 | 11:48

Ньургуһун – Кыайыы, таптал, олох сибэккитэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Валентина Бочонина

Ыам ыйын18 күнүгэр Саха сиригэр Ньургуһун күнэ бэлиэтэнэр. Ньургуһуммут барахсан быйыл Горнай улууһугар муус устар саҥатыгар үүммүтэ биллэр.

Соторутааҕыта “Киин куорат” хаһыат уонна «Арчы дьиэтэ” Култуура уонна духуобунас киинэ Ньургуһун күнүн көрсө ньургуһуҥҥа аналлаах күөн күрэс ыытан турар. Көрүҥнэрэ – хоһоон, кэпсээн айыытыгар, клиби оҥорууга, ырыаны, үҥкүүнү толорууга, уруһуйга, оҥоһукка. Ньургуһуну дьүһүйүүгэ оҕотуттан аҕам саастаахтарга диэри барыта 148 киһи өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан – Өймөкөөнтөн, Дьааҥыттан, Эбээн Бытантайтан, Орто Халыматтан, Кэбээйиттэн, Сунтаартан, Бүлүүттэн, Томпоттон, Тааттаттан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Горнайтан, Уус Алдантан биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн кытыннылар. Бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар бу түһүлгэҕэ кыттыбыт үлэлэртэн таһаарабыт.   

Елизавета Софроновна Рожина, Дьааҥы:

София Валентиновна Васильева, Нам

– Быйыл ынаҕым Мааны кыыс оруобуна Ньургуһун күнүгэр тыһы торбоһу бэлэхтээтэ. Ону истэн, дьүөгэм торбоскун Ньургуһун диэн ааттыыһыккын диэбитэ. «Кырдьык даҕаны, торбоһум эбэтэ Ньургуһун диэн, эбэтин аатынан да буоллун”,- диэн саҥа аллайдым да, кырдьа барбыт, аҥаар муостаах, араҕас дьүһүннээх ынаҕым диэки көрөн ыллым. Ынаҕым барахсан өйдөөбүт курдук “кэҕис" гынна, ыҥыранан ылла, хараҕыттан уу-хаар баста. Бу кэмҥэ кырдьаҕас Ньургуһун төрөөбүт күнүн, уонтан тахса сыллааҕыны эргитэ санаатым... Арай Маҥааччыйа диэн баар-суох маанылаах ынаҕым биир күн кэлбэккэ сиргэ хонно, түүнү быһа күүтэ сатаан баран, күн үөһэ ойуута көрдүү бардым. Сир-дойду уһун кыһыннаах тымныыттан босхолонон, тула барыта сырдык, олоххо тардыһыы тыына биллэн эрэр кэмэ. Сааскы саймаархай салгын сүрэҕи сөрүүкэтэр, дууһаны уоскутар. Халдьаайы устун хааман иһэн, оргууй аҕай ,,Хара сир устун саас маҥнай хааман иһэр кэрэтиэн!" диэн ырыаны киҥинэйэн ыллыыбын, ырыабар доҕуһуоллатан, “Мин көтүөх курдукпун, кынатым ханнаный?” диэх курдукпун. Оҕо сааспар төннөн, атах сыгынньах сүүрүөхпүн, үрүмэччи буолан тэлээрбэхтии көтүөхпүн, күөрэгэй чыычаахтыы көй салгыҥҥа дьырылыы ыллыахпын баҕардым. Тоҥ буору тобулу көтөн тахсар хорсун-хоодуот, ол эрээри нарын-намчы ньургуһун сибэккилэр бөлөх-бөлөх үүммүттэр. Санаабар, номох буолбут Ньургуһун кыыс нуоҕайа хаамар, Туйаарыма Куо төбөтүн хоҥкутан турар. Бу бөлөх элбэх оҕолоох, ити иллээх-эйэлээх, нус-хас олохтоох ыаллар, ол оҕонньордоох-эмээхсин соҕотох кыыстарын харыстыы сатыыллар, талах быыһыгар саҥа тыллан эрэр кырачаан кыргыттар күн диэки таласпыттар. Халдьаайы устатын тухары тус-туһунан бөлөҕүнэн үүммүт ньургуһуннар, бары биир өҥнөөх, ол эрээри майгыннаспат майгылаах, тулуурдаах, дьулуурдаах саха Далбар хотуттарын, сэмэй кыргыттарын, кэрэчээн оҕолору санаталлар. Ыра санаам ситимэ быстан, сирдээҕи олоххо төннөн, биир хойуу бөлкөйү кичэйэн көрбүтүм, ап-араҕас дьүһүннээх саҥа төрөөбүт торбос ньургуһун быыһыгар сытар эбит, миигиттэн соһуйан, ойон турда, сүүрэн тойторуйда. Ынаҕым барахсан көлүччэ кытыытыгар аһыы сылдьар, оҕотугар утары сүүрэн батыччахтаата, ньирэйи салаамахтаан ылла уонна буруйдаах киһилии умса көрөн турда.Торбоспун Ньургуһун диэн ааттаабытым ынах буолан, үрүҥ илгэни дэбиличчи биэрэн, иитэн-аһатан сырыттаҕа.

Катя Харлампьева, Дьокуускай

Ынаҕым барахсан ардыгар көрдөөх түбэлтэлэрдээх. Саас дьүөгэлэрбин кытта күүлэйдии сылдьан, “оо, ньургуһун!” диэн саҥа аллайбыппар, аһыы сылдьар ынаҕым маҥыраан лаҥкынатаат, утары сүүрэн кэлбиттээх. Күһүн отонноон бүтэн иһэн “Ньургуһун, Ньургуһун” диэн ынахпын ыҥырбыппар, дьүөгэлэрим сырсан кэлэн, “ханна үүммүттэр, хойутаабыт ньургуһуннар” диэн күлсүү буолбуттаах. Онон, быйылгы ньирэйим Ньургуһун диэн ааттанан, эбэтин курдук үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрүгүрдэ, ыччаты тэнитэ сырыттын диэн алгыыбын. Олох салҕанар...

Дьааҥытааҕы “Эчий” литературнай түмсүү (салайааччы Раиса Чирикова)

Таас хайа ньургуһуна

София Валентиновна Васильева, Нам

Таас дьарҕаа дьапталҕан хайаҕа,

Муус болгуо ньуурдардаах хапталга

Күн Айыы далбара дьаарбайда,

Ньургуһун дьөрбөтө нуоҕайда,

Сибэкки ыһыаҕа ыһыллан,

Таҥара олбоҕо тэлгэннэ,

Аар Тойон удьуора хомуллан,

Алыптаах биһиккэ бигэннэ,

Таас Дьааҥы хайатын үрдүгэр

Дьэргэлгэн чэчирэ чэлгийдэ,

Айылҕа кистэлэҥ имигэр

Ирбэт тоҥ күөх дуолга көччүйдэ,

Уот таптал кыымыгар таарыллан,

Ньургуһун кыыс курдук тубуста,

Оо, чороон уостаргар даҕаллан,

Хаар ууллан уохтаахтык уураста,

Хоту сир хаспаҕын быттыгар

Сааскы ил сылааһа налыйда,

Муус кыаһаан хаттыгын сыттыгар

Ньургуһун сытынан дыргыйда!

Римма Иннокентьевна Корякина –Хотууна

Вера Ушницкая, Дьокуускай

Cырдык күн сылааһын

Сир ийэ сүмэтин иҥэрбит,

Сыһыыга симэнэн тахсыбыт

Сааскы бастакы ньургуһун

Сүрэҕи долгутар,

Санааны көтөҕөр,

Сырдыкка-кэрэҕэ,

Саҥаҕа угуйар.

Сыыспатах букатын өбүгэм,

Сөпкө да ааттаабыт

Нюргуйана Данилова, Дьокуускай

Сааскы кэрэ сибэккини

Ньургуһун диэн сүрэхтээн.

Бу аата бэйэтэ

Бигэтик туоһулуур –

Туллаҥнаабат тулууру,

Олоххо дьулууру.

Сааскы тоҥ буору тобулан

Сырдыкка, күн диэки таласпыт

Сибэкки бастакы дьөрбөтө

Сахаҕа олус да күндүгүн.

Андрей Васильевич Константинов, Эбээн Бытантай

Маргарита Алексеевна Чалбанова - Уһуйаана, Дьокуускай

Саскылана Устинова, Уус Алдан, Орто Эбэ

Матрена Жиркова, Нам, Хамаҕатта

Александра Викторовна Игнатьева, Чурапчы

Дарина Николаева

Нина Михайлова, Дьокуускай

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....