Норуоттар национальнай култуураларын күнэ бэлиэтэнэр
Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев сэтинньи 7 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын национальнай култуураларын күнүн бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу быһаарыныы этнокултууралар сайдалларыгар, сүппэттэригэр, Саха сирин норуоттарын үгэстэрэ күүһүрэллэригэр анаан ылылынна.
Саха сиригэр Норуоттар национальнай култуураларын күнэ баар буолла. Саҥа бырааһынньыгы ахсынньы бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтиэхпит. Быйыл ол күн ахсынньы 3 күнүгэр түбэһэр.
Манан сибээстээн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ ахсынньы 3 күнүгэр, күнүс 13.30 чаастан бэйэтин тэрээһинин саҕалыыр.
Тэрээһин бырагыраамата:
- Чэй иһиитин сиэрэ-туома;
- «Национальнай колорит – кэлэр кэскил платформата» куйаар эйгэ иһитиннэриитэ;
- 14.00 ч. «Саха сирин үгүс култуурата – сүдү көстүүтэ» кэнсиэр (улахан саала).
Саха сиригэр 135 араас омук олороро биллэр. Онтон биһиги сахабыт норуота, эбээннэр, эбэнкилэр, юкагирдар уонна чукчалар аҕыйах ахсааннаах норуот аатыгар киирэбит. Ол иһин, норуоттар икки ардыларыгар эйэлээхтик, биир сомоҕо буолан олорорбут, биһиги норуокка олус суолталаах, саргылаах уонна кэскиллээх дии саныыбыт.
Үөрүүлээх да, ыарахан да күннэргэ бары биир сомоҕо буолан иллээхтик-эйэлээхтик иннибит диэки эрэллээхтик эрдинэн иһиэххэйин диэн барыгытын ыҥырабыт.
Ис дууһабыттан эһигини норуоттар национальнай култуураларын күнүнэн эҕэрдэлиибит.
Аахса барбаппыт атын омук диэн,
Атастарга үөрэбит,
Арахсыбаппыт хара - үрүҥ диэн,
Илиибитин биэрэбит.
Баҕарабыт сарсыҥҥы күҥҥэ эйэлээхтик олороргутугар, ситиһиини, эрэллээх доҕоттору.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата