15.09.2022 | 18:00

Норуоттар доҕордоһууларын бэстибээлигэр биир дойдулаахтарбыт кытыннылар

Балаҕан ыйын 9-12 күннэригэр Нижнэй Новгородка Бүтүн Арассыыйатааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо «Норуоттар доҕордоһууларын» күннэрэ буолан аастылар.
Норуоттар доҕордоһууларын бэстибээлигэр биир дойдулаахтарбыт кытыннылар
Ааптар: Ньургуйаана Скрябина
Бөлөххө киир

Тэрээһини Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбалара уонна   Нижегородскай уобалас Александр Невскай аатынан тэрилтэтэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. 

Бу тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн 6 киһи тиийэн кыттыыны ылла. Манна уопсайа 250 киһиттэн тахса кыттааччы, Арассыыйа 39 араас регионуттан муһуннулар. Кинилэр пауэрлифтинг, дартс, скандинавскай хаамыы, саахымат, остуол оонньуута (шаффлборд, джакколо) көрүҥҥэ күрэхтэстилэр.

Түмүккэ пауэрлифтинг көрүҥэр Дайана Енохова (Алдан улууһа) 1 миэстэни ылла.

Култуурунай бырагыраамаҕа кэлээскэлээх үҥкүүгэ Лилия Егорова  "Кыталык" үҥкүүтүн  толорон бэстибээл кыттааччыларын биһирэбилин ылла. Тэрээһин биир сүдү бырагырааматынан кыттааччылары куорат иһинэн экскурсияҕа сырытыннарыы уонна «Алдан» теплоходка хатааһылатыы буолла, кыттааччыларга үөрүүнү бэлэхтээтэ.

 Саха сирин хамаандата улахан ис сүрэхтэн махталын тириэрдэр, Арассыыйа иһинээҕи бэстибээлгэ кыттыыны ылбытынан киэҥ туттар. Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлигэр Лебедева Ирина Васильевнаҕа, Дьокуускай аэропордун үлэһиттэригэр  махталларын тиэрдэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....