Норуот куоластааһыныгар кыттыаҕыҥ, Дьокуускайбытын тупсарыаҕыҥ!
Тапталлаах куораппытыгар Кыайыы Паарката тутуллуохтаах уонна Сайсары күөлүгэр, Ийэ скверигэр тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Ол федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтээх. Бу бырайыактар олоххо киирэллэригэр нэһилиэнньэ төһүү күүс, көмө, тирэх буолуоҕа. Ол хайдах? Эн, мин, кини – бары норуот куоластааһыныгар кыттыахтаахпыт уонна кыайыахтаахпыт.
Олохтоох дьаһалта za.gorodsreda.ru сайтка киирэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырар. Нэһилиэнньэ биир уопсастыбаннай эйгэни талар кыахтаах – Кыайыы Пааркатын эбэтэр Сайсары күөлүн уонна Ийэ скверин тупсарыыны. Элбэх куолаһы ылбыт эбийиэк 2022 сылга «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак «Куорат эйгэтин табыгастаах оҥоруу» федеральнай бырагырааматынан олоххо киириэҕэ.
“Инникитин уопсастыбаннай эйгэ сайдарыгар олохтоохтор санааларын билиэхтээхпит, тоҕо диэтэххэ бу бырайыактар олохтоохторго ананар. Платформа бэйэтэ туспа архыып буолуоҕа. Олоххо киирбит уонна тупсарыллыахтаах эбийиэктэри онно киирэн көрөр буолуохпут”, – диэтэ куорат баһылыгын солбуйааччы Алексей Корнилов.
Ким кыттыан сөбүй?
Норуот куоластааһыныгар «Госуслуги» порталга регистрацияны ааспыт дьон кытталлар (14-тэн үөһэ саастаах оҕолор эмиэ).
Хайдах куоластыыбыт?
Олорор куораккытын (нэһилиэккитин) талаҕыт, куоластааһыҥҥа киирбит эбийиэктэри булаҕыт.
«Госуслуги» киирэҕит эбэтэр регистрацияланаҕыт. Формаҕа араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын, төрөөбүт күҥҥүтүн-дьылгытын, олорор сиргитин, электроннай почтаҕыт аадырыһын, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин суруйаҕыт.
Испииһэктэн ханнык уопсастыбаннай эйгэ тупсарыллыахтааҕын талаҕыт.
Куоластааһын түмүгэ порталга тахсар. Элбэх куолаһы ылбыт бырайыак эһиил федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр.
«Кыайыы Паарката»
Киин куорат олохтоохторо сынньаналларыгар аналлаах аныгы паарка дизайн-бырайыагын билсиҥ. Бу эбийиэк Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыыларын, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро харах уулаах Кыайыы туһугар күнүстэри-түүннэри үлэлээбиттэрин кэрэһилиир, үйэтитэр буолуоҕа.
Былырыын Улуу Кыайыы 75 сылынан Дьокуускай куоракка “Кыайыы Паарката” саҥа уопсастыбаннай эйгэҕэ өйдөбүнньүк стелатын үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааспыта. Бу эбийиэк 2022 сылга, өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Дизайн-бырайыак быһыытынан комплекска киин болуоссат, сүүрэргэ аналлаах, бэлэсипиэт суоллара, оҕолор оонньуур зоналара, спордунан дьарыктанар зоналар, фуд-корт, амфитеатр, о.д.а. баар буолара былааннанар.
Тутуу икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Сирэ-уота тупсарыллыахтаах, сырдатыллыахтаах, уу сүүрэр, канализация ситимнэрэ оҥоһуллуохтаах, саҥа эбийиэктэр тутуллуохтаахтар, оонньуур оборудованиелар туруоруллуохтаахтар, бэлэсипиэт суоллара тэлгэниэхтээх, скейт-паарка, гриль-зона баар буолуохтаах.
Сайсары күөл уонна Ийэ скверэ
Бу саас пресс-туурга Евгений Григорьев (оччолорго Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу): “Сайсары – Туймаада туонатын ытык-бэлиэ сирэ. Манна “Куорат эйгэтин табыгастаах оҥоруу” бырагырааманан үгүс үлэ ыытыллыахтаах. Киин куорат олохтоохторо, ыалдьыттара өйдүүн-сүрэхтиин талаһар сирдэрэ буолуохтаах”, – диэбитэ.
Бу эбийиэккэ тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, суоллара уонна тротуардара хапытаалынайдык өрөмүөннэниэхтээх, саҥа эбийиэк элбэтиллиэхтээх, киирэр суол, сатыы дьон сылдьар сирдэрэ, спортивнай балаһааккалара сырдатыллыахтаах, көҕөрдүү үлэтэ күүһүрүөхтээх.
Дизайн-бырайыак быһыытынан Ийэ скверэ нэһилиэнньэ бары араҥата өйдүүн-сүрэхтиин сынньанар сиригэр кубулуйуохтаах. Куорат олохтоохторо манна кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-эмэнниин үөрэ-көтө кэлиэхтээхтэр.
Оонньуур зоналарга оҕолоох ыаллар сөбүлээн сылдьыахтара. Сылаас павильоҥҥа уонна кафеҕа ыччат тоҕуоруһуоҕа.Всероссийское голосование по выбору объектов благоустройства на 2022 год