16.01.2021 | 17:02

Норуот долгуйда уонна соһуйда...

Норуот долгуйда уонна соһуйда...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа 2021 сылбытын этэҥҥэ көрүстүбүт. Ол эрэн, сылбыт күүппэтэх өттүбүтүттэн соһуччу сонунунан саҕаланна. Ол курдук, дьоһуннаах мээрбит Сардаана Авксентьева доруобуйатын туругунан үлэтиттэн баҕа өттүнэн уурайарын, куорат олохтоохторо бары кэриэтэ соһуйа, долгуйа иһиттилэр, дууһаларыгар ыарыылаахтык ылыннылар.

Бу күн дойду көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэтэ уонна социальнай ситим барыта бу сонунунан туолла. Оннооҕор Турцияттан билэр табаарыһым, Москваҕа Арабстан посольстватыгар сүбэһитинэн үлэлээбит киһим, тута эрийэн, чуолкайын ыйыталаһан, киһини ууга-уокка түһэрдэ. Күһүн Турцияҕа сынньана сылдьар кэммэр, кини Сардаана Авксентьева ыытар үлэтин сүрдээҕин биһириирин туһунан мэлдьи этээччи. “Сүрдээх ирдэбиллээх, чиэһинэй салайааччылааххытынан эһиги киэн туттуохтааххыт. Оннооҕор биһиги атын омук дьоно кини ыытар үлэтин билэ-көрө олоробут”, – диэн миигин үөрдүбүтэ. Кистэл буолбатах, бары ытыктыыр мээрбит Сардаана Авксентьева ыытар үлэтэ Арассыыйа таһымын ааһан, тас дойдуларга кытта билиннэ. Атын регион олохтоохторо кытта сэҥээрдилэр, маннык салайааччылаахпытынан үгүстэр ымсыыраллар этэ. Кини аатынан Саха сирин билэллэр диэтэхпинэ, омун буолбат ини.

Ирдэбиллээх салайааччы үлэтэ үтүө түмүктээх

Харыстаана Кардашевская, суруйааччы:

— Бастатан туран, Сардаана Владимировнаны “Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин” аатын ылбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Куораппыт баһылыга 2,5 сыл устата бэйэтин холугар элбэх үлэни ыытта. Норуоту биир санааҕа, сомоҕолоһууга түмтэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Хайа баҕарар субуотунньукка бэйэтинэн кыттан, дьону көҕүлүүрэ. Бу буолар, салайааччы үтүө холобура. Бөх реформатын олоххо киллэрбитэ. Куораппыт ыраас, чэбдик буоларыгар улахан болҕомтотун уурбута. Иитиигэ-үөрэтиигэ сыратын-сылбатын биэрбитэ. Куорат кытыы бөһүөлэктэригэр  аспаал суол оҥорторбута. Кыра-хара норуокка олус чугас салайааччынан билиннэ. Тулагыга, Жатайга, Хатаска, Кангалааска уот ситимэ киллэртэрбитэ. Хаарбах дьиэлэртэн дьону саҥа дьиэҕэ көһөрүү үлэтэ тэтимнээхтик ыытылынна. Ыт боппуруоһугар сүрдээхтик ылсан үлэлэстэ. Пандемиянан сибээстээн, кэккэ дьаһаллар ылылланнар, сэрэтии үлэтэ күүскэ барбытын тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Мин кинини кытаанах, ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан сыаналыыбын. Ити барыта кини үтүөтэ-өҥөтө, ыытар үлэтин үтүө түмүгэ буолар. Этэҥҥэ доруобай буоллун.

Ирина Степанова:

— Куорат дьоһуннаах, норуот киэн туттар мээрэ Сардаана Авксентьева  үлэтиттэн уурайбыта олус хомолтолоох. Куорат олохтоохторо бары да соһуйа, хомойо иһиттибит. Кини үлэтиттэн уурайыытын сүрэхпитигэр чугастык ылынныбыт. Санаабын аһаҕастык сайа этиннэхпинэ сатанар. Сахалар үлэһит киһини өйүөхпүт оннугар, бэйэбит бэйэбитин таҥнары тардабыт. Ол олоххо баар суол. Мин, дууһабын барытын ууран үлэлиир киһи, ити балаһыанньаны билэбин. Үчүгэй үлэһити суох гынар угаайыга тиллэбит. Саха салайааччыны суох оҥоро сатааһын суох буолбатах, баар диибин. Чөмчөкөтө үчүгэйдик үлэлиир киһини өрө таһаарбаппыт, онон сайдыбаппыт. Халтайы, туолбаты, уларыйбаты, бүтэр бүппүтүн кэннэ саҥаран да диэн, туһата суох. Куораппыт баһылыгынан үлэлии олорбут Сардаана Авксентьева ыытар үлэтин бары истэ-билэ сылдьабыт. Биһиги кинини дьиҥнээх хаһаайыстыбанньык салайааччынан билинэрбит. Хаарыан кыыспыт доруобуйатын туругунан, үлэтиттэн суһаллык уурайбытын соһуйа, долгуйа иһиттибит. Салайар дьоҕура, “потенциала” үрдүк этэ. Саха Далбар Хотунугар этэҥҥэ сырыт, доруобуйаҕын көрүн диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Анастасия Петрова:

— Мин санаабар, норуот быыбарга Сардаана Владимировна Авксентьеваны, дойдуну тутан олорор партияҕа сыһыана суох киһини, саҥа сүүрээни, биһиги диэки хайыһаарай диэн баҕа санааттан талбыта историческай кырдьык. Дьон баҕа санаатын, инники эрэлин кинини кытта сибээстээбитэ, итэҕэйбитэ.  Ону баара, болдьоҕун аҥаарын эрэ үлэлээтэ. Кинини өйдүөххэ сөп... Дьахтар нарын санныгар улахан эппиэтинэс, кыаҕы таһынан муҥура биллибэт эппиэтинэстээх үлэ сүктэрилиннэҕэ. Бу үп-харчы кырыымчык кэмигэр өссө ыарахан. Кылгас кэм иһигэр куорат сайдыытыгар элбэх үлэни ыытта, саҥа саҕахтары арыйда. Дьон өйүгэр хатанар уларыйыылары киллэрдэ. Кини ыытар үлэтэ Арассыыйа таһымыгар элбэхтик ырытыллыбыта. Боростуой киһи көрүүбэр суол бөҕө өрөмүөннэннэ, хаарбах да дьиэлэртэн көһүү элбэх быһыылаах. Дьиэ таһыттан да көрдөххө, уокуруктарын кытта үлэ күүһүрэн, салайар хампаанньалар үлэлэрэ тупсан, дьиэлэр тастара, оптуобус тохтобуллара ыраас, көрүүлээх буолбуттара харахха быраҕыллар. Ол эрэн, 17-с кыбаарталга туох да уларыйыы барбатаҕа  хомолтолоох, уочараттара кэлиҥҥигэ тэбиллибитэ буолуо диэн сэрэйиллэр  эрэ. Оптуобус сыаната мээр үлэҕэ киириэҕиттэн, 28 солкуобайга тутуллан турбута да үгүһү этэр. Урукку эбитэ буоллар, сыана үрдээһинин тиэмпэтэ үрдүк этэ, хаска тиийбит буолуоҕун киһи саныан саллар.  Баһылыкпыт Сардаана Авксентьева саамай хорсун санаата, бу бүтэһиккэ мээрийэни көһөрөр туһунан санаатын аһаҕастык этиниитэ буолар. Салгыы үлэлээбитэ буоллар, хайдах буолуо эбитэ буолла... Бука, чунуобунньуктары норуот диэки  хайыһыннарар, норуокка чугаһатар санааттан маннык быһаарыныыны ылбыт буолуохтаах диэн сэрэйиэххэ эрэ сөп. Киһиэхэ саамай күндүтэ – доруобуйата. Сардаана Владимировна түргэнник  реабилитацияланан, доруобуйатын көннөрөн дьонун-сэргэтин туһугар ханнык да үлэҕэ, дуоһунаска сырыттар үлэлиэ-хамсыа диэн эрэниэҕи баҕарыллар. 

Анна Козлова, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн:

— Аан маҥнай дьахтар баһылыктанан, куораппыт итии-истиҥ сыһыаннаах, кыһамньылаах ийэлээх курдук буола түспүппүт. Дьокуускайбыт тута киэркэйбитэ, тупсубута, үлэ-хамнас бөҕө барбыта. Сардаана Владимировна уурайбытын да иһин, кини былааннаабыта, толкуйдаабыта олоххо киирэн истин диэн баҕа санаалаахпын. Кини элбэҕи эрэннэрэр бөҕө тирэхпит этэ диэн үрдүктүк сыаналыыбын. Модун Арассыыйа үрдүнэн кини ыытар үлэтэ биллэн, куорат олохтоохторо кыыспытынан сүрдээҕин киэн туттубуппут.

Элеонора Семеновна Анисимова, Үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнэ, учууталлар учууталлара:

-Сардаана Владимировна мээр быһыытынан үлэтин биһириир этим. Олох сайдарын быһыытынан, дьон санаата да уларыйар буоллаҕа. Кини үлэлиир кэмигэр сүрдээх ирдэбиллээхтик сыһыаннаһар буолан, бэйэтинэн сылдьан бэрибиэркэлээн, хонтуруоллаан куорат тас көстүүтэ лаппа уларыйда. Саамай биһириирим, куорат уулуссалара оҥоһуллан, айанныырга олус үчүгэй туруктаннылар. Суол олохпут хорук тымыра буоллаҕа. Кини үлэлиир кэмигэр, куораты тупсарыы үлэтэ тэтимнээхтик ыытылынна. Уопсай дьиэлэр территорияларын көрүнэр буолбуттара. Хайа уонна оптуобус сыаната үрдээбэтэҕэ. Биллэн турар, кыаллыбат боппуруос элбэх бөҕө буоллаҕа. Оннооҕор дьиэ иһигэр сөпсөспөт быһыы-майгы баар. Сардаана Владимировна доруобуйата эрэ ама буоллар, атын да сиргэ син биир таһаарыылаахтык үлэлиэҕэ. Биир бэйэм кини ыыппыт үлэтин үрдүктүк сыаналыыбын уонна махтанабын. Кылгас кэм иһигэр хайдах курдук ситиһиилээхтик үлэлээтэ? Олох араас эйгэтигэр улахан хамсааһыннары оҥордо диэн биир бэйэм сыаналыыбын. Этэҥҥэ доруобай сырыт, күндү кыыспыт Сардаанабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...