06.12.2022 | 17:00

«Норуот бүддьүөтэ» куонкурус сүүмэрдээһинигэр кыттыҥ

«Норуот бүддьүөтэ» куонкурус сүүмэрдээһинигэр юридическай сирэйдэр (судаарыстыбаннай (муниципальнай) тэрилтэлэртэн ураты), индивидуальнай предпринимателлэр, 18 саастарыгар диэри дееспособнай физическэй сирэйдэр, кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр кыттыахтарын сөп.
«Норуот бүддьүөтэ» куонкурус сүүмэрдээһинигэр кыттыҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сайаапкалары тутуу 2022 сыл ахсынньы 9 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 18:00 чааска түмүктэнэр.

Кыттааччылар куонкурус сайаапкатын толороллор уонна докумуоннарын туттараллар, аадырыһа: 677007, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Дьокуускай куорат, Ленин пр., 15, 712 кэб., Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена, төлөпүөн нүөмэрэ 40-88-48.

Сайаапкалары бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри, 09:00 чаастан 18-00 диэри туталлар, эбиэт – 13:00 -14:00 чаас.

Итини сэргэ сайаапкалары уокуруктар салалталарыгар уонна куорат кытыытын дьаһалталарыгар туттарыахха сөп.

Норуот көҕүлээһинэ – Дьокуускай куорат уокуругун тыын суолталаах соруктарын быһаарыыга туһаайыллыбыт социальнай суолталаах бырайыактар. Кинилэр уопсастыбаннай эбийиэктэри тутууга, уларытан тутууга, өрөмүөннээһиҥҥэ, территориялары, нэһилиэнньэ сынньанар сирдэрин тупсаран оҥорууга сыһыаннаахтар. Бырайыак олоххо киириитигэр көҕүлээччилэр уонна нэһилиэнньэ булгуччу кыттыылара ирдэнэр.

Бырайыактары сүүмэрдээһин Олохтоох дьаһалта 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи 248п №-дээх «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак балаһыанньатын бигэргэтии туһунан» уонна 2022 сыл сэтинньи 7 күнүнээҕи 333п №-дээх уларытыылар уураахтарыгар олоҕуран ыытыллар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...