09.11.2021 | 11:30

«Норуот бүддьүөтэ-2022» куонкуруска сайаапкалары хомуйуу салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтата куорат олохтоохторуттан киин куораты тупсарыыга, култуурунай, социальнай, спортивнай уонна аһымал тэрээһиннэргэ, ону сэргэ социальнай суолталаах эбии эбийиэктэри саҥардан оҥорууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ туһуламмыт бырайыактар кыттыгас үбүлээһиннэригэр сайаапкалары хомуйууну салҕыыр. 
Бырайыактары сүүмэрдээһин 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран), Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи 248п  №-дээх Уурааҕар олоҕурбут балаһыанньа быһыытынан ыытыллар.  
«Норуот бүддьүөтэ-2022» норуот көҕүлээһинин куонкуруһугар физическэй уонна юридическэй сирэйдэртэн, холбоһуктартан уонна уопсастыбаннай тэриллиилэртэн сайаапкалары ылаллар. 
Өйөбүл ылбыт бырайыактар 2022 сыл тухары олоххо киириэхтээхтэр. Сүүмэрдээһин куонкуруһун усулуобуйатынан көҕүлээччилэр бырайыакка 20% итэҕэһэ суоҕу угуохтаахтар, уоннааҕыта олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр. 
Куонкуруска кыттар социальнай суолталаах бырайыактар түөрт хайысхаларга сөп түбэһиэхтээхтэр:
1. Уопсастыбаннай эбийиэктэри саҥардан оҥоруу уонна өрөмүөннээһин;
2. Куорат уокуругун территориятын уонна маассабай сынньалаҥ миэстэлэрин тупсаран оҥоруу;
3. Аһымал, социальнай, волонтерскай аахсыйалары ыытыы;
4. Үөрэҕирии, култуура, спорт тэрээһиннэрин ыытыы.
«Норуот бүддьүөтэ-2022» куонкуруска кыттар сайаапкалары маннык аадырыска туталлар: Ленин пр., 15, 1-кы этээс («Норуот бүддьүөтэ» дьааһык), Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын уопсастыбаннай сибээһин салаатыгар 416 кэб., итини сэргэ grant_yakutsk@mail.ru электроннай почтаҕа 2021 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран).
Эбии информацияны 40-80-36 нүөмэртэн уонна yakutskcity.ru сайтка билсиэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....