Нолуоккутун онлайн төлөөҥ
Коронавирус дьаҥа тарҕаммытынан, Дьокуускай куораттааҕы нолуогабай сулууспа 202 мкрн. 23 корп. аадырыһынан нэһилиэнньэни кытта үлэтин сэтинньи 29 күнүгэр диэри тохтотто.
Нолуогу төлөөччүлэр онлайн өҥөлөрүнэн www.nalog.ru сайтка туһаныахтарын сөп. Онно “Личный кабинет налогоплательщика физического лица”, “Личный кабинет индивидуального предпринимателя” уонна “Личный кабинет юридического лица” салааларынан киирэҕит.
Билигин Дьокуускай олохтоохторун бас билиигэ нолуокка иэһэ – 66,4 сөл. солк., сир нолуогар — 27,9 мөл. солк.
Олохтоохтор куорат бүддьүөтүгэр иэстэрэ 92,3 мөл. солк. буолла.
Былырыыҥҥы төлөнө илик иэс – 162 мөл. солк.
Бэлиэтээн эттэххэ, хас биирдиибит төлөөбүт нолуога куорат сайдыытыгар көмө буолар. Бас билиигэ уонна сир нолуога толору киин куораппыт бүддьүөтүгэр киирэллэр.
НДФЛ нолуогуттан 40 бырыһыана эрэ куоракка киирэр.Тырааныспар нолуога толору өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр барар.
Быйыл коммунальнай өҥөлөр иһин төлөбүргэ Дьокуускай олохтоохторун иэһэ 595,5 мөл. солк. тиийдэ! ТСЖ-лар уонна салайар хампаанньалар иэстэрэ – 188 мөл. солк. буолла.
Нолуоккутун кэмигэр төлөөҥ – Саҥа дьылы иэһэ суох көрсүҥ!