10.07.2020 | 10:32

Нолуок төлөбүрүн саҥа систиэмэтэ: аах, бил, туһан

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы кэм киһитэ, биир эрэ үлэнэн муҥурдаммакка, бэйэтэ өҥө оҥорор, эбии дохуоттанар. Ким эрэ сүрүн үлэтин таһынан дьарыктанар, ким эрэ дьиэҕэ олорон эбии харчылаһар. Холобур: бас билэр тимир көлөтүнэн дьону таһар, оҕотун көрөн олорор ийэ туорт астаан атыылыыр. Айар-тутар дьоҕурдаах киһи дьиэ ис-тас өттүн өрөмүөннүүр. Кинилэр бары, нууччалыы эттэххэ, «самозанятой» диэн аатыраллар.

Саха сиригэр от ыйын 1 күнүттэн «Налог на профессиональный доход» диэн нолуок төлөбүрүн саҥа систиэмэтэ киирдэ. Чуолаан сокуоннайа суохтук үлэлии сылдьар дьоҥҥо ананар.

Тугун, ханныгын билсээри, ааҕааччыларбытыгар “Мой бизнес” киин өҥө оҥорооччу отделын начальнига Саргылана Федорованы кытта кэпсэттибит.

БЭЙЭЛЭРЭ ДОХУОТТААХ ДЬОН ДИЭН КИМНЭЭҔИЙ?

Бэйэлэригэр дохуот оҥостор дьон: биирдиилээн киһи (физическое лицо), юридическай сирэй уонна предпринимателлэр. Ол эрээри кинилэр наймыга үлэлиир дьоно суох буолуохтаахтар. Судургутук эттэххэ, үлэ тэтимин көҕүлүүр, өҥөнү оҥорор статуһа суох дьон.

КИМНЭЭХ ХАПСАЛЛАР?

Бу нолуок эрэсиимэ ыраахтан үлэлиир уонна сокуоннайа  суохтук үлэлиир  фрилансердарга туһаайыллар. Ол курдук: дьиэҕэ-уокка тиийэн араас өҥөнү оҥорор дьон (сирэйи-хараҕы, сэбэрэни тупсарааччылар), хаартыскаҕа түһэрээччилэр, таһаҕаһы тиэйэр массыыналар, бырааһынньыктары иилээн-саҕалаан ыытааччылар, аниматордар, кыбартыыраны өрөмүөннээччилэр, риэлтордар, онтон да атын араас эйгэҕэ бэйэлэрин тустарыгар үлэлиир дьон.

БАРЫСТААХ ДУО?

  • Бу эрэсиимҥэ киирбит дьон сыллааҕы декларация отчуотуттан босхолоноллор эбит.
  • Страховой усунуоһу төлөөбөт буолаллар. Маннык балаһыанньаҕа социальнай биэнсийэ ааҕыллыаҕа. Санатан эттэххэ, страховой усунуос сыллааҕы төлөбүрүн кээмэйэ 2020 сылга 40 874 солк. суумаҕа тэҥнэһэр.
  • Табаары эбэтэр өҥөнү оҥорон атыылаабыт нолуогун кээмэйэ (ставката) 4 % эбэтэр 6  %-ҥа тэҥнэһэр.
  • Биирдэ бэриллэр 10.000 солк. нолуок “вычета” төлөнөр.
  • Кирэдьиит ылар кыахтанаҕыт, ол иһин бэйэҕитигэр “кредитнай история” оҥостоҕут.
  • Сокуону, быраабы барытын тутуһан, судаарыстыба көрөр араас көмөтүнэн, үөрэх куурустарынан туһанаҕыт.

ТӨЛӨНӨР БЭРЭЭДЭГЭ

Ый аайы 12 чыыһылаҕа тустаах суума кэлэр, ону ый 25 чыыһылатыгар диэри төлүөхтээххит. Өскөтүн бу ыйга үлэлээбэтэх, өҥөнү оҥорботох, атыылаабатах буоллаххына, эн тугу даҕаны төлөөбөккүн.

БОЛДЬОҔУ ТУТУС

Өскөтүн нолуоккун төлөөбөт түгэҥҥэр улахан суумаҕа ыстарааптанаҕын. Ол иһин сөбүгэр көрөн, болдьоҕу тутуһан, нолуогу ый аайы төлүүр ордук.

НОЛУОК КЭЭМЭЙЭ

Табаары эбэтэр өҥөнү олоххо киллэрии нолуогун кээмэйэ маннык: биирдиилээн киһини (физическэй сирэй) эбэтэр  юридическай сирэйи кытта үлэлээбит буоллаххына, 4 % буолар. Онтон ИП-ны, ХЭТ-и эбэтэр улахан тэрилтэни кытта дуогабардаһан үлэлээбит түгэҥҥэр, төлөбүр кээмэйэ 6 %-ҥа тэҥнэһэр.

Атыылаабыт табааргын эбэтэр өҥөҕүн тута  «Мой налог» мобильнай сыһыарыыга киллэрэн иһиэххин наада. Бу сыһыарыы ставканы, үлэ бэрээдэгин, нолуок тутулун барытын бэйэтэ ааҕар, учуоттуур. Бүтэһиктээх сууматтан ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйэ оҥоһуллар. Ыйдааҕы дохуотуҥ  хааччаҕа суох буолар. Ону барытын «Мой налог» сыһыарыы барытын хонтуруоллуур. Ол эрээри, өскөтүн оҥорон таһаарар табаарыҥ хамаҕатык барар, харчыны эргитэр буоллаҕына, өлөрбүт харчыҥ биир сылга 2 мөл. 400. сууматтан халбаҥныа суохтаах. Холобур, эн сылга 20 тыһ. солк. оҥорор да буоллаххына, син биир нолуок төлүөхтээххин. 

ХАЙДАХ КӨҺӨБҮТ?

Саҥа нолуок систиэмэтин салаатыгар көһөргө: сайабылыанньа, паспорт дааннайдара уонна хаартыскалар наадалар.

Маны туһаныаххытын сөп:

  • «Мой налог»  мобильнай сыһыарыыны төлөпүөҥҥэр хачайдыыгын. Манна киирэн тустаах регистрацияны ааһаҕын. Быһа холоон, 10 мүн. барар.
  • Саха сирин дьоҕус уонна аччыгый бизнес portal.b14.ru  порталыгар «Самозанятые»  диэн салааҕа киирэн, тустаах иһитиннэриини, сүбэлэри ылыаххын, ааҕыаххын сөп.
  • nalog.ru сайтка киирэҥҥит тус кэбиниэккитигэр (личный кабинет) киирдэххитинэ эмиэ баар.
  • Эбэтэр ханнык баҕарар кирэдьиит тэрилтэтин эбэтэр Арассыыйа нолуогабай сулууспатын кытта үлэлиир бааҥҥа тиийэн регистрацияны ааһыахха сөп.
  • Госуслуги.ру сайтка тус кэбиниэттээх буоллаххына эмиэ киирэҕин.

Чааһынай предприниматель, «самозанятой» салааҕа көһүөххүн баҕардаххына, ый инниттэн хамсанарыҥ ордук. Эргэ нолуок систиэмэтиттэн тахсарыҥ туһунан сайабылыанньа биэриэххин наада. Сайабылыанньаҕын биэрбэтэх эбэтэр умнубут түгэҥҥэр, эн бэйэҕэ үлэлиир эрэсиимҥэ сатаан көспөккүн.

Эн бэйэҕэр үлэлээн уонна дохуот киллэрэн үлэ ыстааһын аахсыаххын баҕараҕын?  Оччоҕо «Мой бизнес» киин быһа линиятыгар эрийэн сиһилии билис: 8-800-100-58-80 (9:00 — 18:00 ч.) Whatsapp  8-924-873-00-97.

ОЛОХТООХ БОРОДУУКСУЙАНЫ ОҤОРОН ТАҺААРААЧЧЫ, БОЛҔОЙ!!!  «Мой бизнес» киин от ыйын 1 күнүттэн олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарар предпринимателлэргэ субсидияҕа куонкурус биллэрэр. СУБСИДИЯ ТУОХХА КӨРҮЛЛЭР? Оҥорон, астаан таһаарар предприниматель производственнай оборудованиеларын монтажтааһыныгар, сөргүтэригэр эбэтэр саҥаны атыылаһарыгар туһуланар. Дуогабарынан инженернэй-техническэй хааччыйыы ситимигэр бэриллэр. Холобур, уот тардыыта, ититиини киллэрии, гааһы уонна ууну хааччыйыы буолуон сөп. Субсидия алын кээмэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаҥ 50 %- тан ордуга суох буолуохтаах уонна докумуонунан бигэргэтиллибит ороскуоккуттан 500 000 солк. сууматтан тахсыа суохтаах. Докумуоннары тутуу болдьоҕо: от ыйын 1-20 күнүгэр диэри. Сайаапканы ыытыы, түһэрии усулуобуйалара: бэйэҥ эрдэттэн суруйтаран, өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар «Мой бизнес» киинигэр туттарыаххын сөп. Эбэтэр дьиэттэн тахсыбакка олорон, Subsidy20@mail.ru электроннай аадырыска ыытаҕын. Субсидияны интэриэһиргээбит буоллаххына: — Быһа линия төл.: 8-800-100-58-80; — «Линия прямых обращений» салаа нөҥүө portal.b14.ru сайтка; — Whatsapp  8-924-873-00-97 нөҥүө «Мой бизнес» киин исписэлиистэриттэн консультация уонна эбии информацияны ылыаххын сөп. Олохтоох аһы-үөлү, хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорор  буоллаххына субсидияны куоттарыма!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....