Нолуок сокуонугар уларыйыылар киирдилэр
Ахсынньы 1 күнүгэр физическэй сирэйдэргэ 2020 сыллааҕы баай-дуол нолуогун болдьоҕо бүтэр. Итинэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ сылын аайы буоларын курдук тырааныспар, сир учаастактарын уонна хапытаалынай тутуу эбийиэктэрин бас билээччилэригэр сэрэтии сурук ыытааһына саҕаланна. Бу туһунан алтынньы 21 күнүнээҕи физическэй сирэйдэр төлүүр нолуоктарыгар уларыйыылар тустарынан брифиҥҥэ Арассыыйа ФНС СӨ 5 №-дээх Оройуоннар икки ардыларынааҕы инспекция начаалынньыга Владимир Тихонов иһитиннэрдэ.
Тэрээһиҥҥэ нолуок төлөөччүлэри кытта үлэлиир салаа начаалынньыга Лилия Егорова, 3 №-дээх камеральнай бэрэбиэркэ салаатын начаалынньыга Оксана Соловьева кытыннылар.
2020 сыллааҕы баай-дуол нолуогун ааҕан таһаарыыга уларыйыылар киирбиттэр. Ол курдук, баай-дуол уонна сир нолуогар эбийиэктэр саҥа кадастровай сыаналара киирбит.
«Ол иһин ити нолуоктар суумалара үрдээбит, 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ 10%-тан тахсыбатах», – диэн бэлиэтээтэ Владимир Тихонов.
СӨ нолуок политикатын туһунан сокуонунан тырааныспар нолуогар гражданнар икки категорияларыгар саҥа чэпчэтии киирбит – элбэх оҕолоох ыал биир төрөппүтүгэр, чэпчэки уйуктаах массыынаҕа, матасыыкылга, мотороллерга, оптуобуска эбэтэр таһаҕас тиэйэр массыынаҕа.
«Чэпчэтии социальнай харалта уорганнарыгар учуокка турар элбэх оҕолоох ыал испииһэгинэн оҥоһуллуоҕа. Ити дааннайдары нолуок уорганнарыгар ситэриилээх былаас уорганнара биэриэхтэрэ», – диэтэ Владимир Тихонов.
Итини сэргэ тырааныспардарыгар гаас араас көрүҥүн туттар физическэй сирэйдэр уонна предпринимателлэр нолуоктарыгар 50% чэпчэтии көрүллэр.
«Чэпчэтиинэн туһанар курдук нолуок төлөөччүлэр ханнык оттугунан сылдьарын көрдөрөр тырааныспардарын пааспарын куопуйатын көрдөрөллөр», – диэн бэлиэтээтэ Владимир Тихонов.
Ити чэпчэтиилэр 5 сыл тухары баар буолуохтара. Баай-дуол уонна сир нолуоктара Дьокуускай куорат, оттон тырааныспар нолуога өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэригэр киирэллэр.
Владимир Тихонов гражданнары баай-дуол нолуогун болдьоҕор төлүүллэригэр ыҥырда. Нолуок сулууспатын үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, 2020 иккис кыбаарталын нолуогуттан коронавирус дьаҥыттан эмсэҕэлээбит эйгэҕэ үлэлээбит предпринимателлэр босхолоноллор. Маны сэргэ www.nalog.ru сайтка уонна «Налоги ФЛ» мобильнай сыһыарыыга нолуок төлөөччү тус кэбиниэтин оҥостор туһунан санатылынна.