31.08.2021 | 10:00 | Просмотров: 571

Николай Валуев уонна Евгений Григорьев эдэр боксердары кытта көрүстүлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр РФ Госдуматын депутата, экология уонна тулалыыр эйгэни харыстыыр  кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Николай Валуев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эдэр боксердары – өрөспүүбүлүкэ спортивнай оскуолаларын иитиллээччилэрин кытта көрүстүлэр. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Боксаҕа WBA версиятынан ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду экс-чемпиона Николай Валуев «Триумф» спортивнай бэлэмнэнии Киинигэр үүнэр көлүөнэ спортсменнарга бэйэтин боксаҕа ситиһиилэрин, спортка карьератын, инники былааннарын, Саха сиригэр кэлбит сыалын уонна Горнай  улууһугар баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥоһуутун туһунан кэпсээтэ. 
«Биһиги сүрүн сорукпут – доруобай, спортивнай ыччаты иитэн таһаарыы, эһиги – Арассыыйа спортивнай эрэлэ буолаҕыт», – диэтэ Николай Валуев. Депутат бэлиэтээбитинэн, саҥа спортивнай эбийиэктэр – дойду бэрэсидьиэнин, бырабыыталыстыбатын, Саха сирин былааһын иннигэр турар спорт сайдыытыгар сүрүн соругунан буолаллар.  
Куорат баһылыга Евгений Григорьев көрсүһүү кыттааччыларын аатыттан Николай Валуевка бириэмэ булан эдэр боксердары кытта кэлэн көрсүбүтүн, уопут атастаспытын иһин махталын тириэртэ. 
«Бүгүҥҥү көрсүһүү оҕолорбут олохторугар умнуллубат түгэнинэн буолла. Аан дойду чемпиона, Саха сиригэр атын сыаллаах кэлэн баран быыс булан үүнэр көлүөнэни кытта көрсүбүтэ, олоххо бэйэтин көрүүлэрин, былааннарын үллэстибитэ үөрүүлээх. Федеральнай киин уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа баһаартан эмсэҕэлээбит ойуурдары чөлүгэр түһэриигэ улахан болҕомтону уурарын көрөбүт», – диэн бэлиэтээтэ  Евгений Григорьев.
Көрсүһүү кэнниттэн эдэр спортсменнар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы орто спортивнай оскуола-интэринээти бүтэрбит Валентин Иванов Николай Валуев боксаҕа эрэ буолбакка, өссө чэпчэки атлетикаҕа спорт маастара буоларын билбитин эттэ. «Мин урут кинини Арассыыйа күрэхтэһиилэригэр көрөр этим, олус аһаҕас, ылбаҕай майгылаах киһи. Бүгүҥҥү тэрээһини наһаа сөбүлээтим, аатырбыт чемпиону бары үөрэ көрүстүбүт», – диэн үллэһиннэ  спортсмен.
Р.М. Дмитриев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай резервэ училищетын (колледжын) устудьуона Ренат Захаров спордунан дьарыгы хаһан баҕарар саҕылыахха сөбүн этэр. «Николай Валуев спордунан 20 сааһыттан эрэ дьарыктанан саҕалаабытын соһуйа иһиттим. Өссө кини баскетболунан дьарыктаммыт. Кинини 5 сыл билэбин, кини киирсиилэрин көрөн улааппытым диэххэ сөп. Бэйэм боксанан 10 сааспыттан дьырыктанабын», – диэтэ  Ренат Захаров.  
Көрсүһүү эдэр спортсменнарга туһалаах, кэрэхсэбиллээх, умнуллубат түгэнинэн буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.