17.05.2024 | 16:00

Николай Тарскай 100 сааһынан үбүлүөйдээх дьаһаллар

Николай Тарскай  100 сааһынан үбүлүөйдээх дьаһаллар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Саха сиригэр физкультура уонна спорт сайдарыгар улахан кылааттаах, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сыла киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтэннэ. Н.Н. Тарскай 1924 с. ыам ыйын 8 күнүгэр Уус Алдан улууһун Баатаҕайыгар күн сирин көрбүтэ.

Баай ис хоһоонноох быыстапка

Пушкин аатынан библиотекаҕа Н.Н. Тарскай олоҕун, айымньылаах үлэтин көрдөрөр быыстапка туруорулунна. Уһулуччулаах тэрийээччи, салайааччы орто уола Александр Тарскай, сиэнэ Людмила, чугас аймахтара Кулагиннар кыттыыны ыллылар. Билигин Москваҕа олорор, үлэлиир уола Александр Николаевич санаатын үллэстэригэр, аҕата Н.Н. Тарскай 1945 с. атырдьах ыйын 30 күнүгэр “Байыаннай-физическэй өртүнэн бэлэмнээһиҥҥэ ситиһиилэрин иһин” ылбыт наҕараадатын, 1957 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар киирбитэ 325 сылынан, Саха АССР промышленнаһа, тыатын хаһаайыстыбата уонна култуурата сайдыытыгар үтүөлэрин иһин, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамоталарын көрдөрдө. Оҕо сылдьан Каландарашвили уул., 8 дьиэтигэр икки кыбартыыралаах мас дьиэҕэ олорор эрдэхтэринэ, аҕалара командировкалартан кытай теннис мээчиктэрин аҕаларын, күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа спутниктар көтөн ааһалларын кэтииллэрин, Уус Майаҕа олорор кэмнэригэр Муокуйа үрэҕэр киирэн уот оттон кус үтэн сиэтэрин, күөгүлүүллэрин, хапсаҕай албастарыгар үөрэтэрин, убайа Сергейдиин, быраата Николайдыын баскетболунан, гимнастиканан, тустуунан, спортивнай ориентированиенан дьарыктаммыттарын, күн бүгүнүгэр диэри сэрээккэлиирин, хамсанарын-имсэнэрин кэпсээтэ.

Дириҥ ис хоһоонноох быыстапка үгүс үтүө өйдөбүлү сахта, историяҕа тиһиллэр үйэлэргэ өлбөөдүйбэт чахчылары кытта билиһиннэрдэ.

Чэбдигирдэр сэрээккэлэр

Н.Н. Тарскай төрөөбүт ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ ыытылынна. Болуоссакка элбэх киһи мустубута, тэтимнээх музыка, ыытааччылар эрчимнээх куоластара көрөргө-истэргэ үчүгэй! Физическэй култуура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев сэрээккэһиттэри эҕэрдэлээтилэр. Евгений Григорьев бэйэтин сөбүлүүр хамсаныыларын көрдөрдө. ГТО оонньууларыгар Арассыыйа муҥутуур чөмпүйүөнэ Игнатий Чомчоев, “профессионалларга” Арассыыйа үрүҥ көмүс призера Александра Барашкова, Арассыыйа кыһыл көмүс медалистара Леонид Зырянов, Дьулус Бубякин күн устата үчүгэй туруктаах сылдьыы хамсаныыларыгар үөрэттилэр. Флешмобу университет преподавателэ Лия Дмитриева салайан ыытта.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев сайын устата күннэтэ 28 балаһаакканан, болуоссаттарынан, стадионнарынан ыытыллар чэбдигирдэр сэрээккэлэргэ ыҥырда. Хаалыктаах хаамыы уонна куорат Уопсастыбаннай палаататын салайааччыта Матвей Лыткин, хаамыы инструктора Владимир Иванов ыам ыйын 25 күнүгэр “Стимул” хаамыы кулуубун күрэхтэһиитэ буоларын иһитиннэрдилэр. Дьааҥыттан Полина Домнина “Стимул” салайааччылара Матвей Лыткин уонна Владимир Иванов хоту улуустарга хаалыктаах хаамыыны тарҕатыыга үлэ бөҕөнү ыыппыттарын сэһэргээтэ. Тэрээһиҥҥэ Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай салалтатытан Тарскай биир дойдулаахтара уонча киһи, ол иһигэр “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай кытыннылар.

Сибэкки дьөрбөтүн ууруу

“Туймаада” стадиоҥҥа киириигэ турар Н.Н. Тарскай өйдөбүнньүк бюһугар сибэкки дьөрбөтүн ууруу долгутуулаах түгэнигэр куорат олохтоохторо, ыалдьыттар, спорт бэтэрээннэрэ, уопсастыбаннас, Н.Н. Тарскай хаан-уруу аймахтара сырыттылар.

Эҕэрдэ тылы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков, физическэй култуура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Уус Алдан улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Илья Артамонов, Н.Н. Тарскай төрөппүт уола Александр Тарскай эттилэр. Чуолаан, Александр Жирков Тарскай төһө да кылгас олоҕу олордор, таһаарыылаах үлэтэ уос номоҕор сылдьарын, кыра ычалаах дьон кини сырдык аатын өлбөөрдө сатаан Тарскай аатынан өрөспүүбүлүкэ тустууга чемпионатын тохтото сылдьыбыттарын олимпиецтар Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов уопсастыбаннаһы туруораннар сөргүппүттэрин, Н.Н. Тарскай дьыалатын үйэтитэргэ бэрэсидьиэннэр В.А. Штыров 80 сылыгар, Е.А. Борисов 90 сылыгар уонна А.С. Николаев үбүлүөйдээх 100 сылыгар туһуламмыт Ыйаахтары таһаарбыттарын, “Туймаада” стадиоҥҥа Н.Н. Тарскай аата иҥэриллибитин, өйдөбүнньүк бюст, Бороҕоннооҕу Спорт дыбарыаһын иннигэр скульптор В.В. Бочкарев чочуйан оҥорбут Тарскай хааман иһэр пааматынньыга туруоруллубуттарын, физкултуураҕа уонна спорка ырааҕы өтө көрөр этиилэрэ олоххо киллэриллибиттэрин чорботон бэлиэтээтэ.

Төгүрүк остуол

Бырабыыталыстыба 2-ис нүөмэрдээх дьиэтигэр буолан ааспыт үөрүүлээх мунньахха Н.Н. Тарскай олоҕун, үлэтин билиһиннэрэр түгэннэр видео-киинэ улахан экраныгар көрдөрүллэн болҕомтону тартылар.

Үөрүүлээх дьаһалы физическэй култуура уонна спорт миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай салайда. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччыта А.Н. Жирков, спорт миниистирэ Л.Н. Спиридонов, Уус Алдан улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта И.Ю. Артамонов, РФ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ А.Е. Алексеев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ А.М. Алексеев, ХИФУ Физкултуураҕа уонна спорка институтун дириэктэрэ Н.Е. Гоголев, төрөппүт уола А.Н. Тарскай, Спорт музейын дириэктэрэ М.Е. Друзьянов тыл эттилэр, үйэтитиигэ үлэлэһэр дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр.

Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай Н.Н. Тарскай төрөөбүт Араҥастаах алааһыгар Олимпийскай чөмпүйүөннэр Роман Дмитриев, Павел Пинигин сэргэ туруоруутун сиэригэр-туомугар сылдьыбыттарын, Тарскайдар балаҕаннара сөргүтүллүөхтээҕин, үөрэммит Чараҥайын оскуолата музей буолан үлэлиирин, учууталлаабыт кэмигэр байыаннай-патриотическай иитиигэ оҥортообут окуопаларын, байыаннай-спортивнай тэриллэрэ саҥардыллыахтаахтарын, бэлиэ стела туруоруллуохтааҕын уонна бэс ыйын 8 күнүгэр Н.Н. Тарскай  100 сылынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үбүлүөйдээх ыһыах тэриллэрин, маннык ис хоһоонноох үлэлэр салгыы ыытылла   туруохтарын эттэ.

1977-1986 сс. спорт миниистиринэн үлэлээбит Афанасий Алексеев Тарскай аан дойдуга тахсыахтааҕын туһунан остуоруйа курдук ыра санаалара олоххо киирбиттэрин, “Н.Н. Тарскай” кинигэ ааптардара Н.И.Мордовская-Тарскаяҕа, “Дьулурҕан” хаһыат эрэдээктэрэ П.С. Павловка кыһыл көмүс мэтээллэри туттартаата уонна уус алданнарга өр сылларга Н.Н. Тарскайы үйэтитиинэн дьарыктанар Петр Семеновичка Д.П. Коркин бириэмийэтин лауреатын аатын туруорсарга сорудахтаата. 

СӨ спорка музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов Н.Н. Тарскай “Ыстаҥа” ыстатыйата тахсыбыт 1954 с. “Физкультура и спорт” сурунаалы, 1955-1956 сс. “Список специалистов и переписка с комитетами о наборе в физкультурные учебные заведения РСФСР” диэн олохтоох каадыры үүннэриигэ үлэтин, Дьокуускайдааҕы педучилищены саптарбатаҕын туһунан уо.д.а. докумуоннардаах паапкатын Н.Н. Тарскай уолугар Александр Николаевичка бэлэхтээтэ.

1950-1960 сс. өрөспүүбүлүкэ күүстээх быһыйа, дэгиттэр спортсмен, норуот артыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Алексеев Н.Н. Тарскай илии баттааһыннаах грамоталарын көрдөрбүтэ сэҥээриини үөскэттэ.

Мунньах үгэнигэр “Айар” кинигэ кыһатыгар “Республика чулуу дьоно” сериянан тахсыбыт “Николай Тарскай” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Ааптардар Наталья Мордовская уонна суруналыыс Петр Павлов кинигэ хайдах оҥоһуллубутун кэпсээтилэр.

Ити курдук биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, талааннаах тэрийээччи, салайааччы, ССРС физическэй култууратын туйгуна Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах дьаһаллар өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылыннылар.

Үтүө аат умнуллубат, дьоһун дьыалалар салҕаналлар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....